Улуу суорунтан үөттэриилээх Айыына Суордаах

КЭННИКИ КЭМҤЭ ААН ДОЙДУ ТУТУЛУГАР, БИҺИГИ ОЛОХПУТУГАР, ЧАРААС ЭЙГЭҔЭ УЛАХАН УЛАРЫЙЫЫЛАР БУОЛА ТУРАЛЛАР. АСТРОЛОГТАР ЭТЭЛЛЭРИНЭН, БАЛЫКТАР КЭМНЭРЭ БҮТЭН, УУҺУТ (ВОДОЛЕЙ) КЭМЭ КЭЛЛЭ. БУ КЭМ ИККИ ТЫҺЫЫНЧА СЫЛ УСТАТА БАРАР. САҤА ҮЙЭҔЭ УЛАРЫЙБЫТ ӨЙДӨӨХ-САНААЛААХ, УҺУКТУБУТ КУТТААХСҮРДЭЭХ ДЬОН ЭЛБИИЛЛЭР. ОНУОХА САХАЛАРГА ДА УРАТЫ ДЬАРЫКТААХ, АЙЫЛҔАТТАН АЙДАРЫЫЛААХ ЭДЭР ДЬОН ЭЛБЭЭН ИҺЭЛЛЭР. АЙСЕНА АВВАКУМОВА-АЙЫЫНА СУОРДААХ ДИЭН САХАЛЫЫ ЭМТИИР КЫЫС БААРЫН ИСТЭН, БОЛДЬОҺОН, БАРА СЫРЫТТЫМ. ЭДЭРКЭЭН, НОМОҔОН ДЬҮҺҮННЭЭХ КЫЫС КЫРДЬАҔАС КИҺИЛИИ СААС-СААҺЫНАН БЭРТ ДЬИКТИНИ КЭПСИИР, КИСТЭЛЭҤНЭРИ АРЫЙАР, УУСТУК БОППУРУОСТАРЫ БЫҺААРАР.

Эбээ, эһээ оҕотобун” диэн кини этэр. Ол оруннаах. Куораттан Бүлүүгэ, Тааттаҕа эбэлээҕэр үгүстүк кэлэрэ, сайын аайы сынньанара. Оҕо сылдьан, онно аан бастаан абааһыны көрбүтүн умнубат. Ол хайдах этэй?

Түүн утуйа сытан, арай, уһуктан кэлбитэ, саалаҕа улахан баҕайы хара күлүк турара… Ол күтүр үс түүнү быһа көстүбүтэ. Үһүс түүнүгэр бардьыгынаабытынан, кыыс диэки ыстаммыта!

Ол кэмтэн ыла кыыс ыалдьар буолбута. Сайыны быһа төбөтө ыалдьан, сэниэтэ суох буолан сытара, туох да эмп көмөлөспөт этэ. Ол сайын түһээн наар дьардьамалары, чөмчөкөлөрү көрдүүр буолан хаалбыта. Кэлин өйдөөбүтэ, бэйэтин “эттэммит” этин, уҥуохтарын, чөмчөкөтүн көрдүүр эбит. Түһээтэҕинэ, иччилэр, абааһылар биир наһаа улахан киһи иһэ арыллан сытарын, оһоҕоһун киниэхэ көмүллэтэллэрэ.

Эһэтэ тимир ууһа буолан, алтантан бөҕөх оҥорон биэрбитэ, сиэр-туом толорбуттара, онтон ыла төбөтүн ыарыыта сыыйа ааспыта. Бу санаатахха, олох кыра сылдьан эттэтиитин ааспыт эбит.

“Атын оҕолортон уратылаахпын” дии саныыра оруннааҕа. Төрүү илик атын оҕолор куттарын кытары суорҕан курдук араҥа быыһыгар сытарын көрөрө. Ол аата төрүөн иннинээҕи кэмин өйдүүр эбит. Сороҕор баҕарбыт баҕа санаатын хараҕар оҥорон көрдөҕүнэ, бэрт кэбэҕэстик туолан хаалара. Инникигэ туох буолуохтааҕын сэрэйэн билэрэ. Ол да буоллар, ойуун, удаҕан эйгэтэ диэни букатын билбэт, интэриэһиргээбэт да этэ…

Бу орто дойдуга буолуохтаах буолар, аналлаах аналын булар. Улаатан баран, Бурятияҕа ытык сиргэ сылдьан, эмискэ арыллан хаалбыта. Сиртэн тааһы ылбытыгар, илиитигэр эниэргийэ дьырылыы түспүтэ, халлаантан күүстээх эниэргийэ хамсыы-хамсыы түһэрин көрөн турбута… Бу кэнниттэн дьону эмтиир буолбута.

