Собо үөһүттэн – антисептик
Бу ырысыап ордук күөмэй ыарыытыгар, айах бааһыгар туһалаах. Ол курдук, араас эми-тому иһиэх оннугар собо үөһүн ууга суурайан баран сайҕаныахха сөп.
Собо хатырыгыттан дыраһааҥка
- 1 кг собо хатырыга
- 3 горуох биэрэс
- 1,5 л уу
- 30 г луук
- 2 лавровай лиис
- 100 г моркуоп
Астааһына:
Бастаан собо хатырыгын үчүгэйдик сууйан баран, маарылла мөһөөччүккэ уган буһарабыт. Мөлтөх уокка 2-3 чаас буһар кэмигэр тумалыыбыт. Буспутун кэннэ өссө 2-3 чаас сойута уурабыт, онтон хоргунун ыгабыт. Бу хоргуну желатин курдук тутталлар. Миинэ сырдык өҥнөнөрүн туһугар кыра гына кырбаммыт моркуобу буһарабыт уонна амтанын тупсаран луук эбэбит. Сойутан баран сиидэлиибит.
Соботтон паштет
- 1 собо
- 1 луук
- 1 моркуоп
- 1 лавровай лиис
- 2-3 ст. нь. мас арыыта
Астааһына:
Бастаан собону хатырыктаан үчүгэйдик ыраастыыбыт, сайҕыыбыт. Оҕуруот астарын эмиэ ыраастаан, кырбаан бэлэмниибит. Паштет минньигэс буоларын туһугар казаҥҥа эбэтэр халыҥ түгэхтээх иһиккэ өр буһарыахха наада. Мас арыытыгар бастаан луугу уонна лавровай лииһи кутабыт. Ол үрдүгэр моркуобу тэҥ гына тарҕатабыт уонна собону уураан баран тумалыыбыт. Балыгы сабар гына итии уу кутан уокка уурабыт. Оргуйбутун кэннэ хаппахтаан баран биэс чаас туруора түһэбит. Кыра собо буоллаҕына 3,5-4 ч буолуон сөп. Бу кэмҥэ уута көтөн хаалбатын кэтиибит, сотору-сотору булкуйабыт. Биэс чаас ааспытын кэннэ сэрэнэн улахан уҥуохтарын ылҕаан ылабыт. Кыра уҥуохтара илдьирийиэхтэригэр диэри буһарабыт эбэтэр эриттэриэххэ сөп. Биир өрүттээх маасса буоллаҕына уоттан ылабыт уонна сойутабыт. Оччоҕо биир да уҥуоҕа суох буолар.
Собо искэҕиттэн алаадьы
- 0,5 кг собо искэҕэ
- 1 луук
- 60 г мааҥка
- 30 г бурдук
- 2 шт сымыыт
- Мас арыыта
- Туус, тума
Астааһына:
Собо искэҕин үчүгэйдик сууйан баран хара бүрүөһүнүн ылабыт уонна миискэҕэ кутабыт. Онтон луугу кыра гына кырбаан булкуйабыт. Сымыыттары туспа иһиккэ буккуйан баран искэҕи кытта холбуубут. Ол кэнниттэн булкуйа-булкуйа бурдугу уонна мааҥканы кутабыт, тумалыыбыт. Хойуу сүөгэй курдук буолуохтаах. Хобордооххо арыы кутан сылытан баран ньуосканан алаадьы курдук кутан орто уокка ыһаарылыыбыт. Маннык алаадьыны итиилии уонна сойбутун да кэннэ сииргэ олус минньигэс. Сүөгэйи эбэтэр араас соуһу кытта сиэххэ сөп. Гарнирыгар буспут хортуоска, оҕуруот астаах салаат ордук барсар.
Собо хабаҕыттан минньигэс ас
- Сибиэһэй собо хабахтара
- Туус, биэрэс
- Мас арыыта
Астааһына:
Собону ыраастаан баран буһарабыт. Оттон хабахтарын иннэнэн тэһэн баран биэс мүнүүтэ буһаран ылабыт. Буспуттарын кэннэ ороон ылан хобордооххо саһарыар диэри ыһаарылыыбыт. Туус, хара биэрэс кутарбытын умнубаппыт. Ыһаарыланар кэмигэр хобордооҕу хаппахтыыр ордук. 5-7 мүнүүтэ ыһаарыламмытын кэннэ ураты, сонун бүлүүдэни амсайыахха сөп.
Константин Степанов, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай университет профессора. «Забота — Арчы» хаһыакка тахсыбыт «Безотходное использование карася в домашних условиях» матырыйаал тылбааһа.