Суоска эмэр атыыр оҕус

Тыа сирин олохтоохторо оҕолору кыра эрдэхтэриттэн үлэ­ҕэ сыһыараллар. Саанчык дьиэ ис-тас үлэтигэр барытыгар соруллар, туһа киһитэ буолбута ыраатта. Убайдара маннааҕы аҕыс кылаастаах оскуоланы бүтэрэн атын бөһүөлэккэ үөрэнэ барыахтарыттан мас кыстааһына, муус киллэриитэ, хаар баһыыта кини мүччүрүйбэт эбээһинэһэ. Ийэтэ, аҕата ону этиппэккэ оҥоро сылдьарыгар үөрэтэллэр. Кураанах маһы тыраахтарынан состорон киллэрбиттэрин аҕата «Дружбанан» эрбээн кэбиһэр, онтон хайытар. Саанчык онно илии-атах буолар, мас саһааннаһар. Онтон нэдиэлэ устата оттуллар маһы Носпуо диэн дьикти ааттаах, кулунчук курдук кылгас кутуруктаах кырдьаҕас атынан күүлэҕэ таһан кэбиһэр. Ити аты аҕата арыы сыаҕар үлэлиир буолан сопхуостан кыһын аайы ылар. Саанчык аты бэйэтэ сыарҕаҕа көлүйэр, талбытынан салайар. Аҕата суоҕар Носпуону уулатыы, аһатыы эмиэ кини биир сүрүн эбээһинэһэ.

Саанчык биир күн эмискэ ата тоҕо Носпуо диэн ааттааҕын дьиибэргээн аҕатыттан:

– Бу аты тоҕо Носпуо диэн ааттаабыттарай? – диэн ыйыппыта. Онуоха аҕата күлэ-күлэ:

– Урут «наспо» диэн аһы-үөлү, таҥаһы-сабы, араас тэрили атыылыыр тэрилтэ баара. Ол тэрилтэ ата этэ, ол иһин Носпуо диэн ааттаах.

– Ээ, ол аата маҕаһыын ата эбит дии?

– Оннук-оннук, – диэбитэ аҕата.

Саанчык атын мэлдьи имэрийэ-томоруйа, кырыатыы сылдьар. Иккилии-үстүү хоно-хоно эбиэс сиэтэр. Ата биэдэрэ тутан иһэрин көрдө да, иҥэрсийэ-иҥэрсийэ утары кэлэр.

Сорох оҕолор билбэт ыттарыттан куттанааччылар. Оттон Саанчык дэриэбинэ ытын барытын ааттарынан билэр. Хайа баҕарар ыт кинини көрдө да, кутуругун куймаҥалаппытынан, эккэлээбитинэн барар. Ол иһин Саанчык өссө:

– Я московский озорной гуляка,
По всему тверскому околотку,
В переулках каждая собака
Знает мою легкую походку.

Каждая задрипанная лошадь
Головой кивает мне навстречу.
Для зверей приятель я хороший,
Каждый стих мой душу зверя лечит, – диэн ырыалаах.

Оннооҕор кэйиигинэн аатырбыт Великан диэн боруода оҕус Саанчыгы ньирэй курдук батыһа сылдьар буолбута. Былырыын сайын Саанчык эдьиийигэр көмөлөһөн ньирэй көрсүбүтэ. Тоҕус уонча ньирэйи Нөнүөстэ диэн үйэтин тухары сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбит дьахтардыын үһүө буолан аһаппыттара. Ньирэй аһатар сүрдээх сылаалаах уонна кирдээх үлэ эбит этэ. Халааттара уонна килийээҥкэ бэриэнньиктэрэ киртийэн килэрийэн хааларын сотору-сотору сууйаллара. Күн аайы үүт таһар массыына арыы сыаҕыттан аҕа­лан куппут холбуйуллубут үүтүнэн икки мас уһаакка бөлөнөх оҥороллоро. Мас хайытан «Боскуруоп оһо­ҕо» диэн иһигэр оһохтоох тимир буочукаҕа уот оттон уу сылыталлара. Бу оһоҕу Боскуруоп диэн киһи толкуйдаан оҥорбут үһү. Онон «Боскуруоп оһоҕо» диэн ааттыыллар эбит. Эдьиийэ аах итии ууну бөлөнөххө уонна уотурбаҕа булкуйан, балык арыытын эбэн ас бэлэмнииллэрэ. Дьэ онтон хара эрэһиинэ суоскалаах сыыҥкабай бытыылкаларга кутан ньирэйдэри аһаталлара. Ньирэйдэрин аһатан бүтэн баран аны туох баар иһиттэрин-хомуостарын сууйаллара. Онон үлэлэрэ хара баһаам этэ.

