Сахалыы таҥаһы иччилиир иистэнньэҥ

Күүтүүлээх  сайыммыт, Ыһыах ыһар кэммит кэлбитинэн,   Чурапчы улууһун Үрүҥ Күөл бөһүөлэгиттэн төрүттээх, учуутал идэлээх Туйаара Уваровская ыалдьыттыыр.   Кини   Намнааҕы педагогическай  училищаны кыһыл дипломунан бүтэрэн баран,  Дьокуускайдааҕы 7-с уонна 14-с  нүөмэрдээх оскуолаларга черчения, уруһуй учууталынан үлэлээбит. Онтон айар  баҕата баһыйан, сыыйа-баайа иис эйгэтигэр сыстан,  билигин “көҥүл худуоһунньук” буолан   айа-тута сылдьар. 

Мин Говоровтар уонна Давыдовтар  халыҥ аймах бастакы күүтүүлээх сиэннэрэ,   маанылаабыт кыыстара буолабын.  Ийэлээх аҕам, хомойуох иһин, орто дойдуттан суох буолбуттара ыраатта.  Төрөппүттэрим  айар куттаах, тарбахтарыгар олус диэн талааннаах дьон этилэр.  Эбэм  Мотрена Прокопьевна норуот маастара, Саха сиригэр наивнай ускуустубаны  төрүттээбит киһинэн биллэр. Кини аатынан араас таһымнаах тэрээһиннэр куруук ыытыллаллар. Ити курдук, оҕо эрдэхпиттэн  иис-уус эйгэтигэр  улааппытым.  Инньэ гынан, идэбин ол хайысханан талбытым саарбаҕа суох.   

   Уус дьон бэйэлэрэ туспа уйулҕалаах, айылҕалаах буолаллар дии. Мин эмиэ иистэнэрбэр  хас биирдии килийиэним  ис туругун билээрибин  элбэхтэ кэпсэтэбин, ис-испиттэн кинилэри таайа сатыыбын. Онтон дьэ уобарастарын, таҥастарын моһуонун  толкуйдаан таһаарабын. Матырыйаалларын сабыгар, тимэҕэр тиийэ барытын бэйэм көрдөөн булабын. Дьон   “хайдах итиччэ элбэҕи бачча түргэнник тигэн бүтэрдиҥ?” диэн    соһуйааччылар. Социальнай ситимнэргэ эҥин ииспин, дьиэбин-уоппун хайдах оҥосторбун  барытын аһаҕастык көрдөрөбүн, кэпсиибин.  Сорохтор үөрүйэхтэрин  манньаҕа эрэ үллэстэр буоллахтарына,   мин норуоппар аһаҕаспын. Тоҕо диэтэххэ, дьону көҕүлүүрбүн, кэрэни  үллэстэрбин олус  сөбүлүүбүн.   

   Тус олоҕум туһунан сырдатар буоллахха, кэргэннээхпин, икки кыыс оҕолоохпун. Кыргыттарым иистэнэрбин, уһанарбын көрөн улааппыт буоланнар   бэркэ уруһуйдууллар, тигэллэр, барыны бары сатыыллар. Аҕалара ыарахан ыарыыттан  эдэр сааһыгар күн сириттэн күрэммитэ. Инньэ гынан, кыргыттарбын кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ сыһыаран улаатыннардым. Билигин иккиэн үөрэхтээх, үлэлээх-хамнастаах дьон.  Үс сыллааҕыта орто сааспар үктэнэн бараммын, тапталбын,  олоҕум аргыһын   Николайы көрсөммүн ыал буолбуппут. Кэргэним мас ууһа буолан  бэйэ-бэйэбитин тыл быһаҕаһыттан өйдөһөбүт, оннооҕор   олоххо көрүүбүт майгыннаһар курдук.  Онон толору дьиэ кэргэн буолан    быр-бааччы этэҥҥэ  олоробут. Олохпут өссө тупсубукка, киэргэйбиккэ дылы буолла.