— Бастаан харыстаммакка, үлүһүйэн, биир киһини үстүү чаас эмтиирим, ол кэнниттэн үс күнү быһа сэниэм эстэн, лип сытарым. Билигин дьэ, араарар, харыстанар буоллум. Хаан таһаарар хиджама, массаас, илбийии, остеопластика ньымаларын баһылаабытым. Ол эрээри, сахалыы эмтээһин саамай күүстээх. Тылынан, хараҕынан эниэргийэ ыытан эмтиэххэ сөп. Уопсайынан, сахалар айылҕаҕа чугас буолан, чараас эйгэҕэ быдан чугаспыт. Хоту сиргэ айылҕалаах дьон элбэх, — диэн Айыына кэпсиир.

Дьиҥинэн, ойуун, удаҕан диэн кимин билбэккэ да сылдьан, бу эйгэҕэ киирэн хаалара соһуччу, дьулаан да соҕус этэ. Эдэр кыыс бэйэтин сааһыгар сөп түбэһэр интэриэстээх, туох да түбүккэ, кыһалҕаҕа ылларбакка олорбута, арай, биирдэ өйдөөбүтэ, “эмээхсин курдук олохтоммут” этэ. “Тоҕо миэхэ бу кэллэ?” диэн ыйытара. Ол эрээри, бу дьоҕуру бэлэх курдук биэрбиттэрин, аккаастанар сатамматын өйдөөбүтэ, ылыммыта.

“УҺУКТУБУТ КҮҮС ҮТҮӨҔЭ ЭРЭ ТУҺАНЫЛЛАР”

Айсена этэринэн, киниэхэ инникини көрүүлэнии бэйэтэ кэлэр. Улахан көрүүлэнии түүлүгэр көстөр. — Кэнники 20 сылтан ыла дьон уһуктуута саҕаланна. Дьон өйө-санаата уларыйан эрэр, айылҕалаах дьон элбээтэ. 2025 сылга диэри айылҕаҕа, аан дойду бэлиитикэтигэр улахан уларыйыылар буолуохтара. Олох ыараан ылыаҕа. Кэлэр сылга уу ылар сиргэ дьиэлээх дьон сэрэхтээх буолуҥ. Сыана, нолуок үрдүө, онон аһы хаһааммыт ордук. Улахан куораттарга дэлби тэбиилэр буолуохтарын сөп. Киин куораттарга тиийэр да буоллаххытына, дьон мустар сиригэр сылдьа сатаамаҥ. Бу буолуохтаах сэрии буола турар, ону билигин хайдах да уларыппаппыт. Инникигэ биир эрэ хайысха баар буолбатах, хас да хайысха баар, уларыйа, дьайса тураллар, онон быһаччы этэн кэбиһэр эмиэ кыаллыбат. Биһигини итэҕэлбит көмүскүөн сөп. Элбэх идэлээх дьоммут уолаттарбытыгар көмөлөһө, алгыс түһэрэ сылдьаллар.

Маннык кэмҥэ киһи кута-сүрэ бөҕөргүүрүн туһугар айылҕаны кытары чугас буолуохтаах. Саха итэҕэлэ саҥалыы тыын ылан эрэр. Уһуктубут күүһү үтүөҕэ эрэ туһаныллыахтаах. Дьону эмтиэхтээх эниэргийэ хаайтарыа суохтаах. Киһи үтүөрбүтүн көрдөхпүнэ, күүспэр күүс эбиллэр. Саамай улахан наҕараада – эмтээбит киһиҥ үтүөрбүтүн көрүү.