Итиччэ элбэх ньирэй бары аһыы охсоору анньыалаһыы, мэҥирэһии бөҕө буолан аһылык саҕана ньирэй тиэрбэһигэр өй-мэйдээх тулуйуо суоҕун курдук үлүгэрэ буолара. Хата, ньирэй аһатааччылар онно үөрэнэн хаалан кыһаллыбаттара. Биир ньирэйи иккистээн аһатымаары сүүһүгэр уотур­балаах бөлөнөҕү ыстаран бэлиэтииллэрэ. Ньи­рэйдэр иҥсэлэрэ сүрдээх буолар. Үүтү истэрэ хайдыар диэри иһиэхтэрин сөп. Биирдэ Саанчык ийэтэ үүт астыыр хоспоҕун аанын саппакка, Туоһахта диэн ньирэйдэрэ икки биэдэрэ үүтү уоран иһэн араллаан бөҕө буолбуттаах. Иһэ сараччы үллэн тахсыбыт ньирэйи бэтэринээр кэлэн түгэҕэ суох бытыылканы кэннигэр уган, шприц иннэтинэн иһин тэһэ кэйэн салгын таһааран, дэлби хаамтаран нэһиилэ быыһаабыттара.

Ньирэй аһатан эрэйдэнэн Саанчык улааттаҕына сүүһүнэн ньирэйи тэҥҥэ аһатар уонна итии уунан сайҕанан сууйуллар автомат массыынаны айар баҕа санааламмыта. Оннооҕор онтуката хайдах буолуохтааҕын оҥостон олорон кумааҕыга ойуу­лаан көрбүтэ. Ньирэй аһатар массыынатын уруһуйун эдьиийигэр көрдөрбүтүгэр:

– Чэ, кытаат! Үчүгэйдик үөрэнэн инженер буоллаххына итинтикэҕин айаар, – диэбитэ.

Онтон ыла Саанчык наар ньирэй аһатар массыыната хайдах буолуохтааҕын толкуйдаан тахсар.

Биир күн ньирэй аһатар сирдэрин таһыгар Великан диэн кэйиигинэн аатырбыт аарыма ула­хан атыыр оҕус сылдьар этэ. Оҕустан куттанан ырааҕынан тумнан ньирэй аһатар күрүөлэригэр киирбиттэрэ. Атыыр оҕус ити курдук хас да күн арахсыбакка сылдьыбыта. Үүрэн көрдөхтөрүнэ хата күрдьүөттүөх курдук гынара. Кэлин син кэргэнниһэн оччо куттаммат буолбуттара. Биирдэ эмиэ ас сытын ылан ньирэйдэр быыстарыгар кэлэн турар оҕуска Саанчык дьээбэлэнэн суоскатын үҥүлүппүтэ. Оҕус тута быыкаайык ньирэй курдук эмэн сообурҕаппытынан барбыта. Аарыма улахан атыыр оҕус хараҕын быһа симпэхтии-симпэхтии суоска эмэн сообурҕата турара көрүөххэ сүрдээх көрүдьүөс этэ.

Саанчык күлэн ыгыста-ыгыста:

– Эдьиий, көр эрэ, Великан суоска эмэр, – диэбитэ.

– Ээ, тоҕо суоска эмтэрэҕин?! Аны мантан арахсыбат буолуо дии, – эдьиийэ хаһыытыы түспүтэ.

Онтон оҕус адьас кыра ньирэй курдук суоска эмэрин көрөн:

– Аата сүрүн, бачча улахан эрээри суоска эмэн чомурҕата турдаҕа, – диэн күлэн тоҕо барбыта.

Нөнүөстэ эмиэ атыыр оҕус суоска эмэрин көрөн күлбүтэ.

– Ээ, чэ, эмтэрдин. Биир бытыылка үүт баҕас көстөр ини. Барахсан, син хаһан эрэ эмиэ ньирэй буола сырыттаҕа дии. Хата, иччиргиэҕэ, – диэбитэ.

Итинтэн ыла Великан хас ньирэй аһаттахтарын аайы кэлэн өлүүтүн биир бытыылка үүтү иһэн барар буолбута. Дьиктитэ диэн үүтү биэдэрэҕэ кутан биэрдэхтэринэ иһэр эрээри астыммат. Өссө көрдөөн күрүө үрдүнэн төбөтүн уган уунаҥныы турар буолар. Онтон суосканан биир бытыылка үүтү истэҕинэ сөп буолан туораан биэрэр. Кэлин Саанчык оҕустан төрүт куттаммат буолбута, таах кулгааҕыттан сиэтэ сылдьара, өссө миинээри гынарын эдьиийэ буойан тохтоторо.

