Кэри-куру сарсыарда, дьиэ иһэ иһиллээбит чуумпу. Кыра уоллаах кыыс сирэйдэрин да сууммакка, үөрэнэ бараары таҥнан букунаһаллар. Түннүк кирдээх сиитэс сабыытын оргууй арыйан баран, сирэйин кистии туттан, ийэлэрэ оҕолоругар хааман кэллэ. Бу сарсыарда кинилэр аһаабакка эрэ үөрэнэ барар буоллулар. Хос иһигэр туох эрэ тыаһаабытыгар үһүөн “дьик” гына түһээхтээтилэр. Оҕолор ийэлэрин сирэйин көрө сатаатылар да, арбайбыт баттаҕа саба түһэн көстүбэт. Саҥата суох утары көрсөн бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөн, этиллибэтэх тыллар чуумпуга ыйанан хаалбыкка дылы буоллулар. Оҕолор үөрэнэ бардылар. Дьахтар икки кырачаан оҕолоро — көмүсчээннэрэ, оҥой-соҥой көрбүт, уу-хаар баспыт чох-хара харахтара ийэлэригэркөстөн аастылар. Иэримэ дьиэтин эргиччи кэрийэ көрдө – бу кини уйата. Таптал уйата дуу, эрэй хаайыыта дуу… Илиитэ
туохха да барбат, хомуйан өрө тардынар сэниэтэ да суох. Муннуктарынан хайдыбыт, ойуута сүппүтэ ырааппыт, быһыта-хайыта сотуллубут сабыылаах кыра остуол. Тутааҕа суох чааскылар, араас-араас ойуулаах тэриэлкэлэр, тиистэрэ бараммыт биилкэлэр, ньуоскалар. Түннүк икки өттүнэн оһоҕос курдук субуллан сабыы дуома ыйанан тураахтыыр. Тааһа
алдьаммыт түннүгү салапаанынан бүрүйбүттэрэ туох да көстүбэт гына муус болгуо буолбут. Бу нөҥүө эгэ күн сырдыга киириэ дуо. Дьиэ мала-сала абырах да абыраабат гына ханньайбыт, иҥнэйбит, бэйэ-бэйэлэриттэн нэһиилэ өйөнөн тураахтыыллар. Кырааската баран маһа тахсыбыт муоста быыһа-хайаҕаһа кирдээх сурааһын буолан хараара сытар. Аанын иэччэҕэ иҥнэр да сирэ хаалбатах, биир бүтүн тутаахтаах ыскаап да, сыпаньыар да суох бу дьиэҕэ. Хаһан ылыллыбыта биллибэт, уоттуйан сиирэ барбыт, ырбыт саннын, күөх баламах этин-сиинин бүөлээбитэ буолбут халаат дуу, ырбаахы дуу дуомнаах, супту түһэн хаалбыт, өйө-санаата бэриммит эдэр дьахтар. Күлбэт да, үөрбэт да буолбут хайыта барбыт уоһун туппахтаан көрдө. Арбайбыт баттаҕын ньалҕаабыта буолан көннөрүнээхтээтэ. Эргийбэт эдэр саас көмүс күннэрэ бүтэн эрэллэриттэн, хаарыаннаах кэмин мүлчү туппутуттан хараастан, тыына хаайтаран, түөһүн бобута тутар ыар олоҕун абата харах уута буолан иэдэһинэн халыйда. Эмискэ ойон туран, абатыттан дьиэтин-уотун ыһан-тоҕон, алдьатан барда. Хос иһиттэн ардьаччы барбыт айаҕын атан, өспөччү көрбүт киһи туох буолбутун өйдөөбөккө байааттаҥныы турда. Бу, кини кэрэтин, олоҕун уорбут хаһааҥҥы эрэ тапталлаах доҕоро — билигин кини өстөөҕө. Дьахтар бу сыллар усталарыгар мунньуллубут аһыыта-абата тахсан, ытыыра да, күлэрэ да биллибэт. Кырбанан-кырбанан этигэр
