Саҥа дьыллааҕы дьиктилээх түгэннэр

Күндү  бэлэх – уолчааммыт

Февронья: Улахан кыыспыт  Вилена Кыайыы күнүгэр күн сирин көрбүтэ.  Иккис кыыспыт Милана эбэтин төрөөбүт күнүттэн үс күн хойутаан, сэтинньи 19 күнүгэр, кырабыт Дайаана Ньукуолун күнүгэр төрүөхтээҕин   эрдэлээн ыам ыйын 20 күнүгэр  төрөөбүттэрэ. Оттон соҕотох уолбут  Алгыстаан Саҥа дьыл бэлэҕэ буолар. Кини  2012 сыллаахха ахсынньы 31 күнүгэр төрөөбүтэ. Дьиҥэр, барыллааһын быһыытынан 23-с чыыһылаҕа төрүөхтээх этим. Ол эрэн,   нэдиэлэ курдук хойутуурум буолуо диэммин   сэрэйбитим.   Онон  30-с чыыһылаҕа аспын-үөлбүн  астаан, дьиэбин-уоппун хомуйан, киэргэтэн бараммын утуйбутум. Сарсыҥҥы күнүгэр  итии  бүлүүдэлэрбин  эрэ астыахтаах этим. Ол түүн уум көтөн хаалан сүгүн   утуйбатаҕым. Сарсыарда алта аҥаар  чааска уум баран,  суһаллык “скорай” ыҥыраммын төрүүр дьиэҕэ  киирбитим.  Оҕом барахсан ийэтин уһуннук ыарытыннарбакка  күнүс чаас  аҥаарыгар төрөөбүтэ.  Оччолорго кыыс оҕолоох буоламмыт күүтүүлээх уолбут, кырдьык,   Саҥа дьыл  бэлэҕэ  буолан кэлбитэ.

Ол кэмтэн ыла биһиэхэ  Саҥа дьыл икки бүк дьоллоох  бырааһынньык.  Эбиэттэн киэһээ остуолбутун тардан  чугас дьоммутун, аймахтарбытын ыҥыран бастаан уолбут  төрөөбүт күнүн бэлиэтиибит.  Бу күн оҕобут төрөөбүт күнүнэн уонна Саҥа дьылынан иккитэ салют ытар үгэстээхпит. Ону таһынан, аҕабыт  Моруос оҕонньор таҥаһын кэтэн     ыалларбыт   оҕолорун  эҕэрдэлиир, сэмэй  бэлэхтэри туттарар үтүө үгэстээх.  Эһээбит урут  “биһиги аймахха улахан бырааһынньыкка  төрөөбүт  киһи суох эбит дии” диэн куруук саныыр үһү. Онтуката   сиэннэригэр кэлбит  диэммит  күлэбит.

Хаартыскаҕа  Февронья уонна  Юлиан Барашковтар  оҕолорунаан. 

 

Тапталбын көрсүбүтүм

Вера: Кэргэмминээн  бииргэ олорбуппут номнуо 13 сыл буолла. Улахаммыт  Харысхал бастакы кылааска үөрэнэр,   кыргыттарбыт Дайаана уонна Сайаана  уһуйааҥҥа сылдьаллар.  Кэргэммин Анатолийы  кытта    2010 сыллаахха  Саҥа дьыл күн билсибиппит.   Мин оруобуна 00.00 чааска “тапталбын көрсүөхпүн баҕарабын”  диэн ыра санаабын  кумааҕыга суруйан баран  умаппытым уонна сампааны кытта иһэн кэбиспитим. Ол кэнниттэн тута   «ВКонтакте»  социальнай ситимҥэ киирэммин доҕотторбун эҕэрдэлээбитим. Оччолорго бу ситим наһаа «популярнай» этэ. Онно олордохпуна   “Привет как дела?”  диэн биир билбэт уолбуттан сурук көтөн кэлбитэ.  Үүммүт саҥа сылынан эҕэрдэлэһэн  баран  кыратык да буоллар кэпсэппиппит. Онтон ыла   күн аайы суруйсар буолбуппут.

Тохсунньу 5 күнүгэр «Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр  испэктээкил  көрө ыҥырбытым. Ол саҕана  Култуура  колледжыгар  үөрэнэ сылдьар этим.  Онно бастакы  көрсүһүүбүтүгэр    харахпытынан хайҕаһан, сүрэхпитинэн  сөбүлэһэн,   “иккис аҥаарым, тапталым сылдьар эбит”  диэн сэрэйбиппит.   Ол кэмтэн  ыла ыал буолан  бииргэ олоробут. Онон    наһаа күүскэ  баҕардахха   ыра санаа  хайаан да туолар эбит диэммин билбитим.

