Сергей Расторгуев чолбоно – цирк

Кини, оҕо саас күлүм-чаҕыл уоттаах сырдык эйгэтин уһатарга олоҕун анаабыта. Кини, халлаан куйаарыттан түспүт Кыра Тыгын (Маленький принц. Экзюпери) курдук бэйэтин ураты эйгэтин, бэйэтэ айбыта. Ол — Цирк. Цирк — киһи муҥур кыаҕын көрдөрөр, тулуурга, сатабылга, бэрээдэккэ үөрэтэр, угуйар сөҕүмэр Чолбон (Планета). Цирк — бэйэтэ күннээҕи олох сокуоннарыттан туспа сокуоннаах, кэһиллибэт үгэстэрдээх, хас биирдии киһиттэн тутулуктаах тутуллаах  уустук искусство саарыстыбата. Маннык ураты чолбону Сахабыт сиригэр төрүттээбитэ.

Сергей Васильевич Расторгуев.

Марфа уонна Сергей Расторгуевтар ааттарынан Саха Циркэтин генеральнай дириэктэрэ, уус-уран салайааччыта, Россия уонна Саха Республикатын үтүөлээх артыыстара, Россия Циркэтин деятеллэрин Сойууһун чилиэнэ, Саха республикатын Общественнай балаататын Култуура боппуруостарыгар Хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ, Кытай Народнай республикатын Циркэлэрин Ассоциациятын Бочуоттаах чилиэнэ, Дружба уордьан кавалера Сергей Васильевич Расторгуев.

Мин Сергей Васильевичтыын көрсүһэн кэпсэтээри циркаҕа тиийдим. Көрүдүөр хараҥа уотугар көрдөхпүнэ, киһим лаппа доҕолоҥноон иһэр.

— Сергей Васильевич, айар үлэҥ 50 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээри түбүгүрэ аҕай сылдьар эбиккин. Уонна, өрөгөйдөөх киэһэҥ улахан тэрээһинигэр бу маннык атахтаах хайдах тахсаҕын?

— “Лоокуут уонна Ньургуһун” киинэттэн собуоттанан, эдэр сылдьан Сэбиэскэй кэмҥэ киэҥник биллибит “Песняры” ырыа ансаамбылын кытары Индияҕа гастроллуу бара сылдьан суруйбут “Туруйалар” диэн ырыабар, клип устубуппут. Онно, айылҕаҕа таһааран устубуттарыгар бадарааны көрбөккө халтарыйан, түөрэ үктээбитим. Көрдөрбүтүм, атаҕым бэгэччэгин уҥуоҕа эчэйбит. Салгыы эмтэнэн,  бырагыраамманы тохтоппокко, тэрээһини тэрийиэхпит. Манна Москватааҕы Никулин циркатыттан, Беларусияттан, Казахстантан, Таджикистантан, бииргэ үлэлэһэр циркэлэрбититтэн биллэр артыыстар кэлиэхтээхтэр. Ырыаларым, “Кырдьаҕас клоун” нүөмэрим, саха барабааннарыгар оонньуурум эҥин, чэ, элбэх солун баар буолуоҕа. Билиэт барыта барбыт, иккис күнү көрдөһөн туруортардылар.

— Дьэ ити, “өл да төрөө”, таҕыс диэ?

— Оттон, циркэ сокуона оннук. Манна эчэйииттэн куоппаккын билэ-билэ киирэҕин. Циркэ искусствота тулуурунан хатарыллан тахсары ирдиир. Ол иһин хас биирдии киһиэхэ эппиэтинэс улахан. Эн ону бэйэҥ бэркэ билэҕин, — Сергей Васильевич буолуохтаахха айманарбын дьиктиргээбиттии көрөн олорон хардарар.

— Эһиги Марфа Петровналыын бу Саха циркэтэ баар буоларын туһугар биир даҕаны күн сынньыммакка бэриниилээхтик  үлэлээн олоххутун ууран биэрдигит. Дьэ, билигин 70 сааскын туолан олорон, бу туох искусство туһугар турууласпыккытын өйдөөтүҥ дуо?

