Дьоруойдарым ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут Кыыс Амматтан төрүттээхтэр. Любовь Соморсунтан сылдьар, оттон Розалия – Сулҕаччы. Кинилэр оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, улуустааҕы нуучча тылын олимпиадатыгар билсибиттэр. Оччолорго уончалаах эрэ кыргыттар чугас дьүөгэлии буолар дьылҕалаахтарын сэрэйбэтэх да буолуохтаахтар. Онтон бэттэх номнуо 45 сыл ааһа охсубут. Дьүөгэлэр бу сыллар тухары истиҥ сыһыаннарын дьалкыппакка харыстаан, бүөбэйдээн илдьэ сылдьаллар. Билсиҥ, рубрика ыалдьыттара – бэйиэт Любовь Горохова – Сүүмэх уонна Сулҕаччы орто оскуолатын учуутала Розалия Винокурова.
Биир тэҥник умайа турар уот курдук…
Любовь: “Биһиги төһө да сиэттиһэн баран сылдьыбатарбыт, хара маҥнайгыттан туох эрэ көстүбэт чараас ситиминэн бэйэ-бэйэбитигэр истиҥ сыһыан үөскээбитэ. Ордук санаспакка, күнүүлэспэккэ, тугу да бэйэ-бэйэбититтэн эрэйбэккэ улааппыппыт. Биир тыла суох өйдөһөрбүт, өйөһөрбүт. Дьүөгэм олус холку майгылаах, дьону түргэнник сыаналыы охсубат, сиилиир-хоһулуур диэни билбэт. Тус бэйэм ити хаачыстыбатын наһаа сыаналыыбын. Көрүстэхпитинэ даҕаны буолар-буолбат хобу-сиби олох кэпсэппэппит. Ордук айар үлэбитин, ситиһиибитин ырытыһабыт, инники былааннары торумнуубут. Дьүөгэбэр эрэнэр, итэҕэйэр буоламмын, киниэхэ төһө баҕар арыллыахпын сөп. Тоҕо диэтэххэ, киниттэн ураты ол ханна да тарҕамматын билэбин. Төһө да күн аайы суруйса, эрийсэ олорботорбут, хаһан баҕар тиийдэхпинэ бу бэҕэһээ тахсан барбыт киһи курдук киирэбин.
Түүннэри-күнүстэри сэлэһэр дьүөгэлээх буолар диэн, наһаа улахан эппиэтинэс дии саныыбын. Сорох ардыгар дьиэ кэргэнтэн ордорон бириэмэ аныахтааҕыҥ, туох эмэ буоллаҕына тэҥҥэ ытаһыахтааҕыҥ-соҥоһуохтааҕыҥ курдук саныыллар. Аны тугу эрэ сыыһа сүбэлээн иэдэтиэххин сөп. Тус бэйэм тарбахха баттанар аҕыйах дьүөгэлээхпин. Мин кинилэр баалларын да санаатахпына бөҕөргүүбүн. Дьүөгэлэр икки ардыларыгар бэйэ-бэйэҕэ соҥнооһун суох буолуохтаах. Киһини хайдах баарынан ылынар буоллаххына, сыһыан да сүрдээх чэпчэки буолар эбит. Розалыын доҕордоһуубутун биир тэҥник умайа турар уот курдук көрөбүн. Сааһыран истэхпит аайы өссө чугасыһан иһэр курдукпут”.
Олохпут суола батысыһа сылдьар
Розалия: “Любалыын тохсус, онус кылааска Соморсуҥҥа бииргэ үөрэммиппит. Бэйэ-бэйэбитин көҕүйсэн араас күрэстэргэ, олимпиадаларга кыттар ахан этибит. Дуэттаан ыллыы да сылдьыбыппыт. Мин оскуоланы бүтэрэн баран СГУ-га (билигин ХИФУ) үөрэнэ киирбитим. Оттон Люба ыал буолан оҕоломмута. Бу кэмҥэ эрэ тэйсэ сылдьыбыт эбиппит. Үөрэхпин бүтэрэн баран Усуйаана улууһугар ананан үлэлии барбытым. Онно тиийэн ыарахан буоламмын, сыл да үлэлээбэккэбин төннөн кэлбитим. Мин барбытым кэннэ Люба Хаһаачыйаҕа аймахтарыгар тиийбит этэ. Онно көрсүбэккэ хаалбыппыт. Ити курдук, олохпут суола син биир батысыһа сылдьыбыт эбит диэммит күлэбит.
Любалыын майгыбыт-сигилибит, олоххо көрүүбүт олус майгыннаһар. Кимиэхэ эрэ ымсыыран ордук санаабаппыт, бэрт былдьаһан этиспэппит-охсуспаппыт уонна наһаа аһыныгас сүрэхтээхпит. Дьүөгэм этэн аһарбытын курдук ким тугу гыммыта, туох буолбута биһиэхэ олох интэриэһэ суох. Ол оннугар айымньыларбытын, уруһуйбутун, ииспитин кэпсэтэбит. Бэйэ-бэйэбититтэн араас идиэйэлэри ылабыт, көҕүйсэбит. Мин оскуолаҕа үлэлиир буоламмын ордук оҕолорго аналлаах хоһооннору, остуоруйалары суруйабын. Сорох ардыгар “Суруйааччы буолбатах эрээрибин тоҕо эмиэ суруйа сатыыбыный?” дии санааччыбын, ону дьүөгэм “Харса суох суруйан ис, суруйдаххына үчүгэйдик аһыллан иһиэҕиҥ” диэн этэрэ миигин олус көҕүлүүр.
Люба олус киэҥ көрүүлээх, оҕо да сылдьан дириҥ толкуйдаах, баҕа санаатын олоххо киллэрэ сатыыр күүстээх санаалаах буолара. Бу сыллар тухары дьүөгэбиттэн тулуурдаах буоларга, араас быһыыны-майгыны чэпчэкитик аһарынарга, олоҕу хайдах баарынан ылынарга үөрэнним.
Юлия Пестрякова, Эвелина Попова хаартыскаҕа түһэриилэрэ