Хаартыскаҕа  Вера  Софронеева.

 

Сүүйүүлээх дьыл

Анастасия: Саҥа дьыл бырааһынньыгын оҕо эрдэхпиттэн  наһаа  сөбүлүүбүн.  Ордук дэриэбинэҕэ ураты  алыптаах кэм буолааччы дии.  Остуоруйа дойдутун курдук киэркэйбит кулуупка, саала   ортотугар турар лаглайбыт харыйа араас өҥүнэн күлүмүрдүү оонньуура  астыктык көстөрө. Оннук биир күүтүүллээх Саҥа дьыл бырааһынньыгар лотереяҕа сыаналаах бириис  сүүйэн турабын.  Оччолорго сыл аайы  ийэбит хас биирдиибитигэр лотерея  билиэтин  ылан биэрэрэ.  Биэс билиэттэн  талан ыламмыт  кэннигэр ааппытын суруйан кэбиһэрбит. Сороҕор тугу да сүүйбэккэ хомойуу, сороҕор туох эмэ кыра бириискэ тиксэн үөрүү  бөҕөтө буоларбыт. Оннук биир дьоллоох түгэни үллэстиэхпин баҕарабын.

2003 сылы көрсөр Саҥа дьылга  ийэбит  үгэс быһыытынан лотерея билиэттэрин  ылан биэрбитэ. Сүрүн бириис   тэлэбиисэр этэ. Ахсынньы 31 күнүгэр  убайбын кытта  таҥнан-симэнэн киэһэ  кулуупка барбыппыт. Балтыбыт дьонун кытта остуол тарда хаалбыта. Кэнсиэр кэнниттэн  дьон бары күүппүт саамай “интригалаах” түгэнэ дьэ  тосхойон,  сыанаҕа  оҕону таһааран бастаан  ханнык бирииһи   оонньотоллорун  быһаардылар. Ол оҕо  “тэлэбиисэр” диэн суруктаах кумааҕыны ороон таһаараатын кытта,    “оо, пахай, сүрүн бирииһи таһаарда дии”, “чэ, интэриэһинэйэ бүттэ” эҥин диэн саҥалар иһиллэн барбыттара.  Ону ыытааччы “тахсыбыт да тахсыбыт, оонньотобут” диэтэ уонна  лотерея  нүөмэрин хостуур киһини ыҥырбыта. Онно   бииргэ төрөөбүт убайым сүүрэн тахсан хостооччу буолла.  Ыытааччы билиэт нүөмэрин ааҕан иһитиннэрбитигэр, арай, көрбүтүм мин тутан олорор билиэтим  эбит.  Наһаа  үөрдүм уонна  сыанаҕа сүүрэн таҕыстым. Саалаттан  “тыый, балтын билиэтин  хостоото дии”, “арааһа,  кэпсэтии быһылаах…” эҥин  диэн  дьээбэлэнэр саҥалар иһиллибиттэрэ. Оттон мин убайбынаан дэлби долгуйан, үөрүүбүтүттэн тииспит ыпсыбат буолуор диэри ырбайан баран турбуппут.  Хаһан да маннык сыаналаах бирииһи сүүйбэтэх буоламмыт,  киһи итэҕэйиэ  суоҕун курдук туох эрэ аптаах түгэн тосхойбута. Оннук үөрэн-көтөн дьиэбитигэр  “маа, паа, Танюшик, сүрүн бирииһи сүүйдүбүт” диэбитинэн киирэн кэлбиппит. Дьоммут соһуйуу,  үөрүү-көтүү  бөҕө буолбуттара.  Оннук өрө көтөҕүллэн, дьоллонон саҥа 2003 сылы көрсүбүппүт.

Хаартыскаҕа Анастасия уонна Герман Теряновтар оҕолорунаан.

 

Саҥа сылы суолга көрсүбүппүт

Виктория: Биһиги саҥа 2000 сылы суолга көрсөн турардаахпыт. Оччолорго 22 эрэ саастаах оҕолор   киэһэ аҕыс чааска Дьокуускайтан   дойдубутугар Горнайга  айанныырга быһаарыммыппыт.  Маҕараска   төрөппүттэрбит,  оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолорбут  баар буоланнар,  уон икки  чаас кэнниттэн кулуупка дискотекалыы  эҥин барыахпыт   диэн былааннаммыппыт.  Ол саҕана  хара «девятка» массыыналаах  наһаа «курутуой» курдук сананар  этибит. Кэргэним кыһыҥҥы кэмҥэ ыраах айаҥҥа   ыыта үөрүйэҕэ суоҕа. Оттон мин ол күн маанымсыйаммын эбитэ дуу, соппуосканан барбытым. Ити курдук, төрөппүттэрбитигэр соһуччу «сюрприз» оҥороорубут эппэккэбит эрэ айаҥҥа туруммуппут.