— Өйдөөн. Сырабыт таах хаалбата диэн астынабын. Көр ээ, урут биһиги маннык кэрэ саарыстыбатыгар тиийиэхпит диэн ыраланар этибит дуо? Оо, өссө оҥоһуллубут бырайыак бүтүннүү сиппитэ буоллар, хайдахтаах курдук саха дьоно киэн туттуо этилэрий. Ону баара, “Иккис уочарат” улахан аҥарбыт кыайан тутуллубакка турара абаккалаах. Сырыы аайы үбүлүөх буолан үөрдэллэр даҕаны, хамсыахча хамсаабат. 2005 сыллаахха, Вячеслав Анатольевич Штыров сорудах бөҕөнү биэрэн, олох саҕалатыах курдук буолан испиппит даҕаны, кыаллыбакка хаалбыта. Ил Дарханнарбыт бары төттөрү аспаттар, өйдүүллэр эрээри, баччаҕа диэри суох. Аны, бу циркэ миэхэ баайыллыбыт курдук буолан хаалла. Марфам суох буолбутун утаа Егор Афанасьевич Борисов ыҥыран ылан, ааккытын иҥэриэ этибит, көҥүллүүгүн дуо диэн, көҥүл ылбыта. Инньэ гынан 2017 сыллаахха биһиги ааппыт бу циркэҕэ иҥэриллибитэ. Онон, аны куотар кыаҕым суох. Көрүн ээ, бу! – Сергей Васильевич ойон туран, харыстабыллаахтык ууран сытыарар циркэ “иккис аҥара” тутуллуохтаах бырайыагын остуолга ууран, арыйа баттаата. Биһиги харахпыт иннигэр киэҥ тэлгэһэлээх, туспа киһи түһэр дьиэлээх, инникилээн иһэр аныгы технологиянан тутуллуохтаах манежтаах, көрүөхтэн кэрэ көстүүлээх циркэ бүттүүнүн (комплекс) улахан аҥара арылла түстэ.

— Тыый, тоҕо үчүгэйэй! Куйаартан түспүт халлаан эттигин курдук! Бу биһиги куораппытыгар дуо?! – диэн сөҕөн, долгуйан саҥа аллайдыбыт.

— Бу манна, куорат киинин биир муҥутуур бастыҥ тутуута буолуохтаах этэ, ону баара… Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич сүрдээх аныгылыы көрүүлээх (креативный) салайааччы, өйүүр. Тугу эрэ хамсатар ини диэн эрэнэбит. Бүдүгүрэ кырдьа иликпинэ түмүктүөхпүн баҕарабын. Биһиги норуоппутугар туохтааҕар даҕаны патриотическэй, эстетическэй, психологическэй иитиини биэрэр буолбатах дуо, цирк? — Сергей Васильевич ис сүрэҕиттэн долгуйара көстөр. — Циркэ диэн норуот бэйэтин искусствота. Көрөөччүгэ дөбөҥнүк тиийимтиэ, демократичнай буолан улаханныын-кыралыын бары сылдьаллар. Дьон манна кэлэн киһи муҥур кыаҕын көрөн санаата көтөҕүллэр, олоххо тардыһыыта күүһүрэр, ис кыаҕа уһуктар. “Киһи манныгы сатыыр, кыайар буоллаҕына, биһиги туох итэҕэстээхпитий” диэн, хорсуна киирэр. Аны, билигин, ыччат сылдьар сирэ даҕаны аҕыйах, ол иһин атыы кииннэригэр мусталлар. Арай бу тутуу бүттүн, бары манна сылдьан солуну, кэрэни сэргиэ, ытыктыа, таптыа этилэр.

Цирк барыны холбуур синтетическэй искусство. Манна искусство эрэ буолбакка туох баар киһи аймах айбыт дьиктитэ, кэрэтэ барыта кыттыһар. Уус-уран литература, балет, музыка, театр, эт-хаан сайдыыта, спорт бары көрүҥнэрэ, олоҥхо, опера, саҥа технологиялар онтон даҕаны атыттар муҥура суох киирэ туруохтарын сөп.

Дьэ, маны барытын холбуу тутан норуоппутугар көрдөрөөрү Марфалыын маҥнай, циркэ суоҕуна “Ойуун” диэн синтез-театр тэриммиппит. Онно – фольклорнай инструменнарга музыка, пантомима, жонглёрдааһын, акробатика сорҕолоро, ырыа, үҥкүү, иллюзион уонна даҕаны  араас жанрдар киирэллэрэ. Онтон былыргы сахаларга итини барытын баһылыыр дэгиттэр киһинэн ойуун буоллаҕа дии.

