Уус Алдан уустарын быыстапката аһылынна

Дьокуускай куорат А.Е. Кулаковскай — Өксөкүлээх аатынан норуоттар доҕордоhууларын дьиэтигэр, «Симэх» Национальнай киин галерятыгар «Уус Алдан улууhун уран уустарын түhүлгэтэ» быыстапка аhылынна. Быыстапка Уус Алдан улууhун норуот маастардарын түмэр «Мындыр» уопсастыбаннай холбоhук тэриллибитэ 10 сылыгар ананар, уустар тѳрүт сахалыы тыыннаах, истиҥ иэйиилээх ураты кэрэ оҥоhуктарын киэҥ кѳрүүгэ таhаарар.

Быыстапка бастакы күнэ Уус Алдантан тѳрүттээх элбэх киhи, ыҥырыылаах ыалдьыт кыттыылаах бэрт сэргэхтик ааста. Мустубут дьону Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Симэх» Национальнай киин дириэктэрэ Яна Игнатьева, Уус Алдан улууhун депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, «Мындыр» уопсастыбаннай холбоhук салайааччыта Иннокентий Аммосов уонна да атыттар эҕэрдэлээтилэр. Уус Алдан култууратын үлэhиттэригэр, маастардарга наҕараадалар туттарылыннылар.

Александр Жирков уран уустарга туһаайан саха төрүт искусствотын салгыы харыстаһарга, сайыннарарга ыҥырда, таһыттан өтөн киирииттэн сэрэттэ.

Кини: «70 сыл анараа өттүгэр, 1954 сыллаахха Гамбург куоракка тахсыбыт «Орнаментальное искусство якутов» диэн кинигэтигэр биллиилээх этнолог-учуонай Улла Йохансен Европа музейдарыгар баар 19 үйэтээҕи саха орнаментальнай искусствотын пааматынньыктарын үѳрэтэн баран, «Саха уратылаах орнаментальнай (ойуулуур) искусстволаах, ол гынан баран онно таhыттан атын култууралар ѳтѳн киириилэрэ биллэр буолан эрэр» диэн суруйбута. Онон эhиги иннигитигэр саха ойуулуур, иистэнэр, уһанар төрүт дьарыгын атын омук киэнин кытта булкуйбакка, харыстаан илдьэ сылдьар сорук турар. Тѳhѳ кыалларынан бу дьарыккытын сайыннарыҥ, тѳрүттэрбит оhуор-мандар ойууларын-бичиктэрин үѳрэтиҥ, харыстааҥ», — диэн уустары ыҥырда, айар үлэлэригэр ситиhиилэри баҕарда.

Уус Алдан айар талааннаахтарын оҥоhуктарын быыстапката олунньу 15 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Манна туостан, кылтан, кыhыл, үрүҥ кѳмүстэн, тимиртэн, мастан, түүлээхтэн уонна тирииттэн дьикти оҥоhуктарын кѳрүѳххэ сѳп. Ону таhынан, уустар кылтан ѳрүүгэ, туостан дьиэ иhитин-хомуоhун оҥорууга, итиэннэ бууктаах сону, дьабака бэргэhэни уо.д.а. национальнай таҥаhы тигиигэ маастар-кылаастары биэриэхтэрэ, сорох оҥоhуктарын атыыга таhаарыахтара.

Раиса Никифорова

«Симэх» галерея хаартыскалара

https://ulus.media/2024/02/06/uus-aldan-uluuhun-uran-uustaryn-tyhylgete-byystapka-ahylynna/

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...