Маҕарас Дьокуускайтан 90 км тэйиччи сытар. Биһиги дойдулаан эрэр эдэр дьон муусукабытын “хайа тардан” баран айаннаан истибит. Арай, суолбут ортотугар массыынабыт  умуллан  хаалла. Кэргэним араастаан собуоттуу сатаата да кыайбата. Аны таһырдьа хабыс-хараҥа, тыбыс-тымныы… Биир да ааһар дьон суох, бары дьиэлэригэр бырааһынньыктаары олордохторо.   Массыынабыт иһэ түргэн баҕайытык тымныйан, түннүктэрэ кырыаран  хаалбытын өйдүүбүн.  Оттон биһиги  испиискэтэ да суох этибит. Кэргэним ыас хараҥаҕа массыынатын  копуотун арыйан тугу эрэ оҥостубута буолбута. Мин “ама, манан олохпут түмүктэнэр дуо? Туох иһин бачча эдэр сааспытыгар баран эрэбит? оҕобутун ким көрөр?” диэммин дэлби   “паникалаан” марылаччы ытаан бардым. Били  соппуоскалаах айаннаабытым хайа аанньа буолуой?  Атаҕым  үктэннэрбэт буолуор диэри тоҥмута. Кэргэним ыксаан   кэтэ сылдьар дубленкатын устан атахпын бүрүйбүтэ уонна бэйэтэ биир  бээһиҥкэлээх  массыынатын оҥосторун тохтоппотоҕо. Оннук балачча өр мучумааннаммыппыт.  Онтон кэргэним  “Вика, массыына уота көстөр” диэн хаһыытаабытыгар  тахсан көрө сатаабытым да,  оннооҕор аттыбар турар кэргэммин кыайан көрбөтөҕүм. Оччо  хараҥа, туманнаах  этэ.  Сотору буолан баран  Стас эмиэ хаһыытаабыта:  “Вика, көр, чахчы массыына эбит, биһиги диэки  иһэр”.  Онно көрбүтүм,  кырдьык, кыратык да буоллар уот кыламныыр этэ.  Дьэ,  быыһанар буоллубут диэммит наһаа үөрбүппүт уонна  көрбөккө ааһа туруохтара диэбит курдук суол ортотугар тахсан турунан кэбиспиппит.  УАЗ массыына эмискэ тохтоотун кытта суоппара  тахсан кэллэ.  Чугастан көрбүппүт олох да ыалбыт  Гаврил Ефремов эбит.  Кини ийэтин кытта Дьокуускайтан иһэллэр этэ. Дьиҥэр, Саҥа дьылы  куоракка көрсүөхтээхтэр эбит, ону  Маҕараска ыытыллар  лотереяҕа эрдэ билиэт ылбыттарын өйдөөннөр,  биһиги дьолбутугар төттөрү  айанныырга  быһаарыммыттар. Биһигини түргэн үлүгэрдик массыыналарыгар киллэрэн  биирдии үрүүмкэ буокка  иһэрдибиттэрэ уонна  массыынабытын состорон, кэргэним   30-ча км тоҥмут  массыынаны урууллаан  дойдубутун этэҥҥэ булбуппут.  Дьоммутугар тиийбиппит  номнуо  бырааһынньыктааҕы остуолларын хомуйан утуйаары сылдьаллар этэ.  Биһигини көрөн соһуйуу бөҕөтө буолбуттара, ол кэнниттэн  “бу оҕолор ыт буола сыспыттар” диэн  өр мөҕүллүбүппүт.

Хаартыскаҕа Виктория уонна Станислав Контоевтар,  оҕолорун,   сиэннэрин кытта.

 

Саҥа дьылы ытаан көрсүбүтүм

Жанна: Мин Дьокуускайга РФМШ-ҕа 10 кылааска үөрэнэр сылым, дьиэбэр Саҥа дьыллыы кэлэ сылдьабын. Саҥа дьыл буолар күнүгэр кулуупка бырааһынньыктааҕы кэнсиэр буолла. Кулууп дьиэтэ биһиги олорор дьиэбититтэн балачча тэйиччи турар.

