1.Сон — ис таба суох эбэтэр түүлээх тутан тигиллибит чараас сарыы, даба таҥас буолар.
2.Куттуук сон — кулун, торбуйах, таба тириититтэн тигиллибит кылгас курка курдук түүлээх сон.
3.Таҥалай сон — мааныга, сиэргэ-туомҥа кэтиллэр сон. Чараас сарыыттан, сукунаттан, араас таҥастан (сукуна, сокко, түүлээх, тирии) аттаран, киллэһиктээх тигэллэр.
4.Саҕынньах — түүлээх сон. Адьырҕа кыыллар тириилэриттэн тигиллэр. Холобур: эһэ, бөрө, бэдэр, саһыл, таарбаҕан, сиэгэн, муора кыылын (котик) тириилэриттэн.
5.Дьахтар сүктэр саҕынньаҕа үксүн бэдэр, таарбаҕан буолар.
6.Айаҥҥа кэтэр саҕынньах — бөрө, эһэ, тириитэ. Өлбүт киһи өлүнньүгэр түүлээх сон хайаан даҕаны киирэрэ. Соннор кытыыларыгар күндү түүлээх аттарыллан киирэрэ: киис, буобура, бэдэр. Сон ис өттүгэр намчы түүлээх туттуллар: кырынаас, тииҥ, саһыл (тыһа, өрөҕөтө) кырса (тыһа, кутуруга), куобах (сүүһэ, кулгааҕа, тыһа). Ардыгар сон иһигэр моҕотой, өргө, дьабара тириитин эмиэ тутталлара.
Далбар Хотун сурунаал. Сайпыт: dalbar.ru
Телеграм ханаалбытыгар киириҥ ⏭️https://t.me/dalbarxotyn