«Саха сирин көмүс ыаллара» кинигэ сүрэхтэннэ

Ахсынньы 18 күнүгэр «Саха сирин көмүс ыаллара» диэн   кинигэ ахсыс таһаарыытын сүрэхтэниитэ буолан ааста.

Санатар буоллахха, бастакы кинигэ 2008 сыллаахха ЗАГС Саха сиринээ5и салаатын  көҕүлээһининэн тахсыбыта. Онтон ыла   Бырабыыталыстыба өйөбүлүн ылан номнуо ахсыс кинигэни сүрэхтээтилэр.  Саҥа кинигэҕэ   үйэ  аҥаара бииргэ олорбут, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрбит, оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин атахтарыгар туруорбут  103 ыал киирдэ.

Тэрээһиҥҥэ  өрөспүүбүлүкэ бас-көс дьоно:  ЗАГС   Саха сиринээҕи  салаатын  салайааччы Тамара Кривошапкина, СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Елена Теплякова,  Ил Түмэн дьиэ-кэргэҥҥэ  уонна оҕо аймах дьыалатыгар олохтоох хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова, Үөрэх уонна наука миниистирин солбуйааччы Иннокентий Афанасьев кыттыыны ыллылар.   Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов: “Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр «Үлэ сыла» оттон дойдуга «Педагог уонна настаабынньык сыла» түмүктэнэн эрэр. Үүнэр сылы дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Дьиэ кэргэн сылынан» биллэрдэ. Онон бу  дьоһун   кинигэ  2023 сылы түмүктээн таҕыста диэххэ сөп. Ааһан эрэр сылга үлэни-хамнаһы өрө туппут ыалларга улахан болҕомто ууруллубута”, – диэн бэлиэтээтэ.

Мария Васильева (СИА) хаартыскалара

 

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...