Тэрээһиҥҥэ барыах иннинэ ийэлээхпин кытта “кэнсиэр кэнниттэн тута,  кулууптан чугас аймахтарын дьиэтин уларсан олорор эдьиийиҥ  аах Оксанкалаахха тиийээр, биһиги ас астаан баран тиийиэхпит. Саҥа дьылы онно көрсөбүт” диэн сөҥнөстүбүт.  Кэнсиэр кэнниттэн убайбын кытта булсан барыах баар эбит. Аны туран  эдьиийдээҕим дьиэлэригэр сылдьа иликпин, быһа холуйан  ханан баарын удумаҕалатабын эрэ.

Кулууптан чугас буолан бэрт түргэнник тиийдим эрээри  дьиэлэрэ уота суох, түннүктэрэ хабыс-хараҥалар. Арай, туман быыһынан көрдөхпүнэ,  сыста дьиэ  аҥарыгар уот кылахачыйар. Ол  атын ыал диэммин кыһамматым. Наһаа ыксаатым, 00.00 чаас чугаһаата, мин буоллаҕына сир-халлаан икки ардыгар Саҥа дьыл түүн туран хаалар кутталланным. Уһуну-киэҥи толкуйдуу турбакка, ыксаан, тоҥон, бэйэм дьиэбэр ыстанным. Арааһа, онно бааллар диэн санаа охсулунна уонна буутум быстарынан бөһүөлэк биир уһугар сүүрдүм. Таһырдьа ыт охсор киһитэ суох,  хайа киһи мин курдук Саҥа дьыл түүн сүүрэ оонньуу сылдьыаҕай?! Бээ, доҕор,  дьиэбэр диэри  син хаампахтаатаххына эрэ тиийэҕин. Сирэйим иһэлийэрэ бу кэллэ, буутум аһый-аһый гынар, били үтүөмсүйэн чараастык таҥныбыппын кэмсинним да, хайыыр да кыах суох. Манна туран хааллахпына  букатын да буорайабын. Онон хаамыы сүүрүү былаастаах дьиэбэр тиийдим. Ыраахтан тута сүрэҕим “пар” гынна – дьиэм уота суох, хабыс хараҥа.  Сүүрэн тиийдим, ааммыт ыбылы хатааһыннах турар. Аны биир соҕотох күлүүспүтүн, баччаҕа диэри кистии хаалларар бэйэлэрэ, төрүт даҕаны илдьэ барбыттар.

Букатын да ыксаатым, эмиэ төттөрү ыстанным. Сирэйбин илиибинэн аалабын, бууттарбын охсуолуубун, харахпыттан уу-хаар баһыахча. Ытыы туруом да, хаамыы да хаамыы. Аара дьиэлэр сандаарыы бөҕөлөр, бары уон икки чааһы ылаары үөрэ-көтө аҕай сырыттахтара. “Мин буоллаҕына бу дьаабылана сылдьабын” диэн син өйбөр бэйэбин сэмэлэнэбин, быыһыгар дьоммун мөҕүттэн да ылабын. Чэ, оннук эдьиийдээҕим дьиэлэригэр чугаһаатым, ыраахтан көрөбүн  эмиэ уоттара суох. Хайа, туох эрэйэй доҕор бу, ханна бары дьөлө түһэн хааллахтарай? Төннөр, ханна эрэ барар кыах суох, силиибэр тиийэ тоҥон турабын. Арай, дьиэ аҥара уоттаах – бырааһынньык үөрүүтэ, күлүүтэ-салыыта иһиллэр. Кимнээх буоллаҕай, манна киирэн иттиэххэ баара дии санаан, түннүккэ чугаһаан  иһиллээтим. Хайыа, мин аҕам саҥата оргуйан олорор дии, һууу!

Ааны тэлэйэ баттаан  оруобуна уон икки чааска, дьонум “ураа” хаһыыларын кытта  тэбис-тэҥҥэ    кырыа быыһынан көрөн киирэн кэллим.  Төрүт да миигин сүтэрбэтэхтэрин, туох да кыһалҕата суох үөрэ-көтө сып-сылаас дьиэҕэ бырааһынньыктыы олороллорун көрөн, аһыннаран  ытаан тоҕо бардым. Туох баар куттаммытым, ыксаабытым, ыгылыйбытым, кыһыйбытым барыта тахсыбыта буолуо. Онон, ити сыл Саҥа дьылы тоҥон-хатан, ытаан көрсөн турардаахпын.

Хаартыскаҕа Жанна Бурмистрова ийэтинээн Лидия Егоровна Григорьевалыын.

 

 Венера Охлопкова

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...