бүттэлээх сир суох, ньуолах баттаҕа арбайан абааһыттан арыта суох ыар көстүү. Киһитэ буолуохсут, дьэ, өйө кэлэн дуу, туох диэҕин билбэккэ турда. Кэргэнэ бу үлүгэр буолбутун көрөн, киһитин сиэрэ уһуктан, бадаҕа, суобаһа тилиннэ. Үйэтигэр биир тылы утары эппэтэх, көмүскэммэтэх кэргэнэ атын киһи буолбутуттан уолуйда. Онтон хараҕыттан
туох эрэ хахтанан түспүтүн курдук, туох олоххо, алдьархайга тиэрдибитин саҥа аллайа көрдө быһыылаах. Иэримэ дьиэтэ эрэй уйата буолбут, үөрүү-көтүү манна олохсуйан бүппүт. Ама дуо? Маннык олоххо тардыһар этилэр дуо? Бу икки киһи аатыттан тахсыбыт дууһалар. Эр киһи сүһүөҕэ уйбакка, олоро түһэн ытаан барда. Дьахтар дьиэттэн дьиэни ордорбото. Аҕылыы-аҕылыы, бөтө-бөтө салгын ылан эрин утары эмиэ олоро түстэ. Балай эмэ утары көрсөн олордулар. Кырыктаах хараҕа сымнаан, эрин дуома оҕолуу маккыраччы ытаан, «бырастыы гын» диэн ааттаһар тыллара сүрэҕин сымнатан, өһө быһыытыйбыт иэйиитин кыымын көбүттэ. Аһынна да, абарда да. Иккиэн биир тылы эппэккэ, арай өйдөһөр курдуктар. Онтон куустуһа түһээт иккиэн ытаһан бардылар. Бу үлүгэр олоххо кэлбит бэйэлэрэ, ким манна буруйдааҕый? Туохтан манныкка тиийдилэр? Мантан антах хайдах буолабыт? Инникилээхпит дуо? Эбэтэр бу муҥур дуу? Бу дьоҥҥо ким онно хоруй биэриэй? Ол эрээри, икки сүрэх тэҥҥэ тэбэрэ дьикти күүс. Таптал оҕото – кып-кыра кыым оҕото тахсан оһуор тистэ. Ама маннык буолуо дуо, бэйэ-бэйэни бырастыы гынан, барытын умнан саҥаттан олох саҕалыыр диэн? Буолар эбит. Бу ыал иккистээн төрөөтө. Ыраастаныы саҕаланна. Үүт тураан олох кэлиэ ыраах эрээри, саҕаланна. Кинилэр оҕолоро, көмүсчээннэрэ, буруйа суох уоруллубут оҕо саастара дьэ төннүө дуо?
***
Миикээ тааһа суох ачыкытын боччумнаахтык көннөрө-көннөрө, улахан тимэҕинэн оҥоһуллубут хары чаһытыгар киниэхэ эрэ көстөр бириэмэни көрдө, уоттуйбут сиэрэй бинсээгин түҥ-таҥ тимэхтэммитинэн дуоспуруннаахтык синньигэс хаптаһын тротуарынан оскуола диэки хааман истэ. Ону кыыс түннүгүнэн көрөн күллэ. Күн уотуттан сылыйбыт кылаас иһэ киһини утуктатыах чуумпу. Бүгүн диктант күнэ. Учуутал биир кэм доргуччу ааҕар, хас да этиини кичэйэн хатылыыр. Оҕолор бары паарталарыгар умса түһэн, уостарын иһигэр учуутал саҥарбытын хатылыы-хатылыы кыһанан суруйа олороллор. Миикээ ол тухары букунайан оскуола тротуарыгар төттөрү-таары тэспэҥнии сырытта. Кыыс хараҕа киниэхэ бара турар, саҥа таһааран күлүөн олус баҕарар. Ол эрээри, бүгүн эппиэтинэстээх күн – диктант күнэ. Бу кэннэ сайыҥҥы сынньалаҥ саҕаланар.