Биир күн Великан аһыы кэлбитигэр көрбүттэрэ, буутун тириитигэр үс кырыылаах игии хатанан баран салыбырыы сылдьар этэ. Холугар туох эрэ биилээҕинэн, арааһа сүгэнэн, хайа бырахпыттара ырдьайа сылдьар. Кимнээх эрэ игиинэн, сүгэнэн быраҕаттаабыттар быһыылааҕа. Баҕар, пилорамаҕа үлэлии сылдьар дьоҥҥо тиийэн кэйээри күрдьүөттэммитэ буолуо. Оҕустара киҥэ-наара холлубута сүрдээх этэ. Хааннааҕынан хаһылыччы көрө-көрө «пуус» гына тыастаахтык төлүтэ тыыммахтыыра, иһин түгэҕиттэн мөҥүрээмэхтээн ылара. Ол да буоллар өлүү үүтүн суосканан иһэн быдан манньыйбыта, Саанчыкка имэриттэрбитэ-томоруттарбыта. Ол сылдьан Саанчык буутугар хатана сылдьар игиини эмискэ туура тардан ылбыта. Оҕус этэ тардан кыратык дьигис эрэ гыммыта. Холугар ырдьайа сылдьар бааһыгар сахсырҕа бөҕө мустар эбит этэ. Ол иһин аҕата ат моонньун хомуут аалан бааһырбытын солидолунан сотон биэрэрин өйдөөн, Саанчык дьиэтиттэн солидол аҕалан бааһын сотон биэрбитэ.

Итинтэн хас да хонон баран Саанчык ньирэй аһатар сирдэригэр тиийбитэ, Великан эргэ дьиэ таһыгар биир көлөөскөлөөх матасыыкыл таһыгар турара. Эмиэ киҥэ-наара холлубут, күрдьүөттээбит аҕай этэ. Арай үөһэттэн:

– Ити оҕуһу үүр эрэ. Маарыыҥҥаттан хаайан сордоото, – диэн саҥа иһиллибитигэр өйдөөн көрбүтэ остоолбо төбөтүгэр монтёр Коля ыттан тахсан олороро.

Итиччэ улахан киһини хайдах өйдөөн көрбөтөҕүн бэркиһии саныы-саныы оҕус диэки баран истэҕинэ:

– Сэрэн-сэрэн!!! Кэйиэҕэ! – диэн киһитэ ыксаабыттыы хаһыытаабыта.

– Ээ, суох, кэйбэт ээ, – Саанчык онно эрэ кыһаммакка Великаҥҥа тиийэн кулгааҕыттан ылан туора соспута. – Кэл-кэл! Билигин аһатыам, – дии-дии ньирэй аһатар сирдэрин диэки илпитэ.

Оҕуһу матасыыкылтан тэйитэн баран икки кулгааҕыттан тутан туран:

– Чэ, түс. Ыытыам суоҕа, – диэбитэ.

– Ээ, кэбис, доҕор… Ити үлүгэрдээх оҕус ол эн кулгааҕыттан тутан тураргын билиниэ үһү дуо? Күрүөҕэ хаай, – диэн киһитэ төрүт буолумматаҕа. Инньэ гынан оҕуһун күрүөҕэ хаайбытын эрэ кэннэ түспүтэ. Саанчык тиийэн этиҥ тииһэ, эбэтэр баттах кырыйааччы диир хомурдуостарын муоһунуу токур монтёр тимир тыҥырахтарын бэркэ сэргээн тутан-хабан көрбүтэ.

– Ити оҕус тоҕо эйигин кэйбэтий? Кэйиигинэн аатырбыт оҕус дии. Миигин өр хаайда ээ. Эн кэлбэтэҕиҥ буоллар остоолбо үрдүгэр хонуо эбиппин, – диэбитэ монтёр Коля.

– Ээ, мин кинини ньирэй курдук суосканан аһатабын ээ, – диэн баран Саанчык күлэн кэбис­питэ.

– Ол иһин даҕаны таах кулгааҕыттан сиэтэ сылдьар эбиккин дии. Чэ, махтал, оҕустан быыһаабыккар, – диэн баран киһитэ матасыыкылын собуоттаабыта.

Саанчык эдьиийэ аах кэлбиттэригэр Великан остоолбоҕо ыттан турар монтёру хаайбытын туһунан кэпсии тоһуйбута. Ону истэн баран Нөнүөстэ:

– Ким баҕарар, туох баҕарар киниэхэ хайдах сыһыаннаһаҕын даҕаны, эйиэхэ эмиэ оннук сыһыаннаһар. Ити оҕустан киһи барыта кэйиик диэн куттанан онон-манан тамныы, маһынан-отунан быраҕаттыы сырыттахтара дии. Ол иһин дьону барытын өстөөхтөрүн курдук көрөр. Оттон эйигин иччи оҥостон кэбиспит.

Улааттаххына итини куруутун өйдүү сылдьаар. Дьоҥҥо даҕаны, сүөһүгэ даҕаны ити курдук аламаҕай сыһыаннаах буоллаххына бэйэҕэр үчүгэй буолуо, – диэн түмүктээбитэ.

 

Данил Макеев

https://cholbon.online/

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...