Саха таҥаһа аан дойдуга аатырар

“Этно-Эрато” Евразия норуоттарын национальнай таҥастарын үрдүк муодата XXII төгүлүн Москва куоракка ыытылынна. Күрэххэ Арассыыйа 20 регионнарыттан уонна 7 тас дойдуттан кыттыыны ыллылар. Түмүктүүр дьоро күн сэтинньи 25 күнүгэр буолан ааста. Күрэххэ 110 кэллиэксийэ көрүлүбүтүттэн, Саха сириттэн 9 араас кэллиэксийэ киирдэ. Бу көрүүгэ “Үрдэл”, “Сөргүтүү”, “Сириктэ”, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар иистэнньэҥнэрин түмсүүлэрэ кыттыыны ыллылар.

“Этнические мотивы в современном костюме” номинацияҕа бастакы миэстэни “Деловые образы с якутским орнаментом: офисный стиль” диэн Л.П. Жиркова салайааччылаах “Үктэл” айар түмсүү ылла. Ону таһынан, “Лучший костюм народов Севера, Сибири, Дальнего Востока” диэн номинацияҕа эмиэ бастаатылар. “Традиционные зимние шубы — Бууктаах сон” диэн кэллиэксийэлэрэ уһулуччу буолла.

Хоту дойдуга анаммыт номинацияларга иккис миэстэҕэ “Сириктэ” уонна А.Е. Куличкина салайааччылаах норуот маастардарын түмсүүлэрэ таҕыстылар. “Лучший этнически-сценический костюм в действии” диэн номинацияҕа иккис миэстэни Дьокуускайтан Надежда Софронова “Зов предков” диэн кэллиэксийэтинэн кыттан ылла.

“Этнические мотивы в современном костюме” диэн номинацияҕа А.Ф. Харлампьева салайааччылаах “Сөргүтүү” түмсүү “Божества и духи якутской мифологии” кэллиэксийэтэ үһүс миэстэ буолла. Бары кыттааччылары, кыайыылаахтары ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит. Өссө да ситиһиилэр кэлэ турдуннар.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...