Олунньу ый туһунан ааттаах-суоллаах дьон быһаарыылара:
Хотугу сахалар олунньуну күн тахсар ыйа дииллэр.
Олунньуну атырдьах ыйа батыһар.
Олунньу ортотун эргин дьыбар тахсар былыта кэлэр. Сылаас буолара бастакы бэлиэтээһин дэнэр.
24 чыыһылаттан кыһын ахсыыр. Былыргылар этэллэринэн тымныы оҕуһун муоһа тостор.
Ый көмнөҕү түһэрэр уонна күнү көтөҕөр диэн икки тыаллаах.
Сааскы тибии саҕаланар. Кэлэр ыйдыын барыта холбоһон тоҕус тибии буоллаҕына, өҥ сыл күүтүллэр.
Ый уонна Үргэл алтыһыыта алта күҥҥэ буолар.
Кыһын устата дьон этэ — сиинэ биллэ айгыраан, ыарыы — дьаҥ элбиир, кут — сүр мөлтүүр, ону өй — санаа күүһүнэн толороллор. *Харыстанар, өрүһүттэр биир ньыманан олоҥхо истиитэ буолара*. Олоҥхо кыһыны этэҥҥэ туоруурга ураты суолталанар, тыл иччилэнэр.
Р.И.Бравина «Түүл-бит» кинигэтиттэн.
Онус ый, «дьыл уорҕата» дииллэрэ. Ол эбэтэр «дьыл оройо». Ити манныктан ааттаммыт : былыргы сахалар сайыннара уонна кыһыннара тэҥ алталыы ыйдаахтар. Кыһыҥҥы ый сэтинньиттэн ааҕыллан муус устар ыйынан түмүктэнэр. Сэтинньиттэн үс ыйы бүтэрэн олунньу ый маҥнайгы саҥата » дьыл ортото» дииллэр. Олунньу, кулун тутар уонна муус устар ыйынан дьыл иккис аҥаара бүтэн, биир сыл түмүктэнэр. Олунньу ый уратыта итинник.
Г.Е.Федоров — Сэһэн Дьөгүөр.
Бу ый былыргыттан олунньу диэн ааттаах.
Ый 12 күнүттэн дьыбар тахсар буолар, оттон 24 күнүттэн кыһын ахсыыр. Былыргылар этэллэринэн, тымныы оҕуһун кута — сүрэ тостор. Олунньу ортотун эргин дьыбар тахсар былыта кэлэр. Бу кэми арыт бастакы бэлиэтээһин дииллэр, т.д. кэлэр ый бу күннэригэр сылаас буолар.
А.Н.Павлов — Дабыл.
Олунньу алгыһа
_Улаҕалаах санаалаах,_
_Уларыйбат оҥоһуулаах_
_Одун Хаан төрдүм,_
_Бэттэх буол,_
_Көлдьүн былыты_
_Көтүтүмэ,_
_Албын былыты_
_Аҕалыма,_
_Кэби кэбэлий,_
_Үөрү үтэй,_
_Ыарыы үүтүн_
_Көбүтүмэ,_
_Дьаҥ салгынын_
_Таһаарыма._
_Төрүт сирбэр_
_Төлкөлөө,_
_Ийэ сирбэр_
_Кэскиллээ !_
_Саҥарбыт тылым_
_Саргыланнын !_
_Дом !_