Саҥа бас эрэдээктэр Айталина Никифорова

Айталина НИКИФОРОВА-ШАДРИНА  суруналыыс, прозаик, Саха Сирин суруналыыстарын, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.


Айар үлэтин 1989 сылтан “Эдэр коммунист” (“Сахаада”) хаһыаттан саҕалаабыта. 1993 сылтан  “Саха сирэ” хаһыакка социальнай политикаҕа салаатыгар сэбиэдиссэйинэн  үлэлээбитэ. Саха сирин сүрүн хаһыатыгар уон алта сыл  айымньылаахтык, таһаарыылаахтык үлэлээбит сылларын олус күндүтүк саныыр. Хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Василий Васильевич Кириллин улахан эппиэтинэһи сүктэрэн, хаһыат халыҥ нүөмэрин эрэдэктээринэн анаабыта. Ол курдук оччолорго, 1996 с.,  “Саха сиригэр”  аан бастакынан олох бары эйгэтин хабан сырдатар, “сыта-тура” ааҕыллар халыҥ хаһыат тахсыбыта. Биэс сыл эрэдээктэринэн үлэлээн баран, маҥнайгы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев дьиэ кэргэн экономикатын олоххо киллэрэн барбытыгар бу тиэмэни киэҥник сырдатар наада буолан, “Саха ыала” диэн сыһыарыы кэнсиэпсийэтин суруйан, көмүскээн, таһааран барбыта. “Саха ыала” дьиэ кэргэн олоҕун бүтүннүү сырдатар хаһыат дьон сэҥээриитин ылбыта.
“Саха сирэ” хаһыакка үлэлиир кэмигэр,  Наталья Ивановна Харлампьева 1994 с. “Далбар Хотун” диэн дьахтар аймах сурунаалын тэрийбитигэр  хаһыакка үлэлии сылдьан, биир идэлээхтэрин кытта саҥа сүүрээҥҥэ киирэн, айбыттара-туппуттара. Айталина Никифорова өр сылга сурунаал редколлегиятын чилиэнэ этэ.
Кэнники сылларга  СӨ  Наукаҕа уонна профессиональнай үөрэхтээһиҥҥэ министерствотыгар, “Сахатранснефтегаз” ААуо, НХЗ ГРУПП  пресс-сулууспаларын салайбыта. Быйыл “Ил Түмэн” хаһыакка эрэдээктэринэн үлэлии сылдьан, “Далбар Хотун” сурунаал сүрүн эрэдээктэринэн ананна.
СӨ Бэчээтин туйгуна, суруналыыстар куонкурустарын хас да төгүллээх кыайыылааҕа, ол иһигэр икки төгүл  “Кыһыл көмүс бөрүө” лауреата. Айталина Никифорова аата 2006 с. Россия суруналыыстарын Кыһыл көмүс пуондатыгар киирбитэ. СӨ суруналыыстыкатыгар кылаатын иһин бэлиэлээх.   СӨ Правительствотын, Ил Түмэн Бочуоттаах грамоталарынан наҕараадаламмыта.  “Айар” ( “Бичик”)  кинигэ кыһатыгар уус-уран суруйуута 2006 сылтан бэчээттэнэр.  Аҕыс  кинигэ ааптара.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...