🍒 Бары сөбүлээн хомуйар отоммут — уулаах отон. Отоно эрэ буолбакка сэбирдэҕэ эмиэ киһи доруобуйатыгар үтүө дьайыытын ааҕыахха.
🍒Уулаах отон — Саха сиригэр үүнэр отонноох үүнээйилэртэн биир бастыҥнара уулаах отон буолар. Бэс ыйыгар сибэккилэнэр, атырдьах, балаҕан ыйга аьа буьар. Сибэккитэ кыра да хаьыҥтан эмсэҕэлиир уонна кыайан өрүттүбэт. Онон сибэккилэнэр кэмигэр сылаас, хаһыҥ суох буоллаҕына отон хойутуук уунэр. Эмтэнэргэ анаан сэбирдэҕин уонна отонун туьаналлар. Хомуллубут сиргэ иккистээн үс-түөрт сылынан эрэ эргиллиэххэ сөп. Саас эрдэ хаар ууллуута эбэтэр ыкса күьүн хомуйар ордук. Оччоҕуна түргэнник уонна үчүгэйдик куурар. Сорохтор өссө хараҥа сиргэ куурдар ордук диэн этэллэр. Хаппыт сэбирдэхтэртэн бөҕүн-сыыьын сирэйин көрөн ыраастаныллар. Отонун сибиэһэйдии эбэтэр тоҥорон хаьааныллар. Отон сэбирдэҕин көөнньөрөн эбэтэр оргутан күүстээх ииктэтэр эмп быһыытынан туһаныллар. Ону таһынан куртах аһыытын көбүтэргэ, хаан баттааһынын намтатарга, тымныйыыга, ревматизмҥа, хойуу хаайтарыытыгар, хабах, бүөр ыарыыларыгар туттарга олус туһалаах.
🍒Отонун көөнньөрөн С уонна А витамин тиийбэтигэр, ыалдьан тоҥо-тоҥо тиритэр кэмҥэ туһаныахха сөп. Манна отонун сиэхтээҕэр, чэйгэ бырыанньатын кутан иһэр ордук туьалаах. Түүн ииктэрин туппат оҕолору хатарыллыбыт сэбирдэҕин уонна отонун тэҥ кээмэйин ылан эмтиэххэ сөп. Икки улахан ньуоска булкааһы икки ыстакаан оргуйбутунан ууга кутан 15 мүнүүтэ мөлтөх уокка сылытыллар. Онтон сойутан баран сиидэлээн биир аҥарын күн устата, иккиьин киэһэ утуйуох иннинэ бэриллэр.
🍒Саха эмчиттэрэ уулаах отон сумэьинин модьууну уонна ымынаҕы эмтээһиҥҥэ туьаналлар.
🍒Уҥуохтаах отон оннугар уулаах отон сэбирдэҕэ туттуллуон сөп.
Сахалыы бикипиэдьийэ