Саха дьахтарын симэҕэ

Дьахтар симэҕэ саха итэҕэлин, духуобунай култууратын кытары сибээстээх. Сиппит-хоппут симэх элбэх элээмэттэн (детали) турар. Түҥ былыр саха уустара үрүҥ алтантан (медь), кыһыл алтантан (красная медь, бронза) таптайан оҥороллоро. Сыыйа үрүҥ көмүһү уһааран кутан оҥорор буолбуттар. Дэҥҥэ кыһыл көмүстэн куталлара. Дьэ, бу симэхпит туох-туох элээмэлэртэн турар эбитий?  Туоһахта — дьабака бэргэһэ дьобдьууругар тигиллэр төгүрүк эбэтэр дэлбиһэх быһыылаах хаптаҕай оҥоһук. Туоһахтаҕа айыы аймаҕыттан айдарыы бэлиэтэ, биис ууһун ытык харысхал оһуордара, ийэ кыыл дьаралыга, үрдүк халлаан аҕа таҥаратын кытары ситим ала бэлиэлэрэ тураллар. Туоһахта бастакы анала — куйах. «Кыргыс үйэтин» кэмигэр тимир туоһахтаны кураах бэргэһэ сүүһүгэр, оройугар, кэтэҕэр хараҕалаан сытыы оноҕостон көмүскэнэллэрэ. Оннук кэтэҕэр куйах туоһахталаах XVIII үйэ бастакы аҥарынааҕы бэргэһэни Э. Крубези арх. экспедицията Чурапчы улууһун Сэргэлээх алааһыгар хараллыбыт былыргы киһи уҥуоҕуттан булбут. Салгыы тахсыаҕа.

Саха дьахтарын симэҕэ — кыыс ситэн эргэ тахсар, ийэ буолар, биис ууһун тэнитэр кыахтаммытын бэлиэтэ. Иккиһинэн, ийэ кыыһыгар эбэтэр кийиитигэр хаалларар баайа-дуола, нэһилиэстибэтэ. Үсүһүнэн, төрдө-ууһа, удьуордарыттан тиксибит ытык бэлиэлэрэ. Төрдүһүнэн, бэйэтин уонна ыччатын харыстыыр ымыыта. Сахалар бэйэлэрин «күн улууһун, айыы аймаҕын» дьонобут дэнэллэрэ. Үрүҥ көмүс симэхтэр киһини айыылары кытары ситимниир аналлаахтар. Дьахтар симэҕэ үс, түөрт хаттыгастаах:
1. Үрүҥ айыы бэлиэтэ дьабака бэргэһэҕэ тигиллэр эбэтэр бастыҥа сирэйигэр олорор туоһахта. Ол эбэтэр, бас «салгын кут» уйата.
2. Илин кэбиһэр иитэ — ый ымыы «айдарыы». Бу соҕуруу халлаан айыытын Улуутуйар Улуу тойон көмүскэлэ.
3. Илин кэбиһэр ортотугар, түөскэ «күн» олорор. Бу «ийэ кут» уйата дэнэр.
4. Курданар кур тыла киирэр «ийэтэ» киини бүөлүү сытар. Бу «буор кут» харысхала. Киһи төрүүр-ууһуур аллараа өттүн көмүскүүр аналлаа.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...