Салҕыы Туйаара тикпит сахалыы таҥастарын көрүөхэйиҥ. Кырдьык даҕаны, хас биирдиилэрэ иччилээх, дууһалаах курдуктар. Оннооҕор  оҕуруолар  маастар сылаас илиитигэр бигэнэн, ис сүрэхтэн анньыллыбыттара көстөр.  Бу таҥастар  хаһаайыннарын киэргэтэллэрин таһынан, кинилэр ис кэрэлэрин арыйар сүдү аналлаахтар диэтэхпинэ, бука, алҕаһаабатым буолуо. Ол курдук, хас биирдиилэрэ  айыллан, “төрөөн” тахсыбыт   туспа устуоруйалаахтар эбит. Ол туһунан,  Туйаара  кэпсээбитин ааҕыҥ.

Нюргуяна Андреева ландшафтнай дизайнер идэлээх. Кини миэхэ кэлиэн иннинэ айар үлэбин социальнай  ситимнэр нөҥүө  үс сылы быһа кэтээн көрө, үөрэтэ сылдьыбыт этэ.  Инньэ гынан,   сүүс быраһыан эрэнэн,  айарбар-тутарбар  көҥүл биэрбитэ. “Эн  үлэлэргин  сүрэхпинэн-быарбынан  сөбүлээн кэллим” диэбитигэр  олус долгуйбутум. Ол  түмүгэр бу курдук ураты  оҥоһуулаах кэһиэччиктээх халадаай тигиллэн    таҕыста.

 Нюргуяна  “кэһиэччигим капюшоннаах буолуон сөп дуо?” диэн ыйыппытыгар,  кэһиэччик көннөрү капюшоннаах буолара  дьикти баҕайы буолуо диэммин,   дьабака бэргэһэ быһыытын курдук оҥоруохха сөп эбит дии  санаабытым. Аны матырыйаала икки өттүлээх  жаккард таҥас этэ. Ол иһин,   икки өттүнэн уонна   күннээҕигэ эмиэ кэтиллэрин курдук   оноото суох гына тикпитим. Килийиэним олус көхтөөх кэрэ аҥаар, онон  бу кэһиэччик Ыһыахха эрэ буолбакка  араас тэрээһиннэргэ  элбэхтик кэтиллиэ диэммин  эрэнэбин. Оттон халадаайын солко тусса таҥастан тикпитим, үс араас  өҥнөөх тесьмаларынан киэргэппитим. Ону таһынан, кэһиэччик өҥүн курдук оҕуруонан симээн  биэрбитим.  Байбаратын  тула  оҕуруоламмыта  эмиэ олус кэрэтик, уратытык көстөр. Уопсайынан, оҕуруону тиһэрбин, быысапкалыырбын  наһаа сөбүлүүбүн. Ураты буочарым онно сытар дии саныыбын.  Уонна, кэһиэччиккэ дьабака быһыылаах капюшону тигии  бэйэм  толкуйум буолар. Онон   саҥа сүүрээни киллэрбиппиттэн испэр сэмээр үөрэбин. Бу сахалыы таҥас   үгүс  дьон сэҥээриитин ылыан ылар.

Туйаара Григорьева – Кучу Туйаара  саха дьонугар киэҥник биллэр далбар хотун. Кэргэнинээн Александр – Саалтаанныын туспа суоллаах-иистээх, уйулҕалаах ыаллар диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо.  Кинилэр кучу чэйи иһии култууратын көрдөрөр сиэргэ-туомҥа кэтиллэр   таҥаһы үлэспиттэрэ.  Александр  худуоһунньук буолан   эскиһин барыллаан оҥорбут этэ. Ону ситэрэн-хоторон, толорон  биэрбитим. Аны оһуорун өҥүн түһээн көрбүтүм. Улахан үлэлэрбин түүлбэр көрөрүм, дьэ,  дьикти. Ол иһин да буолуо,   үлэлэрбин   иччилээх   курдуктар дииллэр.

 

Дууһабын, сүрэҕим сылааһын ууран туран чуумпуга олорон иистэнэрбин  сөбүлүүбүн.  Бу үлэх оруобуна дьаҥсык кэмигэр киирбитэ. Дьиэттэн тахсыбакка тууйуллан  олорор кэммитигэр  санаабын уоскутаары, холкутутаары кэлбит  эбит дии санаатым.  Бу таҥас тигиллибитэ үһүс сылыгар барда. Килийиэним наһаа үчүгэйдик харайан илдьэ сылдьарыттан олус  үөрэбин. Холобур, чэй бээтинэтэ  мээнэ барбат дии. Туйаара  ону сөпкө  сууйан-тараан  илдьэ сылдьара  сөхтөрөр.

