Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр «Далбар Хотун» сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ:

«Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева» туһунан Валентина Семенова суруйуутун.

– Анастасия Диодорова ийэтин олоҕун тургутууларын туһунан “Чыпчааллары дабайан, сулустуу чаҕылыйан” диэн Елена Иванова матырыйаалын.

– Ульяна Винокурова “Дьоллоох киһи – дойдумсах” диэн ыстатыйатын.

«Дьүкээбил суһума угуйар» диэҥҥэ Муома улууһун Улахан Чыыстай нэһилиэгин элбэх оҕолоох Соловьевтар ыал туһунан ааҕыҥ. Ааптар Сардаана Кузьмина.

– Эдэр ыал Теряновтар Саҥа дьылга симэммит алыптаах алаһаларыгар ыалдьыттыахха.

Үүнэр 2025 сылга туох күүтэрий? Ол туһунан айылҕалаах далбар хотуттар билгэлэрин ааҕыҥ.

– “Далбар олбох” рубрикаҕа урбаанньыт, “Сэрбэкэ” маҕаһыын, «Махтал» эрэстэрээн о.д.а. тэрилтэлэр хотуна Ньургустаана Лукиналыын истиҥ кэпсэтиини сэһэргээҥ.

– Сурунаал сирэйин киэргэппит баата оонньуурдары оҥорууга Туйаара Никифорова маастар-кылааһыгар үөрэниҥ. Ону таһынан, муода, бырааһынньыктааҕы остуолу киэргэтии, уһун өрөбүллэри дьиэ кэргэни кытта сэргэхтик атаарарга араас оонньуулар, минньигэс бүлүүдэлэр ырысыаптара киирдилэр.

Саҥа дьыллааҕы нүөмэрбит аккырыыкка бэлэхтээх. Манна чугас дьоҥҥутугар истиҥ тыллары суруйаҥҥыт сурунаалы кытта бэлэх уунуоххутун сөп.

Сурунаал «Бэчээт дьиэтин» 125 каб (Орджоникидзе уул 31) куруук атыыга баар. Оттон киоскаларга бу күннэргэ тахсыаҕа.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...

Ийэм мааны былаачыйата…

«Далбар Хотун 2021» күрэс кыттыылааҕа, "Иэйии Хотун" номинация кыайыылааҕа Галина Шкулева бу күннэргэ Москубаҕа Михаил Ефимович Николаев аатынан "Бэс чагда" санаторийга, анал байыаннай дьайыы...