Саҥа Дьыл сандалыта

Мин аатым Любовь Цеева диэн, Амма улууһун  Харама хайалаах Абаҕа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтүм, онно улааппытым. Икки кыыс оҕолоохпун, улаханым үлэһит, оттон кырам оскуола үөрэнээччитэ.  Дьокуускайга көһөн кэлбиппит номнуо уонтан тахса сыл буолла.  Дьиэ-уот туттан   быр-бааччы олоробут.

Мин «Дойдум аһа» эт сыаҕар  технологынан үлэлиибин.  Иллэҥ кэммэр   ас астыырбын устабын уонна ону социальнай ситимнэргэ таһаарабын. Сахалыы  кэпсиир, быһаарар буоламмын сурутааччыларым  олус сэҥээрэллэр. Биһиги саха ыала буоларбыт быһыытынан,  эти, балыгы наһаа сөбүлүүбүт.  Ол иһин, Саҥа дьыл бырааһынньыгар куруук сөбүлээн астыыр  ырысыаптарбын  үллэстиэхпин баҕарабын.

Духуопкаҕа буспут чыыр уонна хаас


Чыыр балыгы ириэрэн, ыраастаан баран сууйабыт уонна иһин-таһын  лимон уутунан сотобут.   Онтон сүөгэйгэ туус, хара биэрэс кутан булкуйан баран    балыкпытыгар  сыбыыбыт.  Ол кэнниттэн  180 С сылыйбыт  духуопкаҕа 35 мүнүүтэ  уган буһарабыт. Сүмэһиннээх  олус  минньигэс буолар, хортуосканы эбэтэр ирииһи  кытта  сиэххэ сөп.


Оттон хааспытыгар  туус, хара биэрэс уонна хартыыһа кутан баран үчүгэйдик сотобут.  Онтон дьаабылака  уксууһун ытыспытыгар кутабыт уонна   хааспыт  иһин-таһын эмиэ үчүгэйдик сотобут. Ол кэнниттэн  үс чаас туруорабыт. Онтон дьаабылаканы  бытархай гына кырбаан баран хааспыт иһигэр угабут. Таһын  соевай суоһунан сотон  баран аналлаах салапааҥҥа (рукавка) угабыт уонна  150 С сылыйбыт оһоххо  икки чаас  туруорабыт.  Онтон салапааммыт үөһэ өттүн хайытан баран  тохтубут сүмэһинин үрдүгэр кута-кутабыт  өссө биир чаас саһарчы  буһуор диэри туруорабыт.  Хааспыт олус сымнаҕас уонна  минньигэс буолар.

Помидортан  тымныы оҕонньоттор


Помидордары хаартыскаҕа курдук быһабыт уонна  истэрин  ыраастыыбыт. Сыыры бытархай гына   теркалаан баран  хойуу сүөгэйгэ булкуйабыт уонна помидордарбыт  истэригэр  угабыт. Төгүрүк  биэрэһинэн  харахтарын,  кыһыл биэрэһинэн муннуларын,  майаныаһынан  бытыктарын оҥоробут уонна сэлээпэлэрин кэтэрдэн кэбиһэбит. Маннык тымныы оҕонньоттору  оҕолор олус  сөбүлээн сииллэр.

Мандарин салаат


Икки ууллубут (плавленный) сыыры теркалыыбыт уонна онно теркаламмыт икки сымыыты, биир өлүү  чесногу,   бытархай гына кырбаммыт укуруобу  уонна майаныаһы  кутан  булкуйабыт. Ол кэнниттэн буспут моркуобу теркалаан баран  ас пленкатын үрдүгэр  тэнитэбит уонна  онно начыыммытын төгүрүтэн   уурабыт.  Маннык  төгүрүк  гына пуормалаан баран  моркуоппутугар суулаан кэбиһэбит.  Үрдүгэр  лавровай лииһинэн киэргэтэбит уонна холодильникка чаас курдук туруоран  сойутабыт. Бу курдук саҥа дьыллааҕы остуол  минньигэс уонна сонун аһа  бэлэм буолла.

Семгалаах туорт


150 гр хортуосканы, үс сымыыты, 100 гр  моркуобу буһаран бэлэмниибит. Туорт оҥорор пуормаҕа сулуойунан уурабыт. Хас сулуой аайы майаныастыырбытын умнубаппыт. Ол курдук, бастаан бытархай гына кырбаммыт хортуосканы, онтон семга балыгы,  ол кэнниттэн  күөх луугу кутабыт. Сымыыттары  бытархай гына кырбыыбыт уонна  майаныаһы кытта  булкуйан баран    кутабыт.  Онтон теркаламмыт моркуобу  кутан баран   майаныаһынан сотобут  уонна ордубут  балыгынан  салааппыт үрдүн  киэргэтэбит. Олус минньигэс уонна кэрэ көстүүлээх туорт бэлэм буолла.

 

Тыллаах кытай салаата


Тылбытын кытта   сыалайдыы  биир луугу,  аҕыйах устуука төгүрүк биэрэһи,  икки устуука лавровай лииһи уонна  туус кутан сымныар диэри буһарабыт.   Ол кэмҥэ соуспутун  оноробут. Онно  биэс ньуоска соевай соуһу, биир ньуоска ириис уксууһун,  үс  ньуоска кунжут арыытын булкуйан баран   кыратык туруора түһэбит. Икки  устуука сибиэһэй оҕурсуну чараас гына  соломолуу кырбыыбыт. Арыыта суох хобордооххо  кунжут сиэмэлэрин  саһарыахтарыгар диэри ыһаарылыыбыт  уонна оҕурсубутугар кутабыт.  Онтон  петрушка эбэтэр кинза сэбирдэҕин кырбаан  кутабыт уонна  хаппыт  аһыы  биэрэһи бытарытабыт.  Ол кэнниттэн  түөрт  устуука чесногу  илдьиритэн  кутабыт уонна  ол үрдүгэр бэлэмнээбит соуспутун кутан булкуйабыт.  Онтон тылбытын ыраастаан оҕурсу курдук чараас гына  кырбаан кутабыт уонна  биэс  мүнүүтэ туруоран баран сиибит.  Рестораҥҥа курдук олус   минньигэс салаат  буолар.

 

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...