Циркэни киһи аймах кыаҕы, талааны көрдөрөөрү айбыта, ол иһин бары таптыыллар. Былыр диир буоллахпыт дии, Сэбиэскэй кэмҥэ омуктар ССРС-ка киирэн баран, хайаан даҕаны циркэҕэ сылдьаллара. Сэбиэскэй циркэ кыаҕын, уратытын көрөн сөҕөөрү-махтайаары, дуоһуйаары. Биллэн турар, бу кэрэ саарыстыбатыгар, дьон дөбөҥнүк тиийимтиэ ньыманан дойдуну, дьону таптыырга, кэрэни ытыктыырга иитиллэллэр.

— Билиҥҥи циркэ Сэбиэскэй циркэттэн туох уратылааҕый?

— Сэбиэскэй Сойуус циркэтэ бүтүннүү судаарыстыбаттан үбүлэммит улууканнаах механизм этэ. Республика аайы аатырбыт бөлөхтөр (труппалар) бааллара. Олор Аан дойдуну барытын кэрийэ сылдьан үтүммэннээх үбү киллэрэллэрэ. Онно анаан норуокка биллэринэн “конвеер” диэн айбыттара. Ол биир улахан ситим. Бөлөхтөр көһө сылдьан солбуһа саҥаттан саҥа бырагырааммалары циркэ ханна баар, онно көрдөрөллөрө. Итилэргэ анаан улахан циркэ дьиэлэрэ, бүтүн комплекстар тутуллаллара. Онно гостиница, остолобуой, кыыллары тутар хаһаалар, киэҥ иэннээх тиэргэннэр (кыыллары чэччитэргэ), бэл бүтүн пааркалар киирсэллэрэ. Тоҕо диэтэххэ, циркэ артыыстара сылы сыллаан эрдэ былааннаммыт кыраапыгынан айанныыллара, тохтообут сирдэригэр хастыы эмэ ый олороллоро, ол иһин дьиэ кэргэттэрин бүтүннүү илдьэ сылдьаллара. Кэлбит сирдэригэр тута оҕолоро оскуолаҕа ылыллаллара. Быһата, оччотооҕу цирк бүтүн Эйгэ (Мир) этэ. Омук сирдэригэр Сэбиэскэй циркэни хамаҕатык ылаллара уонна хас эмэ сыл инниттэн тиийиэхтээх бырагырааммаларын, кыраапыктарын оҥороллоро уонна ол кэһиллибэт этэ. Онтон ССРС ыһыллыытыгар ити бүтүннүү ыһыллыбыта. Ол түмүгэр улууканнаах уораҕайдар кыайан бэйэлэрин үбүлэммэт буолан нэһиилэ тыынар буолбуттара. Билигин ону чөлүгэр түһэрээри үлэлэһэ сатыыллар. Култуурунай-общественнэй киини тэрийиэххэйиҥ дэһии баар. Онтон Росгосцирк син биир баар курдук. Онно үс тыһыынчаттан тахса артыыс киирэр эрээри, үгүстэр үлэнэн кыайан хааччыллыбаттар. 40-ча циркэ дьиэтэ үлэлиир. Сорохторго реконструкция ыытыллар, холобур, бу соторутааҕыта Владивосток циркэтин аныгылыы бэртээхэй гына өрөмүөннээн бүтэрдилэр. Маны таһынан кэтэх циркэлэр бааллар. Холобур, Гия Эрадзе диэн киһи кыра бөлөхтөн (труппа) саҕалаан хас даҕаны улахан кэллэктииби тэрийдэ. Кини бырагырааммата, көстүүмнэрэ үчүгэй буолан дьон көхтөөхтүк сылдьаллар. Дьиҥэр бырагыраамматтан тутулуктаах. Үчүгэйгэ дьон сылдьар. Онно элбэх үп ирдэнэр. Аныгы технологияны, креативы күүскэ киллэрэр былааннаахтар.

Бэйэбит туһунан эттэххэ, биһиги циркэбит Россия эрэ  үрдүнэн буолбакка, биллэр биир бастыҥ оскуолалаах циркэ. Хотугу култуурабытын киллэрэн биэрэрбитинэн улахан уратылаахпыт. Национальнай циркэлэргэ, ордук үрдүк таһымҥа турар да диэтэххэ алҕас буолбат. Ол барыта үлэттэн, салайааччы аптарытыатыттан, республика өйүүрүттэн тахсар. Ити таһымтан түспэт баҕалаахпыт.

