Ыһыллыылаах-тоҕуллуулаах 90-с сылларга Өлүөхүмэ улууһун Абаҕа нэһилиэгэр, ахсынньы ый аам-даам тымныылара сатыылаан турар кэмигэр, эдэр ыал Оксана уонна Дмитрий Даниловтарга бастакы күүтүүлээх кыыстара күн сирин көрбүтэ. Күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычаахтара саха буолан сандаарарын, киһи буолан килбэйэрин туһугар Сахаайа диэн нарын аатынан сүрэхтээбиттэрэ. Ол сыл эдэр ыал Саҥа дьыл бырааһынньыгын, үһүө буолан олус да дьоллоохтук көрсүбүттэрэ. Куруук маннык уу-нуһараҥ үтүө кэм буолуох курдуга.
Дьылҕа Хаан тыйыс да буолар эбит. Кырачаан Сахаайа биир ыйыттан хараҕынан сырдыгы, киһини батыһа көрбөтө биллибитэ. Бу кэмтэн ыла саҥа төрөөбүт киһи дьоллоох олох иһин туруулаһыыта, уустук тургутуулары кытта охсуһуута саҕаламмыта. Сүүрбэлэрин эрэ ааспыт эдэркээн төрөппүттэрэ төһөлөөх аймаммыттара, харахтарын уутун тохпуттара буолуой?
Билигин Сахаайа кыыс-дьахтар буола улаатан, үрдүк үөрэҕи кыһыл дипломунан бүтэрэн дьон тэҥэ үлэлии-хамныы сылдьарыттан киһи үөрэр, холобур оҥостор. Кини “Санаа күүһэ” диэн саҥа рубрикабыт бастакы ыалдьыта буолар.
Улахан оҕустарыыны ылбатаҕым
Мин икки саастаахпар куоракка эмтэнээри, үөрэнээри көһөн кэлбиппит. Уһуйааҥҥа харахтарынан мөлтөхтүк көрөр оҕолор анал бөлөхтөрүгэр сылдьыбытым. Оҕолору кытта тэҥҥэ оонньоон-көрүлээн, ытаан-соҥоон улааппытым. Оччолорго көрбөт буоларбын соччо өйбөр түһэрбэт этим быһыылаах. Оҕо барыта мин курдук дии саныырым буолуо, арааһа. Арай, 5-6 саастаахпар “тоҕо көрбөппүнүй?” диэн санаа киирэн ылбыта. Кэлин улаатан бараммын оннук ыйытарбын өйдөөбөппүн, онтон сылтаан ытыы-соҥуу да сылдьыбатаҕым. Ити курдук, улахан оҕустарыыны ылбатаҕым диэхпин сөп.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал оскуола-интэринээтигэр 12 сыл үөрэнэн бараммын, ХИФУ историческай факультетыгар туттарсан киирбитим. Этэҥҥэ бүтэрэммин история уонна обществознания учуутала идэтин ылбытым. Ону таһынан, кэтэхтэн Санкт-Петербург куоракка А.И. Герцен аатынан педагогическай университекка үөрэнэ сылдьабын. Бүтэрдэхпинэ харахтарынан моһуогурар дьону, чуолаан оҕолору уһуйар тифлопедагог буолуохтаахпын. Билигин өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр библиотекаларыгар үлэлиибин. Доруобуйаларынан эбэтэр араас оһолго түбэһэн көрбөт буолбут дьону Брайль шривын ньыматынан ааҕарга, суруйарга үөрэтэбин. Ону таһынан, бэйэбит таһаарар сахалыы, нууччалыы кинигэлэрбитин эрэдээксийэлээн, таҥан биэрэбин.
