Төрүт тылбыт күнүнэн! 

1996 сыллаахха биһиги бастакы президеммит Михаил Ефимович Николаев уурааҕынан олунньу 13 күнэ Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэриллибитэ. Бу ытык күн саха бастакы лингвист учуонайын, киэҥ эйгэҕэ туттуллар суругу-бичиги төрүттээбит Семен Новгородов аатын кытары ыкса ситимнээх. Саха бастакы алпаабытын оҥорбут Семен Андреевич бу күн төрөөбүтэ. Сибиир кырдьаҕас омугар сахаҕа сурук-бичик былыр былыргаттан баара сабаҕаланар. Ол курдук биһиги Ытык Чыыбыстаан Куо диэн арҕаа халлаан алын кырыытыгар көтө сылдьар тыл таҥаралаахпыт. Онтон олоҥхоҕо сурулларынан соҕуруу халлаан үрдүк таһаатыгар олорор дьылҕабыт айыыта Дьылҕа Тойон киһи олоҕун төрүөн инниттэн дьаҕыл таас остоолбоҕо хотой хаанынан суруттаран кэбиһэр. Кини суруксута, саха айыыларыттан бастакы үөрэхтээх Уһун Уот Дьурантаайы суруксут диэн буолар. Кини Дьылҕа Хаан ыйааҕын суор куорсунунан дьылҕа тааһыгар суруйан кэбиһэр соруктаах. Ол иһин саха суругун-бичигин айыыта Уһун Уот Дьурантаайы суруксутунан ааҕыллара.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...