Үбүлээһин кырыымчык буолан сиппэт-хоппот биһиэхэ даҕаны баһаам. Холобур, Москва режиссердарын, композитордарын, циркэҕэ аналлаах көстүүмнэри тигэр бастыҥ дизайнердарын кытары “Земля мамонта” диэн киэҥник биһирэммит циркэ этно-шоутун быйыл саас оҥорбуппут. Үбүлээһинэ тиийбэккэ былааннаммыт сорук толору кыайан сиппэтэҕэ. Ол эрээри, бэйэбит холбутугар үчүгэй бырагыраамманы таһаарбыппыт. Соҕурууҥҥулар сөҕөллөр этэ. Арай сиппит буоллун? Саха сирэ киэн туттуута буолуохтаах этэ. Циркэ театр курдук ый аайы репертуары кыайан уларыппат, биир үчүгэйи оҥорбутун хастыы эмэ сыл, баҕар үйэтин даҕаны тухары илдьэ сылдьар. Холобур, ити оҥорбут акробаттарбыт нүөмэрдэрин трюктэрин хайдах санаатаҕыҥ аайы уларытыаҥый? Таҥаһа, музыката, антурааһа, реквизитэ, саҥа биир-икки трюк  эрэ уларыйар кыахтаах. Ол иһин кэллэктиип көһө сылдьан атынтан атын көрөөччүгэ тахсар. Дьэ, холобур адьырҕа кыыллар нүөмэрдэрин хайдах уларытыаҥый? Оннук үйэлэрин тухары биир аттракционунан сылдьаллар. Дьиҥэр циркэ туризм сайдыытыгар биир төһүү күүс буолар. Ханна даҕаны суох ураты бырагыраамманы көрөөрү төһөлөөх киһи манна тоҕуоруһуо этэй. Бу соторутааҕыта Алма-Атаҕа киинэ бэстибээлигэр баран кэлбитим. Онно саха киинэтин бырагыраамматыгар биһиги циркэбит “Земля мамонта” цирковой туруоруубутун  “браво”, “молодцы” хаһыынан доҕуһуоллаан, көрөөччүлэр киэҥ биһирэбиллэрин ылбыппыт. Онуоха, биллиилээх режиссербут Никита Аржаков “биһиги искусствобытын Аан дойду таһымыгар таһаарар, дьиҥнээх киэн туттуубут бу циркэбит эбит” диэбитэ.

Саха сиригэр, идэтийбит циркэ артыыстара ирдэнэллэрин өйдөөн, үс көлүөнэ циркэ артыыстарын бөлөхтөрүн бырабыытылыстыбабыт өйөөн, үбүлээн Кытайга үөрэттэрдибит. Аны маннааҕы Россия циркэтин үөрэҕэр эмиэ.  Ол түмүгэр кэллэктииппит үрдүк таһымнаах идэтийбит артыыстардаах Аан дойду үрдүнэн суох, сэдэх национальнай циркэ буолар. Билигин сүрүннээн гастролларга иккис уонна үһүс көлүөнэ Кытай циркэтин оскуолатыгар үөрэммит акробаттар, жонглёрдар уонна Москваҕа үөрэммит канатоходецтар сылдьаллар.

Дьиҥэр цирка артыыһыгар хас биирдии сыл куотара улахан сүтүк. Онтон биһиги бу хамсык эҥин мэһэйдээн үс сыл ханна да тахсыбакка олордубут. Ол иннинэ норуоттар икки ардыларынааҕы улахан бэстибээллэргэ, күрэхтэргэ, холобур, Монте-Карлоҕа, Испанияҕа уонна даҕаны атын сирдэргэ кыттан, куруук үрдүк бириистэргэ тиксэрбит. Ол циркэ биристииһин көтөҕөр. Дьэ онтон быйыл, үс бэстибээлгэ кыттан үс сүрүн бириистэри ыллыбыт. Москватааҕы Никулин циркэтин “Артист” I-кы норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлигэр Алтан (Бронза) статуэтка бирииһи “Воздушные мачты” диэн ханна даҕаны суох нүөмэрбит ылла. Ону Кытайтан кэлбит кэнники бөлөх артыыстарбытыгар Москва режиссердара туруорбуттара. Акробаттар бөлөхтөрүн салайааччыта Саха республикатын үтүөлээх артыыһа Александр Посельскай. Астанааҕа, “Эхо Азии” XIV циркэ артыыстарын бэстибээлигэр эмиэ Алтан (Бронза) бирииһи ыллыбыт. Казахстан Алма-Ата куоратыгар ыытыллар циркэ бэстибээлигэр Роман Романов салайыытынан “Трио жонглеров” нүөмэрбит, олох даҕаны “Көмүс бириистэрин” ылла. Онон, быйыл, быйаҥнаах дьыл. Бу барыта, артыыс сайдарыгар, циркэ аата биллэригэ ирдэнэр суоллар.

