САХААЙА ЯКОВЛЕВА БҮЛҮҮ УЛУУҺУН ХАЛБААКЫ НЭҺИЛИЭГИТТЭН ТӨРҮТТЭЭХ. ОЛОҤХО ТЫЙААТЫРЫН ИҺИНЭН ҮЛЭЛИИР САХА ҮҤКҮҮТҮН АЙАР ТҮҺҮЛГЭТИГЭР – “ЭРЭЛ” ҮҤКҮҮ НОРУОТ ТЫЙААТЫРЫГАР ҮЛЭЛИИР.
Икки сыллааҕыта дьаҥсык кэмигэр хааччахха олорон тугунан эмэ дьарыктаныах, айыах-тутуох санаам киирбитэ. Ол сайын дойдубар бара сылдьан ийэм сукунаттан тикпит хаппардарын көрөммүн олус сөбүлээбитим уонна оҥорон көрөргө быһаарыммытым. Тууйас курдук быһыылаах бастакы хаппардарбын оҥорон аймах дьоммор бэлэхтээбитим. Ийэбэр сэлээппэ угар холбука оҥорон биэрбитим. Бу бастакы улахан үлэм этэ. Онтон кыра-кыралаан үлэхтэр киирэн барбыттара. Билигин сахалыы моһуоннаах, эҥин быһыылаах хаппардары, маллаах иһиттэри оҥоробун.
Бастаан хаппар быһыытын, кээмэйин толкуйдуубун. Ол кэннэ хайдах өҥнөөх сукуналары дьүөрэлээн бүрүйэрбин быһаарабын. Кыбытык тигии ньыматын туттабын уонна туос иһит быһыытыгар майгыннатан хордуоҥҥа сукунаны силимнээн оҥоробун. Хас биирдии хаппарбар ис сүрэхпиттэн кыһаллабын, кичэйэбин. Кыыс-дьахтар тута сылдьарын көрдөхпүнэ олус үөрэбин. Киһи соһуйуох, атын улахан куораттартан эмиэ үлэһэллэр. Оннооҕор Лондоҥҥа ыытан турардаахпын.
Матырыйаалы буларга хааччах суох, Дьокуускайга барыта баар. Сүһэн ылыы уһуйаанын (маастар-кылаастары) оҥоруохпун баҕарабын да, култуура үлэһитэ буоларым быһыытынан, солом суоҕун кэриэтэ. Иллэҥ буоллум эрэ кэрийэ сылдьан матырыйаалларбын көрдүүбүн. Үлэм кэнниттэн хаппар оҥордохпуна сынньанар курдукпун. Маннык кэмҥэ иэйии бэйэтэ киирэр. Уонна ийэлээх, аҕам, дьиэм-уотум, төрөөбүт дойдум күүс-уох биэрэллэр. Этэллэр дии, киһи олоҕун тухары үөрэнэр диэн, онон өссө да билэрим-көрөрүм, айарым-тутарым иннибэр турдаҕа.
Венера Охлопкова