Татаар поэтын оҕолорго аналлаах хоһоонноро

Татаар поэтын Рафис Курбан оҕолорго аналлаах хоһооннорун сахалыы тылбааһа, саха уонна татаар поэзиятын тэҥнээн көрөргө,  оскуола уонна уһуйаан оҕолоругар туһалаах буолуо диэн  таһаарабыт.

Рафис Курбан (Курбанов Рафис Харисович)  – 1957 сыллаахха Татарскай АССР Дубъязскай (Высокогорскай) оройуонун Малый Битаман дэриэбинэтигэр төрөөбүт. Казань государственнай университетын суруналыыстыка салаатын 1983 сыллаахха бүтэрбит. Татарстан республикатын искусстволарын үтүөлээх деятелэ, Ш. Маннур уонна А. Алиш ааттарынан литературнай бириэмийэлэр лауреаттара, биллиилээх литератор. ордук оҕо драматургун, поэтын, прозаигын быһыытынан аатырар. 50-тэн тахса поэзия уонна проза кинигэлээҕиттэн 20-тэн тахсата оҕоҕо аналлаахтар. кини хоһоонноругар элбэх ырыа суруллубут.

Үтүө сарсыарданан!

Эйигин, арай,

Күн сылаас мичээрэ

Уһугуннардын —

Үтүө – сарсыарда,

Үчүгэй да күн

Бүгүн буолуоҕа.

Өскөтүн

Сиккиэр тыал

Аргыый имэрийдин –

Киһи барыта үөрэр

Кини сөрүүн тыыныгар,

Үчүгэй күн дьэ буолла.

Күҥҥэ,

Доҕоргор,

Ааһан иһэр дьоҥҥо

Эн далбаатыаҥ:

“Үтүө сарсыарданан!

Үчүгэй күнүнэн!”

Уонна туох диэҥий?..

 

Балыктар былыкка

Волга дьэҥкир, дириҥ,

Киниэхэ былыттар усталлар.

Ол былыт быыһыгар

Алыһар үөрэ оонньуур.

Онтон мэҥиэ хамсаабат –

Сарсыадаттан хаптарбат,

Аһыыр кэм буолбутун

Балыктар өйдөөбөттөр дуу?

Эбэтэр, уу түгэҕиттэн

Мин чиэрбэбин көрбөттөр:

Эрдэлээбит былыттар

Мэһэйдэһэ сылдьаллар.

 

Кустар

Үрэх устар бытааннык,

Куйаас күн миигин үтэр, —

Саһарчы буспут бөрүөгү

Оһохтон хостообуттуу.

Күнү быһа тахсыбакка

Сөрүүн ууга умсар киһии!

Ыстаҥалаа, харбаа, үөр,

Кустары кытта сөтүөлээ!

Арай аһылык ыксатар.

Көрсүөххэ диэри, үрэх!..

Эмиэ, күн уота үөһэттэн

Оһох курдук суоһуу турар.

Сып-сылаас – тулуппат!

Сөрүүкээн бүттэҕим…

Онтон кустар аһылыкка

Ыксаан да көрбөттөр.

Оҕолорун күнү быһа

Сөтүөлэтэн тахсаллар,

Усталлар, умсаллар, от сииллэр,

Атахтар, түөстэр көстөллөр.

Эх, абыраммыт да кустар!

 

Сайыҥҥы күн

 Мүөттээх салгыҥҥа уйдара

Лыахтар көтө оонньууллар,

Сибэккигэ түһүөхтэрин

Сүрэҕэ суохтара мэһэйдиир.

Аһыҥалар уһун кэнсиэри

Халлаан анныгар тардаллар,

Онно бигэнэн тыал бэккэ

От быыһыгар утуйар.

 

Сиик таммаҕа

Түүн халлааҥҥа

Сулустар умайаллар.

Түүн сиргэ

Сулустар түспүттэр.

Сарсыарда окко

Сулустар сыталлар,

Сарсыарда күҥҥэ

Сулустар күлсэллэр.

