«Тулаайах оҕо» – сүрэхтэннэ!

Муус устар 26 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар, саха норуодунай суруйааччыта Василий Семенович  Яковлев – Далан  төрөөбүтэ 95 сылыгар, «Тулаайах оҕо» диэн арамаанынан  саҥа  испэктээги суруналыыстарга көрдөрдүлэр. 1983 сыллаахха суруллубут арамаан бэчээттэнэн тахсыбыта быйыл  40 сыла буолар.

Бу испэктээк атыттартан биир сүрүн уратыта диэн, манна эдэрдиин-эмэнниин тыйаатыр бары артыыстара кыттыыны ылаллар.  Ону таһынан, уус, худуоһунньук Александр Манжурьев  кэккэ  үлэлэрэ  дьоруойдар уобарастарын арыйыыга төһүү күүс буолбут. Биллэн турар, маннык сүдү айымньыны туруоруу билим үлэһиттэрин сүбэтэ-амата суох барбат диэтэхпинэ, бука, алҕаһаабатым буолуо. Ол курдук, устуоруйа билимин дуоктардара  Розалия Бравина уонна Андриан Борисов тыйаатыр артыыстарыгар, үлэһиттэригэр ол кэминээҕи олох тутулун туһунан лиэксийэлэри аахпыттар.  Оттон сценографиятын Михаил Егоров туруорбут, көстүүмнэри таҥыыга  Сардаана Федотова уонна Дария Дмитриева үлэлээбиттэр. Муусуканан киэргэтиинэн Герман уонна Клавдия Хатылаевтар дьарыктаммыттар. Артыыстар хамсаныыларын хотугу норуоттар тыйаатырдарын артыыстара Владимир Николаев уонна Ева Кузьменко-Шакор чочуйбуттар. Сүрүн оруоллары үстүү артыыс уларытыһа сылдьан оонньууллар. Ол курдук, Ньырбачаан оруолун Лена Маркова, Айталина Цыпандина, Айталина Лавернова оттон Даҕанча оруолун Дьулустаан Семенов, Семен Алексеев уонна Вячеслав Лавернов оонньууллар. Арамаан  сүрдээх улахан буолан  икки чааска арааран туруорбуттар:  бастакы чааһа Даҕанча, иккиһэ  Ньырбачаан туһунан. Туруорааччы  режиссер Руслан Тараховскай саха тыйаатырыгар  «Сыгый Кырынаастыыр», «Төлкө», «Сир иччитэ», «Суоһалдьыйа Толбонноох», «Кээрэкээн» курдук   бөдөҥ айымньылары туруорбутун бэлиэтиир тоҕоостоох. Бу испэктээк эдэр режиссер биир сүрүн үлэтинэн буолара саарбаҕа суох.

Саҥа  испэктээк сүрэхтэниитэ муус устар 27-гэр – Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр үрдүк таһымҥа буолан ааста. Бу ыйга   буолар туруорууларга  билиэттэр номнуо бүппүттэр. Онон  билиэттэн маппыт дьон  «Тулаайах оҕо» испэктээги  кэлэр ыйга эмиэ  көрөр кыахтаахтар диэн тыйаатыр дириэктэрэ Петр Макаров иһитиннэрдэ.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...