Билигин, 2019 сыллаахха Кытайга үөрэнэн кэлбит 30 артыыстаах бөлөхпүт аны сааскыга диэри уһун кэмнээх гастролга сылдьар. Балаҕан ыйыгар, Алма-Атаҕа уонтан тахса күн 1700 миэстэлээх циркэҕэ бүтүннүү аншлагынан аастылар. Билигин Ташкеҥҥа сылдьаллар. Онтон Астанааҕа, салгыы Шымкеҥҥэ, Карагандаҕа гастроллуохтара. Бөлөх бэйэтин бэйэтэ үбүлэнэр. Мантан баралларыгар айаннарын бырабыытылыстыба, Култуура уонна Духуобунас министиэристибэтэ уйуммуттара. Улахан махтал. Эһиилгиттэн Россия киин куораттарынан Санкт-Петербургунан, Москубанан эҥин гастроллуур былаан баар.

— Билигин Сибиргэ ордук ханнык циркэ биллэрий. Мин өйдүүрбүнэн Новосибирскэй, Хабаровскай, Иркутскай эҥин курдук куораттарга биллэр циркэлэр бааллара.

— Бүтүннүү эстибиттэрин кэриэтэ. Бу Сибииргэ биһиги Сахабыт Циркэтэ эрэ биллэр уонна тэтимнээхтик үлэлиир. Ол барыта, бырабыытылыстыбабыт өйүүр буолан. Циркэ улахан ороскуоттаах тэрилтэ. Онон инники даҕаны өйөөн кэлбит уонна билигин даҕаны өйүүр салайааччыларбытыгар махтаныах тустаахпыт. Кинилэр, биһиги үүнэр көлүөнэбит циркэ кэрэ эйгэтиттэн маппакка, ол искусство иитэр-үөрэтэр суолтатын билэ улааталларыгар, туһалааҕын өйдүүллэр. Билигин Саха сиригэр циркэҕэ сылдьыбатах оҕо диэн суох. Миэхэ: “Оҕо сааһым кэрэ өйдөбүлэ циркэҕэ сылдьыбыт түгэним, “Президент харыйатын” күлүм-чаҕыл уота…” диэн элбэх улахан киһи билинэр. Үгэс буолбут “Ил Дархан харыйата” олус улахан суолталаах эбит. Онно сылдьыбыт дьон оҕо саастарын дьоллоох түгэнинэн ахталлар. Быйыл хотугу норуоттар остуоруйаларын түмэн эмиэ кыахпытынан Саҥа Дьыллааҕы үчүгэй бырагыраамманы көрдөрүөхпүт. Ону циркэ сүрүн режиссера Мария Павловна Попова туруорар.

Сергей Васильевич бэйэтэ, кимҥэ даҕаны майгыннаабат, солун көрүүлэрин эдэр эрдэҕиттэн нүөмэрдэригэр киллэрэр идэлээх. Холобур, “Хотугу дьүкээбил” диэн аар-саарга аатырбыт чабычахтарынан жонглёрдуур, уһун ураҕас төбөтүгэр ууруллубут чорооҥҥо мээчик (билигин бриллиант) быраҕан киллэрэр нүөмэрдэрэ, циркэ историятын арыйбыттара. Кини айымньылаах олоҕо биир даҕаны түгэн тохтообот, ол курдук циркэтин таһынан республикаҕа ыытыллар улахан тэрээһиннэри туруорар итэҕэли ылбыта ыраатта. Холобур, “Азия Оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕа оҕолор күрэхтэһиилэрин түмүгүн режиссердаабыта, уос номоҕор киирбитэ. Ону таһынан: спорт араас оонньууларын, спартакиадалар  арыллыыларын бар дьонун астыннара туруорар. Кэлиҥҥи үлэлэрэ; Амма уонна Уус-Алдан улуустарыгар ыытыллыбыт спартакиадалар култуурунай тэрээһиннэрэ. Кэлэр 2024 сылга кини төрөөбүт дойдутугар Аммаҕа ыытыллыахтаах “Олоҥхо ыһыаҕын” туруораары бэлэмнэнэр.