Кыра кыыс диктанын суруйан бүтэрдэ. Миикээтин умнубат, хараҕын кырыытынан көрөн ылар. Киһитэ өрө хантайан турарын көрөн, кини эмиэ түннүккэ сүүһүн сыһыаран, халлааны одууласта. Учуутал үлэлэрин көрдөөтө, ол кэмҥэ көрүдүөргэ чуораан тыаһа иһилиннэ. Бүтэһик уруок түмүктэннэ. Миикээ эмиэ чуораан тыаһын иһиттэ. Тарбахтарын саратан ытыһын таһынна, бинсээгин имэриннэ, тимэх чаһытын көрдө, тааһа суох ачыкытын көннөрүннэ. Сотору кэминэн оҕолор өрө айманан таһырдьа кутулла түстүлэр. Миикээ оҕолору кытта тэҥҥэ сүүрүөн-көтүөн баҕарда, тугу эрэ кэпсиир, күлэр-салар. Кыра кыыс тахсаат Миикээҕэ сүүрдэ. Киһитэ омуннаах кэпсээннээх көрүстэ, халлааны ыйар, тимэх чаһытын көрдөрөр, тааһа суох ачыкытын устан көөчүктүүр. Онтон сиэбиттэн тугу эрэ хостообутугар оҕолор саба сырсан кэллилэр. Миикээ кэмпиэт аҕалбыт эбит, кини бастаан кыра кыыска уунна. Биир да оҕону матарбата. Күндү кэһиилээх кэлбит үтүө санаалаах Миикээ астынна. Кини хас саастааҕын ким да билбэт. Хаһан, тоҕо маннык буолаахтаабытын эмиэ ким да билбэт. Ол эрээри, хас чиэппэр аайы тиһэх уруок бүтүүтэ өрүү кэлэр. Кыһын буоллун, сайын буоллун. Ол күн уһулуччу бэлэмнэнэн, киэргэнэн, сиэбигэр толору кэмпиэттээх кэлэр. «Оҕо сааһым саамай минньигэс кэмпиэтэ – Миикээ кэмпиэтэ», — диэн тулаайах хаалбыт оҕолор интернаттарыгар иитиллибит Өрүүнэ эмээхсин кылабачыгас суулаах кэмпиэти илиитигэр имитэ олорон санаан ылла. Хараҕар сылаас сааскы күн, күөх халлаан, доҕотторо уонна Миикээ барахсан көстөллөр.
Кини эмиэ оҕо буолан сүүрбүт-көппүт, көрүлээбит түгэннэрин ахтан, төһө да ыарахан кэмнэри ааспытын иһин, интернакка олорбут сылларын, үтүө санаалаах Миикээтин махтана саныыр. Дьон да судургута, ас-таҥас да кырыымчыга. Ол да буоллар, кини хантан кэмпиэт булан аҕаларын билигин дьэ кэлэн таайа сатыыр. Оҕо сылдьан, күндү
кэһиини сии олорон ону эрэ санаабат эбит. Чиэппэр бүтэһик уруога, чуораан тыаһа уонна Миикээ, тааһа суох ачыкыта, тимэх чаһыта, сиэрэй бинсээгэ. Киһи дьоллоноругар кыра да наада эбит. Миикээ кэмпиэт аҕалбыта буолуо, хаһан бу уруок бүтэрий…
***
Күөрэгэй отонноон кэлбитэ дьиэтин иһигэр толору дьон бөҕө мустубут, аймалҕан, сүпсүлгэн бөҕө. Байыаннай таҥастаах дьон ордоотууллара иһиллэр. Ийэлээх эбэтэ уонна атаҕынан үчүгэйдик хаампат эһэтэ куттаммыт сирэйдээхтэр. Ийэтэ кыыһын көрөөт: «Хайа, бу ханна сылдьаҕын, уолун эйигин көрдүү барбыта дии, көрсүбэтиҥ дуо? Тоҕо онно-манна баран хаалаҕын?», — ийэтин куолаһа ытамньыйыах курдук. “Аны оҕом ханна сылдьаахтыыр? Манна көмөлөс, мин баран кэлиэм”, – диэт таһырдьа тахсаары гыммытын биир байыаннай киһи суолу бүөлүү турунан кэбистэ. “Ыксаан чэ, бардыбыт!”, – диэн сүр улахан куолаһынан өрө баргыйда. «Мин уолбун баран», — диэн истэҕинэ, били байыаннай тиэрэ анньан “хомунун, ыксаан диэтим дии, хайдах өйдөөбөккүт. Үөһээ обкомтан бирикээс кэллэ. Бары эһигини күүтэн олороллор. Чэ, хомунан иһин!”, – сүр кытаанахтык көрөн кэбистэ. Сотору кэминэн дьиэлээхтэри таһырдьа ыксаттылар. Ким илиитигэр тугу тутан тахсыбытынан, хайдах таҥныбытынан түөрэ-лаҥкы түспүтүнэн