Сулустар ууллаллар,

Оттор хомойоллор.

Түүн халлааҥҥа

Сулустар умайаллар.

 

Мэник тыал

Дьиэттэн тахсыам кэрэх,

Көрүөх бэтэрээ өттүнэ,

Элэстэммит түргэн тыал

Үрдүбэр түстэ – эмискэ.

Кини баттахпын ыста,

Саҕабыттан харбаата,

Тута сөрөөн туран

Быылга – буорга буккуйда.

Куһаҕана диэн баар

Ол мэник тыалчаан,

Соһуччу илиибиттэн

Саарыкпын былдьаата!

Тута миигин умунна,

Оонньуу түһээт көттө!

Кини дьээдьэ буолбатах,

Чуҥкуйбут уолчаан быһыылах.

 

Уһун сайыҥҥы түүн

Хараҕы саатарда кытыаста

Күн ийэ холкутук сүтүүтэ,

 Быыраттар саҕах кыһыл ата –

Сулус көтөр туйах анныттан!

Күөх, көҕөччөр, кытархай –

Өҥүнэн былыт дэлэмисийэр,

Сир уута кэлэн чуумпурар,

Нууралга бигэнэн утуйар.

Иһирэх эбэлии түҥ — бүтэй

Суулуу сатыаҕа суорҕаҥҥа,

Сайыҥҥы кылгас түүн үллүгэ

Ситэри бүрүйбэт киэҥ дуолу.

Саҕах ыпсыбыт кылдьыыта

Симмэт уһуннук хараҕын:

Кэрэмэс сарыал уһуктан

Күн тахсар үөрүү бэлэхтии!

 

Оҕо сааспыт биир түүнэ

Эх, быраат, өйдүөҥ дуо ону?…

Саатар биирдэ хоммутуҥ дуо —

Халлаан анныгар, сулус ааҕа,

Мэччирэҥҥэ, кутаа күөдьүтэ?

Түүҥҥү алаас кистэлэҥнээх…

Үөгүлүүр, эмискэ, мэкчиргэ!

Түбэһиэх тыастан соһуйан

Үргүүк аттар кистииллэр.

Кутаа тыла ыйы салаан

Уһун түүн уутун улдьутар,

Ыйдаҥа сырдыгын бэрсэн

Маныыһыт уолга туһалыыр.

Уу баттаан халтаһа ыараабат —

Түүн оҕо сонурҕаан дьэргэйэр…

Үйэ тухары өйгөр хаалар

Ол умуллубат түүҥҥү кутаа.

 

Түүҥҥү дьаабылыкалар

 Түүн —

Остуоруйа курдук

Аптаах!

Кэрэ халлааҥҥа

Дьаабылыка  —

Сулустар тахсаллар.

Саҕах —

чаҕылҕанынан

оонньуур курдук,

Тыал куһуурар —

дьаабылыка үргүү

тиэтэйэн иһэр.

Мин уум көтөр.

Сад нуктаан ылар.

Истэбин, арай,

Ханна эрэ —

Дьаабылыка түстэ…

Окко

 Аһыҥа сырылыыр,

хотууру сытыылыыр.

Аһыҥа баҕарар

Аҕабар туһалыан.

Оо, хотуур сытыытыан!

Эрдэ тубут охсооччу

Саабылалыы оонньуур …

Аҕам олох сылайбат!

Кини үөрэр-көтөр,

Сытыыһыкка махтанар.

 

Ынах тыла

Биһиги ынах тылын

Өйдөөбөппүт биллэр,

Биһиги ынахтары

Тыла да суох өйдүүбүт.

Киэһэ ынах дьиэтигэр

Кэлээт тута маҥырыыр,

Биир уһун тылынан

“Муу-уу” диэн ыҥырар.

Ынах кэпсиир биһиэхэ:

-Мэччийэн, дьэ кэллим.

Сылаас үүтү эһиэхэ

Кэһии гынан аҕаллым.

 

Куорсуннаах тылбаастара

 

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...