Былаачыйа үөһээ,  аллараа өттүлэрин, бэргэһэтин   илиибинэн  быысапкалаабытым уонна оҕуруонан киэргэппитим. Тикпит таҥаһым аан дойдуну биир гына кэрийэ, саха аатын ааттата сылдьарыттан олус диэн  үөрэбин.

Биир дойдулааҕым  Саргылана Александрова  кэргэнинээн 55 саастарын туолар бэлиэ күннэригэр сахалыы таҥас тиктэрээрилэр миэхэ тахсыбыттара. Саргылана ураты  таҥаһы кэтиэхпин баҕарабын диэбитигэр толкуйга түспүтүм. Маҕаһыыннары кэрийэ сылдьан кэһиэччигин  матырыйаалын  булбуппут. Ону  көрөөт да  өйбөр хайдах буолуохтааҕын оҥорон көрбүтүм  уонна   кыраасканан ойуу түһэриэххэ сөбүн толкуйдаабытым. Инньэ гынан,  кэһиэччик ойуута барыта  илиинэн уруһуй буолар. Кыраасканан өҥ таһааран уруһуйдаан барбыппын бэйэм да билбэккэ хаалбытым. Онон бу биир ураты  көстүүлээх, оҥоһуулаах, кимиэхэ да суох  “эксклюзивнай” үлэм буолар. Сорохтор  таҥас бэйэтин ойуута дии саныахтара. Ол эрэн, чугастан көрдөххө  илиинэн  уруһуйдаммыта биллэр. Оттон халадаайын матырыйаала эмиэ  мээнэ таҥас буолбатах. Сибэкки ойуулаах жаккард курдук  солко таҥас, күн уотугар наһаа үчүгэйдик оонньуур, күлүмүрдүүр.

 

Быыстапкаларга эҥин кыттарбар  Саргылана куруук  таҥаһын уларсан абырыыр.  Бастакы дефилебар  суол сабыллан турар  кэмигэр айан бөҕөтүн айаннаан кэлэн  биэчэрбин олус киэргэппитэ. Дьон  сыанабыла  диэн ити  буоллаҕа дии.  Түгэнинэн туһанан  килийиэннэрбэр барыларыгар  улахан  махталбын тиэрдэбин. Бу курдук  дьон уруутугар, бэлиэ күннэригэр сэмэй  кылааппын киллэрэрбиттэн,  дьоллоох кэмнэрин    киэргэтэрбиттэн олус астынабын.

Оттон Афина Степанова  миигин социальнай   ситимҥэ булан,  матырыйаалын  бэйэтэ талан   аҕалбыта.  Халадаайын матырыйаала тиийбэккэ  маҕаһыын бөҕөтүн кэрийэн көрдөөбүппүт. Уустук өҥнөөх  буолан көстөн испэтэҕэ. Инньэ гынан,  сыл аҥаарын курдук күүппүтэ.  Онтон  сайыммыт чугаһаан, тугу эрэ толкуйдуохха наада диэммит,  халадаай дьүһүнүгэр   дьүөрэлээммит  күөх өҥү киллэрэргэ быһаарыммыппыт. Ол курдук, халадаайбыт бэлэнньигэр уонна байбаратыгар   күөх  өҥнөөх штапель матырыйаалы киллэрэн, ол үрдүгэр оранжевай өҥнөөх куруһубаны  ууран тикпитим.

Хата,  уратытык  айыллан ситэн-хотон  тахсыбыта. Оттон быһыытын килийиэним  Интэриниэт  ситимигэр көрбүт этэ.  Онно  майгыннатан кыратык уларытан-тэлэритэн,  эбэн-сабан  биэрбитим. Афина таҥаһын өҥүн  бэркэ талбыт. Матырыйаала  солко тусса уонна  бэйэтиттэн быысапкалаах тафта буолар. Дьон баҕа санааларын бу курдук тулуйан, кэтэһэн олоххо киллэрэллэрэ  олус үчүгэй.