таһырдьа үмүөрүстүлэр. Кыра уолун күүтэр ийэ барахсан хараҕа биир кэм оҕотун көрдүүр. Күөрэгэй куттаммыт, бу ытыах курдук харахтара эргим-ургумкөрөөхтүүллэр. Санаатыгар бэйэтин буруйданар, бу кини отоннуу баран хаалан, бу киниттэн сылтаан буолбутун курдук арай. Быраата барахсан ханна сылдьар? Биир кэм элбэҕи саныы турда. Онтон арай көрбүтэ, быраата сордоох, сулбуруйа сылдьар ыстааныттан үнтү кыаһылана, курданарыттан туттан баран ыксаан аҕай сүүрэн иһээхтиир эбит. «Ийээ, көр, Тоотук иһэр!”, “Тоотук, ыксаа, сүүрэн ис, кытаат», — диэн сапсынан хаһыытаан уолларын көрөн дэлби үөрдүлэр. Тоотук алта сааһын туола илик, ол эрээри аҕалара сэриигэ барыаҕыттан, эр киһи оруолун толорор аатыран эмискэ улааппыккадылы буолбута. Кини — биир үчүгэй аһы аһаабакка, үлэҕэ баттатан, буомуран хаалбыт хачаайы киһичээн. Кини наһаа кыра, олус хорсун, дьонун көмүскүүр баҕата наһаа улахан, аҕатын аатын чиэстээхтик сүгэр – Тоотук. Ийэтэ дэлби аҕылаабыт, тириппит уолун имэрийэн көлөһүнүн сото-сото, кура быһа барбыт ыстаанын көннөрөн, сулбуруйбат гына хам баайан биэрдэ. Бу курдук ыал олоҕо аны төннүбэттии уларыйбытын, сэрэйэн да көрөөхтөөбөккө турдахтара. Быйылгы дьыл кинилэргэ ыар дьылҕаны бэлэмнээбитин билээхтээбэт буоллахтара. Аны бу төрөөбүт тэлгэһэлэригэр, дьиэлэригэр аан модьоҕотун атыллаан киирбэттэр. Арай санааларыгар ханна эрэ быстах баран эрэр курдуктара. Ким эрэ чэйин да ситэри испэккэ, көмүлүөк да уота умуллубакка хаалаахтаатаҕа. Бу кэтэспиттии остуолга иһит-хомуос тардыллан, сылабаар уута сойбокко да тураахтаатаҕа. Ситэ ылбатах таҥастарын тобоҕо, ким муостаҕа, ким истиэнэҕэ тоһоҕоҕо ыйаммытынан хомуллубакка барыта оннук хааллаҕа. Уулаах отон хомуйан кэлбит Күөрэгэй, эдьиийин көрдөөн ыксалга кура быстан ыстаанын тута сылдьар Тоотук даҕаны бу сиргэ кэлбит дьоллоро манан бүттэҕэ. Кинилэр кылгас олохторугар сэрии, аччыктааһын, күүһүнэн көһөрүллүүгэ барыы, тоҥуу-хатыы, дьоннорун барыларын туппутунан сүтэрии… Хайалара тыыннаах эргиллибитэ буолуой? Ама, кинилэр маннык олоххо тиксээри төрөөбүттэрэ буолуо дуо? «Чэ, бары бардыбыт, ыксаан, хааман иһиҥ. Бэстээххэ эһигини борохуот аал күүтэр. Ас-үөл, дьиэ-уот барыта бэлэм. Үөһэттэн эһиэхэ анаан уурааҕынан бэлэм»…
Наталья Иванова, Чурапчыттан сылдьар кондитер, бурдук аһын астыыр сыах хотуна. Кини иллэҥ кэмигэр сахалыы, нууччалы тылынан тэттик кэпсээннэри, хоһооннору
суруйар. Наталья «Я выбираю жизнь» диэн кинигэтэ бүтүн Россиятааҕы кинигэ бэстибээлигэр «Бастыҥ региональнай таһаарыы» анал бирииһи ылбыта. Сурунаал бу нүөмэригэр Наталья биир кэпсээнин эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт. Кэпсээҥҥэ туттуллубут уруһуйдары ааптар кэргэнин сырдык кэриэһигэр Семен Ивановка аныыр
Балаҕан ыйын 19 күнэ, 1942 сыл. Чурапчы, ЯАССР. «213 нүөмэрдээх уураах, атырдьах ыйын 11 күнүттэн, 1942 сыл»