Күнү, халлааны сырдатан көрөрбүттэн дьоллоохпун
Атын куораттары, дойдулары кэрийэрбин олус сөбүлүүбүн. Улуу Кытай араас килиимэттээх сирдэринэн уончата сырыттым. Ону таһынан, Турцияны көрбүтүм. Быйыл бэйэм курдук мөлтөхтүк көрөр доҕотторбун кытта “дикарем” Сочига баран кэллибит. Саҥа сылы онно көрүстүбүт. Саха киһитигэр кыһын ортото күннээх, муоралаах сиргэ тиийэр олус да үчүгэй эбит. Күнтэн сэрээт бөҕөтүн ылан кэллибит. Күн уотун, халлааны сырдатан көрөрбөр наһаа махтанабын. Бу биһиги бастакы ыраах айаммыт буолар. Этэҥҥэ айаннаан кэлбиппититтэн бэйэбит да соһуйдубут, син булан сылдьар эбиппит диэммит астынныбыт. Билигин эдэр эрдэххэ, ким да, туох да туппат кэмигэр сири-дойдуну көрөн, күүлэйдээн хаалыахха наада. Анараатах дьон олус эйэҕэстэр, эллэккэйдэр. Биһигини көрөн “маладьыастар, кытаатыҥ...” диэн баҕа санааларын эппиттэрэ. Биһиги курдук дьон холкутук сылдьарыгар усулуобуйалара да үчүгэй. Ол курдук, инбэлиит дьон бэйэлэрэ аэропортан атын куоракка көтөн тиийэр кыахтаахтар. Илдьэн биэрэр, көрсөр сулууспалар үлэлииллэр. Онон киһи муммат, ыгылыйбакка холкутук сылдьар.
Дьон сыһыана тупсан иһэриттэн үөрэбин
Урукку сылларга дьон үксүн “барахсан, тоҕо соҕотох сылдьаахтыырый?” диэн аһынар, арыаллыыр киһитэ суох буолан бэйэтэ сылдьар дии саныыр эбит буоллахтарына, билигин уопсастыбаҕа тэҥнээх дьон курдук көрөллөр. Кимтэн да тутулуга суох соҕотох сылдьар кыахтаах эбит дии саныыллар, онтон киһи үөрэр. Манна даҕатан мин курдук дьоҥҥо тоҥуй буолумаҥ, наһаа аһынымаҥ диэммин этиэхпин баҕарабын. Киһи сиэринэн, ортотунан сыһыаннаһа сатааҥ.
Социальнай таксыы баара буоллар
Сэргэлээххэ устудьуоннуу кэлэн бараммын, куораппытыгар доруобуйаларынан хааччахтаах дьон холкутук сылдьар кыаҕа суоҕун илэ бэйэбинэн билбитим. Ол иннинэ оскуолаҕа интэринээккэ олорон үөрэннэҕим дии. Онно өрөбүллэргэ эрэ дьиэбитигэр барар этибит. Онтон ХИФУ-га доруобай оҕолору кытта тэҥҥэ үөрэнэн, устудьуон күннээҕи олоҕун билбитим. Холобур, мин курдук дьон тохтобулга тураммыт ханнык оптуобус кэлбитин билбэппит. Оннук дьон көмөтүгэр эрэнэн туран хаалыахпытын сөп. Аны оптуобуска киирэн баран, тохтобуллары биллэрэр тэриллэрэ үлэлээбэт эбэтэр аһара аччатан кэбиспит буоллахтарына, эмиэ илиибит-атахпыт бааллан хаалар. Биһиги онно эрэнэн оптуобуһунан сылдьа сатыыр буоллахпыт дии. Инньэ гынан, социальнай таксыы диэн баара буоллар дии саныыбын. Тус бэйэм билэр сирдэрбинэн эрэ оптуобуһунан сылдьабын, ол да буоллар тымныы кэмнэргэ таксыынан сылдьар олус табыгастаах буолуо этэ. Аны киин уулуссаларга эрэ турар светофордар “саҥараллар” дии, бары оннук биллэрэллэрэ эбитэ буоллар… Ону таһынан, холкутук дьаарбайарга тактильнай билииккэлээх тратуардар тиийбэттэр дии саныыбын. Холобур, мин ыллым да тута хаама, дьаарбайа барар кыаҕым суох. Онтон-мантан массыына тахсан кэлиэ диэммин куруук кэтэнэ-матана сылдьабын. Ону доруобай дьон эмиэ бэлиэтиир буолуохтаахтар. Оттон билбэт сирбинэн кими эмэ кытта иккитэ-үстэ сырыттахпына баһылыыбын. Саамай удумаҕалатар оройуоннарым Залог уонна Сэргэлээх буолаллар.