Сергей Васильевич ырата элбэх:

— Ала бэлиэ (бренд) буолбут “Мамонтенок” циркэ бэстибээлбит салгыы ыытыллыах тустаах, бу, норуоттар доҕордоһууларын чэчирэтэр циркэ баар суох бастыҥ бэстибээлэ. Аны, үчүгэй Цирк Шапито ылар уталыйбат сорук турар. Тоҕо диэтэххэ ол көһө сылдьар циркэни илдьэ сылдьан бу бэйэлээх сыраласпыт бырагырааммаларбытын Россия көрөөччүлэригэр көрдөрөн үп киллэриэхтээх буоллахпыт дии. Онно  Шапитону илдьэ сылдьар ороскуота кыра буолуо этэ.

 

— Чэ, бэйи, циркэттэн тэйэ түһүөх. Тус олоххун кэпсэтиэх.

— Ээ, син биир онно тиийэ туруохпут, көрөөр. “Ыалдьартан илии арахпат” диэн баар буолбат дуо?

Оҕо сааһым Аммаҕа ааспыта. Төрөппүттэрим хомуньуус, ахтыбыыс дьон буолан туохха барытыгар кытталлара. Дьиэ иһэ бүтүннүү кинигэ буолааччы. Дьиэ кэргэнинэн спордунан дьарыктанарбыт. Аҕам тутааччы этэ уонна спорт национальнай көрүҥнэригэр, сүүрүүгэ эҥин республика чөмпүйүөнэ буолуталыыра. Бэл, Дьокуускайтан Верхоянскайга диэри хайыһарынан “марш-бросок” оҥорбуттарын өйдүүбүн. Бултуурун сөбүлүүрэ, онон уолаттары барыбытын булка уһуйбута. Мин, 2-с кылаастан 7-кэ диэри Черемных Анатолий Александровичка байааҥҥа үөрэммитим. Ийэм буоллаҕына хорумуоскаҕа үөрэппитэ. Музыкальнай оскуоланы бүтэрэрбэр Ленинградка муусука үөрэҕэр ыыта сыспыттара, хата табыллыбатаҕа. Композитор буолуохтааҕым оҕордук хаалбыта. Наһаа бантаасыйалаах, дьээбэлээх оҕо этим. Оҕолор Юрий Никулин аатын уларытан “Никульё” диэн хос ааттыыллара. Биирдэ эмээхсин буолбута буолан эбэм хотонугар ынах ыы олордоҕуна киирэн, күкүр аттыгар хараҥаҕа олорон өр баҕайы кэпсэттим. Эбэм билбэтэ, кырдьах-хордьук кэпсэтэр. Онтон күлэн тоҕо барбыппар үүтүн тоҕо түһэрэ сыста: “Ээ, бу оҕо кубулуна сылдьар эбит дуу, бар, мантан таҕыс!” — диэн соһуйан үүрбүтэ. Эбэм Даарыйа эмээхсин биллэр олоҥхоһут этэ. Омук сириттэн  суруналыыс кэлэн олоҥхотун, сэһэннэрин  устан барбыт этэ.

Сыыйа куоракка көспүппүт. Ол кэлэн, манна, Оҕо дыбарыаһыгар куруһуокка мээчиктэри быраҕаттыы эҥин үөрэммитим. Оскуоланы бүтэрбитим кэннэ артыыс Юрий Платонов “бу талааннаах оҕо сылдьар” диэн бэлиэтии көрөн, Москваҕа эстрада үөрэҕэр ыыппыта. Ол “Якутская Эстрада-72” диэн этэ. Ону бары билэҕит.

— Онно олоҕуҥ аргыһын Марфа Петровна Колесованы көрүстэҕиҥ дии?