Чугас дьүөгэм төрөппүттэрэ Екатерина  уонна Дмитрий  Елисеевтар  Нам улууһун олохтоохторо. Саамай эрэллээх үлэһээччилэрим диэхпин сөп. Екатеринаҕа   ыскаап муҥунан  сахалыы  танаһы тикпитим. Сыл аайы саҥаттан саҥаны  үлэһэр. Бу кэтэн турар таҥастарын кыһыл көмүс сыбаайбаларыгар анаан тиктэрбиттэрэ. Үтүө  дьон сырдык өҥнөөх таҥаһы кэтиэхтээхтэр диэн санааттан  айыллан тахсыбыта. Аны туран  нуорка тириититтэн уһуллар  саҕалаахтар уонна бэлэнньиктээхтэр. Ол иһин, кыһынын, сайынын  уларыта сылдьан кэтиэхтэрин сөп. Соннорун  мулине сабынан быысапкалаабытым уонна бытархай оҕуруонан киэргэппитим.

Дмитрий соно көстүүм  матырыйаалыттан, оттон  Екатерина  киэнэ жаккард таҥастан тигиллибитэ. Елисеевтар сүрдээх сэргэх,  олоххо көхтөөх  ыаллар. Нэһилиэктэригэр  ыытыллар тэрээһиннэргэ   куруук кытталлар. Екатерина  мин тикпит таҥастарбын кэтэн  араас таһымнаах күрэстэргэ кыттан өрүү бириистээх миэстэлэри  ылааччы. Холобур,  Намҥа буолбут  Олоҥхо Ыһыаҕар  сахалыы таҥас күрэһэр кыттан, “Анал аат”  номинация хаһаайкатынан буолбута.  Ити курдук, Екатерина уонна Дмитрий Елисеевтар  ааппын ааттата сылдьар саха мааны ыала буолаллар.

Саргылана  Антонова  НВК-ҕа  бас эрэдээктэринэн үлэлиир. Бу кэтэн турар таҥаһа  икки сыллааҕыта тигиллибитэ. Халадаайын  матырыйаалын  бэйэтэ булан  аҕалбыта.  Борустуой халадаайтан олох  атын  моһуоннааҕы   баҕарарын,   ураты өҥнөөҕү  кэтэргэ бэлэмин  туһунан   эппитэ.    Дьэ, ол кэнниттэн кэһиэччик тигиллиэхтээх матырыйаалын көрдөөбүппүт. Элбэҕи сыымайдаан биир дьикти  өҥнөөх, ойуулаах жаккард матырыйаалы булбуппут. Бу таҥаска  үгүс дьахтар  хараҕын хатыа суоҕа  этэ. Уопсайынан, килийиэннэрим   мин илиибин-атахпын баайбаттара наһаа үчүгэй, төһө баҕар айарбар-тутарбар  көҥүл биэрэллэр.

Сорохтор маҕаһыыннарынан  тэбис-тэҥҥэ сылдьыһаллар,   мин  көрүүбүн утарсыбаттар. Оннук хас биирдиилэригэр  бириэмэбин, болҕомтобун    аныыбын.  Ол да иһин буолуо, тикпит таҥастарым  атыттартан ураты буолаллар. Өҥнүүн-дьүһүннүүн,  быһыылыын-таһаалыын хаһаайыттарыгар  барсар, кинилэргэ  эрэ анаммыт курдук  айыллан  тахсаллар. Килийиэннэрбэр “матырыйаалгытын бэйэҕит булан аҕалаарыҥ”  диэммин   хаһан да эппэппин. Тоҕо диэтэххэ, дьон  барыта онно  быһаарсар буолбатах. Ол иһин, сабыгар, тимэҕэр тиийэ бэйэм көрдөөн булабын уонна  сирэйдэригэр-харахтарыгар, быһыыларыгар, ис туруктарыгар  барсары   тигэн  таһаарабын.

Туйаара Андреева хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

 

 Венера Охлопкова

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Модун санаалаахтар

Сэрии сылларыгар тыылга төһүү үлэһит күүһүнэн эр дьон оннугар дьахталлар хаалбыттара. Салайааччыттан саҕалаан дьиэ хаһаайкатыгар тиийэ бары ийэлэр, эдэр кыргыттар, оҕолор алдьархай ааҥнаабытын, дойду...

«ДАЛБАР ХОТУН» Төҥүлүгэ

Ахсынньы 12 күнүгэр "Далбар хотун" сурунаал Төҥүлү нэһилиэгин "Доруобуйа" түмсүү далбардарын кытта көрүстэ. Бу күн олохтоохтор сурунаал үлэһиттэрин "Сайдам" общественнай түмсүү дьиэтигэр үөрэ-көтө көрүстүлэр....

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...