Бу биһиги аан дойдубут соҕотох буолбатах. Араҥа курдук элбэх дойдулар бааллар. Киһи өллөҕүнэ, олус айманымыахха наада. Үтүө дьон үчүгэй дойдуга тиийэллэр. Ыараханнык барбыт киһи үс сыл устата урукку олоҕунан сылдьар, онтон дьэ, көтөр. Бэйэҕэ тиийинии – саамай ыар быһыы, киһи кута өр кэмҥэ сир-халлаан икки ардыгар абааһыларга кулут буолан хаалар. Манна туспа сиэр-туом толоруллар. Үс сыл кэнниттэн өлбүт киһи кута анараа дойдуга көтөр, уҥуоҕар кэлбэт. Оттон кылабыыһаҕа хара эниэргийэ, үөн курдук “харамайдар” мусталлар. Олору кэбэҕэстик хабан ылыахха сөп. Ол иһин сахалар киһи уҥуоҕар, иччитэх өтөххө сылдьары бопсоллоро, — диэн кини кэпсиир.

Айсенаны билбэт киһи кини уратытын, дьиҥ иһин сэрэйиэ да суоҕун сөп. Ол курдук холку, номоҕон дьүһүннээх. Кини тылбаасчыт идэлээх, урут эргиэнинэн дьарыктаммыта. “Көннөрү олохпор бу дьарыгым мэһэйдээбэт” диэн этэр. Иллэҥ кэмигэр былыргы маллары уонна айылҕа күндү таастарын хомуйарын сөбүлүүр.

ААТ КИСТЭЛЭҤЭ

 “Айыына Суордаах диэн ааты хайдах ылыммыккыный?” диэн ыйытыыга маннык хоруйдуур:

— Улуутуйар Хара Суорун Тойоҥҥо чугаһыы сылдьыбытым. Онно суордар арыаллыыр этилэр. Кинилэр ити ааты биэрбиттэрэ. Улуу Суорун удаҕаттар, ойууннар дьылҕаларын быһаарар.

Көмөлөһөр иччилэрдээхпин. Ананан кэлэллэр. Элбэх сири кэрийдим, ол аайы эбиллэн иһэр курдуктар, батыһан кэлсибит буолаллар. Күүстээх ойууттар куттара 300 сыл устата сиргэ сылдьар дииллэр. Кинилэр эмиэ туох эрэ аналларын, соруктарын толоро сылдьар буоллахтара. Көҥүллэтэн, мин эппэр киирдэхтэринэ, умнулла сыспыт сирдээҕи олохторугар чугаһаан, олус үөрэллэр. Билигин миэхэ көмөлөһөллөр…

Биирдэ улахан сиэр-туом оҥорон баран, сылайан, ороҥҥо сыппыта. Хайдах эрэ үлэтин ситэ оҥорботох курдук санаалаах этэ. Арай, кулгааҕар “помоги мне” диэн сибигинэйии бөҕө иһиллэн барбыта. “Аанын” саппатах эбит, онон “киирии-тахсыы” бөҕө буолбут.

Биир дьахтары ыраастыы турдаҕына, бэрэбинэни бырахпыт курдук улахан тыас иһиллибитэ. Дьахтар бэйэтэ эмиэ соһуйбута. Көрбүттэрэ, хоско туох да түспэтэх. Киһиэхэ олорсо сылдьар абааһыны хостообута, бэрэбинэ курдук тыастаахтык түспүт эбит. “Үлэлии олорон, туохтан да соһуйбаппын, арай, көннөрү олоххо ону-маны көрдөхпүнэ, этим тардар. Киһи туохха барытыгар үөрэнэр, кииллийэр эбит”, — диэн Айсена кэпсиир.

Ити курдук, көстүбэт эйгэҕэ араас буолар… Сахаларга итэҕэлбит хааммытыгар баар, ол иһин бу дьоҥҥо көмөлөһөр аналлаах, уустук үлэлээх, ураты суоллаах дьон төрүүр, арыллар буоллахтара.

АЙЫЫНА СУОРДААХ СҮБЭЛЭРЭ

♦ Бу олоххо киһи тоҕо кэлэрий? Орто дойду олоҕун үчүгэйин, кэрэтин, дьол диэни билээри, ону сыаналыы үөрэнээри, алҕастарын көннөрөөрү. Бэйэҥ кэннигэр үтүө суолу хаалларар курдук олоруохха наада. Олоххо барыта үчүгэй, үүт-тураан буолбат. Тургутуу эмиэ киһини сайыннарар, хамсатар. Ардах кэннэ күн тыгарыныы, хомолто кэнниттэн дьол кэлэр. Эйигин кэлэппит киһиэхэ махтаныахтааххын – бу киһи эйигин туохха эрэ үөрэтээри, бэйэтигэр буруйу, ыар таһаҕаһы ылынар. Тоҕо маннык буолла? Бу киһи, Олох туохха үөрэтэр? диэн толкуйдаан, уустук түгэнтэн төрүөтүн тобулан таһаарыахха наада.