Төрөппүттэрбэр махталым муҥура суох
Ийэм Оксана Кимовна мэдэссиинэ үөрэхтээх, 1-кы бэликилииньикэҕэ биэссэр –лабараанынан үлэлиир. Оттон аҕам Дмитрий Семенович тутууга үлэлээччи уонна суоппардыыр. Бииргэ төрөөбүт Сайыына диэн балтылаахпын. Киһи үөрүөн иһин кини доруобай, миигиттэн биэс сыл балыс. Төрөппүттэрим миигин көрөөрү, бүөбэйдээри олорботохторо, иккиэн үлэлии-хамныы сылдьыбыттара. Оччолорго уһуйааннар көрбөт оҕону ылыахтарын баҕарбат этилэр. Ону туруорсан туран “Подснежник” диэн уһуйааҥҥа анал бөлөххө биэрбиттэрэ. Мин курдук оҕо саамай сүрүнэ уһуйааҥҥа сылдьыахтаах дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, көрбөт оҕо хайдах хаамартан саҕалаан ситиһэрэ олус элбэх. Дьиэтигэр олорон хааллаҕына быласталыын курдук барытын иҥэринэр, түргэнник үөрэнэр сааһын куоттаран кэбиһиэн сөп. Оччоҕо улаатан баран ыарахаттары көрсөрүгэр тиийэр. Мин оҕо сылдьаммын наһаа улахан саҥалаах этим. Ийэм кэпсииринэн, уһуйаан кэнниттэн оптуобуһунан дьиэлээн иһэн, ханнык хоһоону, ырыаны үөрэппиппитин улахан баҕайытык доргуччу кэпсиир үһүбүн. Хараҕа суох оҕо дьон көрөр эҥин диэн билбэт буоллаҕа дии, ким да суоҕун курдук саныыра буолуо. Ону хаһан да буойбат, айдаарыма диэн айахпын бүөлээбэт этилэр.
Оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпинэ сатаннын-сатамматын барытыгар сырытыннараллара. Холобур, бассыайыҥҥа сылдьан харбыырга үөрэммитим. Дьиэбэр быанан сирдэтээһин эҥин диэн суоҕа, туох ханна турарын биирдэ көрдөрөн кэбиһэллэрэ. Ол эрэн, турбут мал миэстэтигэр туруохтаах диэн суруллубатах сокуон баар. Ити курдук, оҕо тэҥэ улаатарбар ирдэбиллээх этилэр. Атын оҕолор оонньуу сылдьар буоллахтарына, тэҥҥэ оонньото сатыыллара. Оннук оҕо ситиһэрин барытын үөрэппиттэрэ. Аҕам айылҕаҕа сыһыаран сир астыырга, балыктыырга уһуйбута, похуокка эҥин илдьэ сылдьара. Дьонум миэхэ эрэли, итэҕэли иҥэрэннэр дьон тэҥэ үөрэхтэнэн, үлэлии-хамныы сырыттаҕым дии. Билигин дьиэбэр соҕотох олоробун, дьиэм түбүгүн барытын бэйэм быһаара сатыыбын. Онон төрөппүттэрбэр, миигин уһуйбут дьоҥҥо, бииргэ үөрэммит оҕолорбор махталым муҥура суох. Оттон балтыбынаан оҕо эрдэхпититтэн олус чугаспыт, дьүөгэлиибит. Сорох ардыгар миэхэ хараҕым да буолар. Таҥас эҥин атыылаһарбар балтыбын кытта сылдьааччыбын. Кыра сылдьан таҥаспытын уларсыһан кэтэр, маанымсыйар ахан этибит.
