Сахалыы тыыннаах “Саһарҕа” уһуйаан иитээччитэ Татьяна Алексеева

Орто Халыма сахалыы тыыннаах “Саһарҕа” сандаарар оҕо уһуйаанын иитээччитэ  Татьяна Дмитриевна Алексеева кэнчээри ыччаты иитэн-үэрэтэн, ийэ тыл кэрэтигэр уһуйан, оҕо кыратыттан сайдар эйгэтин тэрийэн 43 сыл устата кэрэҕэ-үрдүккэ сирдээн, айан-тутан кэллэ. Биһиги наставникпыт “Отличник образования РС(Я), “За вклад в развитии ДО РС (Я), “За вклад в развитии ДО Среднеколымского улуса”, “Юбилейный знак – 100 лет дошкольному Образованию РС(Я)”, “Почетная грамота Министерства просвещения Российской Федерации”  диэн элбэх грамота хаhаайката, үрдүк категориялаах  иитээччи.

Кини Дьокуускайдааҕы педагическай училищены 1980 сыллаахха бүтэрбитэ. Төрөөбүт дойдутугар Сылгы Ыытар бөһүөлэгэр уһуйуллубут уһуйааныгар үлэлии кэлбитэ. 10 сыл устата биэс выпуһу таһаарбыта. 1995 сыллаахха Орто Халымаҕа саҥа тутуллубут сахалыы тыллаах “Саһарҕа” уһуйааҥҥа үлэтин салҕаабыта. Группатын сахалыы тыыннаан  “Сардаана” диэн ааттаабыта. Билигин  “Сардаана” бөлөх номнуо тохсус  выпуһун таһаарда. Тоҕо бөлөххүн «Сардаана» диэн ааттаабыккыный диэн ыйыппыппар Татьяна Дмитриевна маннык хоруйдаабыта: «Саха сиригэр үүнэр сардаана сибэккини сэргии көрбөт киһи, арааһа, суоҕа булуо. Сибэкки кэрэтэ хоһооҥҥо хоһуллар, ырыаҕа ылланар. Хас биирдиибит сүрэҕин манньытар. Өскөтүн, ньургуһун күүстээх санааны туоһулуур буоллаҕына, сардаана сибэкки сахаларга ураты суолталаах сырдык санаа, ыраас таптал туоһута, кэрэҕэ  тардыһыы бэлиэтэ. Оттон биһиги кыракый оҕолорбут сибэкки курдук кыралар, нарыннар уонна дьоллоохтор».

2020 сыллаахха Татьяна Дмитриевна үлэлээбитэ 40 сылын бэлиэтээн айар киэһэтин тэрийбитэ. Онно дьыл кэмнэринэн айаннаппыта уонна кумааҕынан бэйэтэ оҥорбут 40 сардаана сибэккитин үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрдөрбүтэ. Ону таһынан тус быыстапкатын тэрийэн, харах хайгыыр үлэлэрин дьон-сэргэ көрүүтүгэр таһаарбыта.

Уһуйааччы уонна Наставник сылыгар бу эйгэҕэ үлэлиир дьоҥҥо улахан болҕомто уурулунна. Ол курдук, хас сылын аайы ыытыллар улуустааҕы уһуйааччылар күрэхтэрэ “Уһуйааччы уонна Наставник” диэн ааттанан олус интириэһинэйдик ыытыллыбыта.

Бу күрэххэ Татьяна Дмитриевна туора турбакка, бэйэтин кытары тэҥҥэ үлэлии сылдьар эдэр эрчимнээх иитээччини Александра Альбертовнаны кытары ситиһиилээхтик кыттан 1 миэстэни ылары ситиспиттэрэ. Бу үлэлииллэригэр саҥа сүүрээни киллэрэн   — “ Педагогический кейс”, “Мой выбор” бырайыагы наставник уонна иитээччи бииргэ былаан ылынан уһуйааччы сырдыкка, билиигэ уопутун эдэрдэргэ тириэрдэр бэртээхэй  хартыынатын көрбүппүт.

Хас биирдии киһи олоҕор педагог уонна уһуйааччы диэн ѳйдѳбүл быһаччы сыһыаннаах диэн сыаналыыбын. Тоҕо диэтэххэ, киһи тѳрѳѳн бу орто дойдуга олоҕун буларыгар кини уһуйааччыттан, иитээччиттэн кынаттанан олоҕун булар, киэҥ суолга аттанар. Ол иһин хас биирдии киһиэхэ уһуйааччы, иитээччи, педагог билиитэ-кѳрүүтэ туһалаах уонна олоҕун оҥосторугар тѳһүү күүс буолар.

Бу курдук өбүгэлэрбит сахалыы өс хоһооннорун “Кырдьаҕастан сүбэтин, эдэртэн эрчимин» диэн мээнэҕэ эппэтэхтэр эбит. Наставник дьоммутун өрө тутуоҕуҥ, опыт атастаһыаҕыҥ, өйдүү-саныы сылдьыаҕыҥ, эдэр эрчимнээх үлэһиттэр саҥалыы көрүүлэрин олоххо киллэриэҕиҥ, биир сомоҕо буолан үлэлиэҕиҥ.

Варвара Дмитриевна  Оконешникова

“Саһарҕа” оҕо уһуйаанын иитээччитэ

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...