♦ Ыарыы туохтан үөскүүрүй? Киһи бэйэтэ сыыһа аһыыр, утуйар, үлэҕэ умса түһэр, кыыһырар-ыгылыйар, эбиитин хамсаммат буоллаҕына, этин-сиинин кэбирэтэр, ыарыыны үөскэтэр. Ардыгар куһаҕан тыын дьээбэлээбит буолар. Сороҕор быһа этии, кырыыс тыллара алдьаталлар. Ордук нууччаларга, славяннарга “порча”, “приворот” диэн киэҥник тарҕаммыт. Ону ыраастата кэлээччилэр. Итэҕэйбэт, күүрэ сылдьар киһи эмтэнэрэ, үтүөрэрэ уустук. Ыарыы киһини ыраастыыр, уһугуннарар аналлаах.

♦ Дьиэни кытыанынан, боҕуруоскай отунан буруолата, этиҥ түспүт маһынан, чүмэчинэн, чуораан тыаһынан, тууһунан ыраастыы сылдьыҥ. Муннуктарга хараҥа эниэргийэ мустар. Көстүбэт эйгэҕэ хап-хара үөннэр курдуктар көтө сылдьар буолаллар, ордук арыгыһыттар дьиэлэригэр, этиһиииирсээн элбээбит, бөх-сах мунньуллубут сиригэр элбэхтэр.

♦ Дьон харысхалы кэппэт буолбута сыыһа. Харысхал таах киэргэл буолбатах, ис күүстээх, чахчы харыстыыр. Ол эрээри, бастаан уһугуннарыахха, “иитиэххэ” наада. Аан бастаан илиигэ ылаат, сүүрүгүрэр уунан, буруонан ыраастааҥ, онтон ытыска тутан олорон, “өрүү көмүскүү сырыт” диэн, хайдах сатанарынан, көрдөһөҕүт. Эбэтэр, идэлээх киһиэхэ илдьэн, ииттэриэххэ сөп. Ити курдук, кэмиттэн кэмигэр ыраастыы, ииттэрэ сылдьыҥ.

♦ Киһи бэйэтэ эмиэ ыраастана сылдьыахтаах. Хомойбут, кыыһырбыт буоллаххытына, ытаан, хаһыытаан таһаара сатааҥ. Хара хаамыскаҕа хомолтоҕутун иҥэрэн баран, ууга быраҕан кэбиһиҥ. Итинник иэйиини бэйэҕитигэр тутумаҥ, таһаарыҥ.

♦ Утуйуох иннинэ эти-сиини, өйүсанааны босхо ыытан, уоскутуохха наада. Уонча мүнүүтэ тыыныы эрчиллиилэрин оҥоруҥ. Уҥа атах былчыҥын күүрдэн баран, босхо ыытыҥ, атахха туох буоларын кэтээн көрүҥ. Онтон хаҥас атаҕы, илиилэри, бары былчыҥнары… Оччоҕо кытаанахтык утуйуоххут, күүс-уох ылыаххыт. Ороҥҥо сытан төлөпүөнү көрүмэҥ.

♦ Утуйар орон киһи олоҕор улахан оруоллаах. Киһи олоҕор 25-30 сылын утуйан атаарар. Сынньанар, чөлгө түһэр, эниэргийэбитин “ииттинэр” сирбит. Үчүгэй, саҥа таҥаһы тэлгээн, сымнаҕастык утуйары тэриниҥ. Сыттыгы кэмиттэн кэмигэр уларытыҥ, онно араас эниэргийэ мунньустар. Орон аннын чүмэчинэн, буруонан ыраастааҥ. Алдьаммыт орон, алдьаммыт сиэркилэ дьиэ “хонуутун” алдьаталлар.

♦ Бэйэ ис куолаһын истэргэ хайдах үөрэнэбит? Утуйаары сытан, эти-сиини, өйү-санааны уоскутан баран, бэйэҕититтэн ыйытыҥ: “Бу маннык гынарым сөп дуо?”, “Хайдах дьаһанарым сөбүй?”. Ис эйгэҕэ куолас буолбакка, “маннык эбит” диэн бигэ санаа, эрэбил кэлэр.