— Үөрэнэ сылдьан чугаһаабат этим. Онтон гастролларга сылдьан кыралаан дьэ сэҥээрэр буолбутум. Оччолорго ким даҕаны сахалартан омук сиригэр тахсыбат этэ. Арай биирдэ Марфаны Швецияҕа ССРС норуоттарын култууратын көрдөрөр бөлөххө киллэрэн ыыттылар. Онно өр баҕайы сылдьан баран, дьэ кыыспыт уларыйан аҕай кэллэ. Париктаах, косметика бөҕө, күлүөс бүрүүкэ эҥин. Онно олох атын киһи курдук көрбүтүм. Оччо кэрэ кыыһы хайдах таптыам суоҕай, бары даҕаны сэҥээрбиттэрэ, чаҕылыҥнаан кыыс да кыыс. Аны ити иннинэ, 1972 сыллаахха Францияҕа ССРС 50 сылын бэлиэтиир тэрээһиҥҥэ Сойуус үрдүнэн 15 бастыҥ кэллэктииптэр истэригэр кини сахалартан соҕотоҕун сүүмэрдэнэн киирэн барбыта. Парижка 6000 миэстэлээх саалга 60 кэнсиэргэ саха хомуһунан, тойугунан кыттыбыта.

1974 сыллаахха бэс ыйын 1 күнүгэр ардах бөҕө ортотунан Мэҥэ Хаҥалас Наахаратын Сэбиэтигэр баран саахсаламмыппыт. Саҥа Дьыл буолаары турдаҕына,  ахсынньы 29 күнүгэр, гастролтан кэлэн баран, уруу оҥорбуппут. Таҥаспытын буоллаҕына Наахараттан сылдьар Марфа доҕотторо устудьуоннартан уларсан таҥныбыппыт. Оччолорго соҕурууҥҥу артыыстар кэлэн  биһигини кытта гастроллуур этилэр, кинилэр эҥин бааллар, олох кэнсиэр курдук буолбута. Сүктэр кыыспыт бэйэтэ эмиэ ыллаан ыһыллаҥнатар. Көр бөҕө. Биһиги олохпут барыта айан, кэнсиэр, биир тыынынан Саҥа Дьыл күлүм-чаҕыл киэһэтин курдук ааспыта. Тугу эрэ ылыстыбыт даҕаны тиһэҕэр тиэрдэн тэйэр бириинсиптээх этибит. Бу циркэ биллэн турар иккиэммит сырата  уонна айар үлэбит ситиһиитэ. “Иккис былааммыт” олоххо киириитэ Марфа Петровна эмиэ ырата этэ.

Саха сирэ билигин циркэтэ суох табыллыбат, циркэ биһиэхэ бары өттүнэн сөп түбэһэр. Бэл, мин кытай оҕолорун ортотугар сылдьар саха оҕолорун тута араарабын. Кинилэр олох уратытык көстөллөр. Айылҕа оҕолоро буолан дууһалара ыраас, оттомноохтор, имигэстэр, айылҕалаахтар. Ол иһин тута киһи хараҕар быраҕыллаллар. Билигин оҕолорбут бэйэ-бэйэлэрин кытары холбоһон циркэ династиятын төрүттээн эрэллэр.

Билиҥҥи туругунан  циркэбит кыараҕас. Ол эрээри  салгыы кэҥээн, улахан, Норуоттар икки ардыларынааҕы Арктикатааҕы циркэ искусствотын киинэ тутулларын туруорсабыт. Биһиги циркэбит 200-чэкэ киһини хамнастаан олорор улахан, бэйэтэ туспа Планета. Онон сайдыах эрэ кэриҥнээх…

— Чэ, эмиэ циркэҕэ киирэн хааллыбыт. Кэлэр сылга дьоҥҥор-сэргэҕэр тугу баҕараҕын.

— Саҥа кэлэр 2024 сыл Уот Садаҕа Моҕой сыла. Бу циркэ искусствотын муҥутуур чыпчаалыгар турар остуоруйаттан киирбит бэлиэ (символ). Дракон — карнавал кыыла, онон циркэ харысхала. Баҕарабын оҕо саас курдук чаҕылхай, дьоллоох дьыл буолан, бар дьоҥҥо эйэни, уйгуну-быйаҥы аҕалыан! Саҥа Дьылынан — саҥа дьолунан!

 

 

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...