Оҕоҕо уратыбын диэн санаа мээнэ киириэ суохтаах
Хараҕынан мөлтөх оҕолоох төрөппүттэргэ сүбэлиэм этэ, оҕоҕут илиитин-атаҕын баайан кэбиһимэҥ, оҕо-оҕо курдук сүүрдүн-көттүн, дуоһуйа оонньоотун. Охтон түһэн кыра эчэйиилэри ыллаҕына аймана түһүмэҥ, аһынымаҥ. Баҕар холустук иһиллэрэ буолуо эрээри, аһынан аһара бүөбэйдээн кэбистэххитинэ бэйэҕитигэр куһаҕан буолуо. Оҕоҕут улаатан баран бэйэтин кыайан көрүммэт, тугун да быһаарсыбат буолан хаалыа. Үүнээйи курдук ким эрэ кэлэн уу кутарын күүтэ, манаһа сылдьыа. Оҕоҕут дьон тэҥэ этэҥҥэ сылдьара эһиэхэ икки бүк дьол буоллаҕа дии. Онон алыс бэрийимэҥ, ол оннугар таптааҥ уонна өйдүү сатааҥ. Элбэх дьонноох сиргэ улаханнык саҥарар буоллаҕына саҥардын, ханна эрэ оонньуу барыан баҕардаҕына бардын. Оннук хааччахтаабакка, кыаҕын күөмчүлээбэккэ интэриэһин көҕүтэ сатааҥ. Куруук соҕотох, бэйэтэ-бэйэтигэр сылдьыбатын туһугар, атыттартан уратыта суохтук үөрэтэргэ дьулуһуҥ. Киниэхэ уратыбын диэн санаа мээнэ киириэ суохтаах. Тус бэйэм көрбөппүттэн хаһан да санааҕа ылларбатаҕым. Төттөрүтүн көрөрүм буоллар аан маҥнай төрөппүттэрбин, балтыбын, чугас дьоммун уонна сулус түһэрин, хайалары көрүөм этэ диибин.
Тыйаатыр эйэгэтин наһаа астынабын
Ааспыт сыл күһүнүттэн Саха тыйаатыра туруорар испэктээктэригэр, биһиги библиотекабыт тифлокомментарий диэни киллэрбитэ. Оннук бастакы испэктээгинэн “Лоокуут уонна Ньургуһун” буолар. Көрбөт дьон тифлокомментарий көмөтүнэн испэктээк саҥата суох сыаналарын истэллэр. Тус бэйэм оннуга да суох тыйаатырга сылдьарбын сөбүлүүбүн. Тыйаатыр эйэгэтин наһаа астынабын. Ону таһынан, доҕотторбун кытта киинэ тыйаатырыгар тифлокомментария суох эмиэ киинэ көрөөччүбүт.
Иллэҥ кэммэр ыҥыырдаах айанынан дьарыктанабын. Сылгылары кытта бодьуустаһарбын сөбүлээтим, киһи сынньанар, аралдьыйар, сылаата тахсар эбит. Өссө биир сөбүлүүр дьарыгым кинигэ ааҕыыта буолар. Кылаассыкаттан саҕалаан саха, нуучча, омук литэрэтиирэтин ааҕабын. Аныгы үйэ ыччата буоларым быһыытынан, социальнай ситимнэргэ эмиэ олоробун. Технология сайдан төлөпүөммүтүгэр баар анал бырагыраамма көмөтүнэн харчыбытын ааҕабыт, таҥас өҥүн, ас болдьоҕун о.д.а. барытын билэ сылдьабыт.
«Доступный туризм» диэни тэрийиэхпин баҕарабын
Кэтэхтэн үөрэхпин бүтэрэн бараммын үөрэммит оскуолабар үлэлии барар былааннаахпын. Ону таһынан, доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо аналлаах “Доступный туризм” диэни тэрийиэхпин баҕарабын. Сахабыт сирин тыйыс айылҕатын, томороон тымныыларын билэ-көрө кэлээччилэр элбии тураллар дии. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьон эмиэ кэлиэхтэрин баҕараллара буолуо. Кинилэргэ сөптөөх усулуобуйаны тэрийдэххэ сынньана, күүлэйдии кэлиэ этилэр дии саныыбын. Өлүөнэ остуолбаларын, Күрүлүүрү, Тукалааны о.д.а. көрдөрүөм, кэпсиэм этэ.
Сахаайаҕа, кэпсээнин иһин махтаныахха, ыра санаата олоххо киирэригэр баҕарыахха.
Кэпсэттэ Венера Охлопкова