♦ Куоракка төлөпүөн, интэриниэт, элэктэриичистибэ араас долгуннара киһиэхэ наһаа мэһэйдииллэр. Ол иһин айылҕаҕа элбэхтик сылдьа сатааҥ. Айылҕа ыраастыыр. Сороҕор куорат ыарахан тыына киһини баттыырын син сэрэйэргит буолуо. Кыһын чэпчээбит курдук буолааччы, ол аата тымныы ыраастыыр. Санааҕа баттатыах курдук буоллахха, сир уларытыахха наада.

♦ Билигин дьоҥҥо саамай улаханнык моой ноҕуруускаланар. Куруук умса туттан олорортон былчыҥнара күүрэн хаалаллар, тымырдар хам тутуллан, хаан баттааһына үрдүүр, харах көрөрө мөлтүүр, мэйиигэ кислород тиийбэт буолан, умнуган буолар, араас кэһиллиилэр тахсаллар. Онон сискит тоноҕоһун көрүнүҥ, массаастана сылдьыҥ.

♦ Тыл олус күүстээх. Сыыһа саҥарбыт буоллахха, алы гынан көрдөһүөхтээххин. Итэҕэйэр дьон көрдөһүүтэ түргэнник тиийэр. Саамай күүстээх алгыс – ийэ алгыһа. Өскөтүн, оҕотун быстах хомуурга ыҥыран илдьибит да буоллахтарына, эрдэттэн ытыы-соҥуу сылдьыа суохтаах. Ийэ оҕотун кытары киининэн ситимнээх. Онон санаата бөҕөх, күүстээх буолуохтаах. Оҕотун күн аайы алгыы сылдьыахтаах, туох тахсарынан, сатанарынан.

♦ Таҥха кэмигэр мээнэ абааһыны ыҥыран оонньоомоҥ, бүлүүһэни сүүрдүмэҥ. Хаалан хаалыахтарын да сөп. Абааһы эҥээрдэстэҕинэ, туох үчүгэйэ кэлиэй? Олоххо туох да табыллыбат буолар, доруобуйа эмсэҕэлиир. Таҥха кэмигэр сибэтиэй ууну ылан хаһааныахха сөп, ол эрээри тымныы ууга бэлэмэ суох сөтүөлүүр сыыһа.

♦ Саҥа сылга үктэнэргэ эргэ, алдьаммыт маллары, таҥаһы талан быраҕыҥ. Миэбэли миэстэтин уларытыҥ, сууйуҥ-сотуҥ, оччоҕо дьиэ иһэ чэпчээбит курдук буолуо, саҥа эниэргийэ киириэ. Саҥа сылга саҥаны саҕалааҥ!

Сулууспалыы сылдьар уолаттарга харыстыыр алгыс

Арчылыыр, харыстыыр тылларбын этэбин.

(Аата) Сүрэҕэ, этэ-сиинэ, кута бөҕүргээтэҕин буоллун!

(Аата) Күүһэ күүһүрдэҕин буоллун, тымырынан сэниэ киирдэҕин буоллун!

(Аата) Болгуо тимирдии дурда хахха туруордаҕым буоллун! Атаҕа тирэҕирдэҕин буоллун!

Хара күүстэн, кырыыстан, орто дойду киһи курдук сирэйдээх, адьырҕа кыылларыттан күүстээх алдьаммат харысхал туруордаҕым буоллун, уоттаах чаҕылхан уотунан күлүүстээтэҕим буоллун! Өстөөх уоттаах оҕуттан халбарыттаҕым буоллун!

(Аата) Чугастыы ыраахтыы үөһээттэн алларааттан оһол-моһол, өлүү-сүтүү чугаһаабатын!

Туох куһаҕан тыына чугаһаабыта төттөрү эриллэн кый бардаҕын буоллун!

(Аата) Тыыннаах сырдыкка тахсыа, буортан тэбэниэ, кута күүһүрүө, санаата бөҕүргүө, эрэлэ күүһүрүө, барытын сатыа, төттөрү дойдутугар эргиллэн кэлиэ, дьол кымыһын иһиэ!

Күүстээх тылларым туоллахтарын буоллун!

Бу алгыһы хаартыскатын көрөн туран, тоҕуста ааҕаҕыт.

 

Ангелина Васильева

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...