Собо
Саас кэлэрэ чугаһаата. Тоҥ аһы харайар кэм үүннэ. Балык салгыҥҥа бэйэтинэн сыттаҕына түргэнник салгылыыр. Онон харса суох балыгы сиэн иһиэххэ наада.
Собо балыкка састааба аминокислотанан баай диэн суруйаллар. Бу ньиэрбэ систиэмэтин үлэтигэр көмөлөөҕүн туһунан этэллэр. Ону таһынан, железо, А уонна Е курдук битэмииннэрдээх, кальцийдаах, фосфордаах. Собо иммунитеты, уҥуоҕу, тииһи, тыҥыраҕы бөҕөргөтөрүнэн урут-уруккуттан биллэр. Собону ордук хат дьахтар сиэхтээх диэн сүбэлииллэр.
Собо миинэ
Астыырга туох наада:
собо, үүт, хонуу лууга, туус.
Собону миискэлээх ууга буһара уурабыт, сөбүлүүрбүтүнэн туус эбэбит. Оргуйа түспүтүн кэннэ үүт кутабыт, луук эбэбит. Собо миинэ буспутун балык хараҕа маҥхайбытынан билэбит. Буһар бириэмэтэ балык кээмэйиттэн, төһө ириэнэҕиттэн тутулуктаах.