Уус Ньукулай

Ытык Таатта сириттэн силис тардыылаах  Николай Уваровскайы билиһиннэриэхпин баҕарабын. Кини биһигин ыйаабыт сиринэн Уус Таатта буолар, оттон орой мэник оҕо сааһа Хаандыгаҕа ааспыт.  Оскуоланы бүтэрэн баран Дьокуускайдааҕы  художественнай училищаҕа  үөрэнэ киирбит.  1996 сыллаахха “художественная обработка дерева и кости”   диэн идэни баһылаан худуоһунньук-маастар   дипломнаах үөрэҕин бүтэрбит.

Николай  үлэлэрэ   атыттартан  ураты кэрэлэр, дьоһуннар  диэтэхпинэ, бука, алҕаһаабатым буолуо. Кини оҥорбут  дьиэ   тээбириниттэн  саҕалаан баараҕай  тутуулара    айылҕаттан бэриллибит ураты  дьоҕурун, талаанын, ону ааһан идэтин,  айар  үлэтин ис сүрэҕиттэн  сөбүлүүрүн туоһулууллар.

 Үөрэхпин бүтэрэн баран дойдубар тахсан биир сыл учууталлаабытым. Онтон оскуолаҕа үлэлиир  миэнэ буолбатах эбит диэммин, салҕыы үөрэнэр былааннаах  Красноярскайдааҕы судаарыстыбаннай архитектурнай-строительнай академияҕа туттарсан киирбитим. Онно үөрэнэ сырыттахпына улахан инфляция буолан, үөрэхпин ситэ бүтэрбэккэбин төннөн кэлбитим. Ол кэнниттэн өрөмүөн  үлэтигэр, дьиэ, балаҕан тутуутугар сыстаммын кыралаан уһанан саҕалаабытым.  Бу эйгэҕэ бастакы уһуйааччым  Дорофей Харлампьевич Яковлев буолар, киниэхэ махталым муҥура суох.

Дьонум кэпсииллэринэн төрүппэр мас, тимир уустара бааллара үһү. Бииргэ төрөөбүт эдьиийим Туйара эмиэ худуоһунньук  үөрэхтээх, «Айтал» диэн  дизайн-устуудьуйалаах. Ийэм Галина Гаврильевна үрдүк үөрэхтээх модельер-конструктор этэ. Ательеҕа  үлэлээбитэ онтон кэлин биэнсийэҕэ тахсыар диэри оскуолаҕа кыргыттарга аналлаах  үлэ уруогун биэрбитэ. Оттон аҕам Николай Петрович Аллах-Үүн экспедициятыгар  (АЮГРЭ)   үлэлээбитэ. Араас тыранспарааннары суруйара, Ленин, Сталин мэтириэттэрин уруһуйдуура.  Кини анал үөрэҕэ суох эрээри олус талааннаах.

Маһынан уһаммытым уонча сыл буолла. Доҕотторбун кытта «Үс Хатыҥ» түһүлгэтигэр  Аар Кудук Чэрчи маһы (Аал Луук мас), балаҕан, ураһа туппуппут. Бу бастакы дьоһун үлэлэрбиттэн биирдэстэрэ буолар.  Былырыын сайын көтөн эрэр кыталыктары уонна ыскамыайкалары оҥорбутум.  Кэлиҥҥи сылларга ыһыахтыыр сирдэргэ мастан араас тутуулары үгүстүк үлэһэр  буоллулар.

Иллэрээ сыл кэргэммин кытта  Таатта улууһун Кыйы нэһилиэгин  оскуолатыгар  Аал Луук маһы,   туруйалары оҥорбуппут.  Ону таһынан, Нам улууһун  Аппаанытыгар, Бүлүүгэ, Мэҥэ Хаҥалас Павловскайыгар  араас быһыылаах,  оҥоһуулаах Аал Луук мастарым тураллар. Ити курдук, үлэлэрим өрөспүүбүлүкэ  араас муннугар  тарҕанан, дьон сэҥээриитин ылан эрэллэриттэн  олус үөрэбин.

 

 

Кыһыҥҥы кэмҥэ дьон үлэҕинэн  уонна  атыыга анаан дьиэ тээбиринин арааһын оҥоробун. Билигин   мастан оҥоһуллубут миэбэл   ордук   илии үлэтэ сыаналанар буолла. Онон үлэх киирэ турар. Сахалыы тыыннаах, дьобуруопалыы  да истииллээх  оҥоробун. Үлэһээччи хайдаҕы баҕарарын учуоттуубун уонна бэйэбиттэн  эбэн-сабан, тупсаран биэрэбин. Булгуччу  биир эрэ көрүҥү  буолбакка, араас быһыылаах-таһаалаах, өҥнөөх, дьон дьиэтин ис барааныгар барсар гына оҥоро сатыыбын. Кэнники сылларга саха балаҕаныгар турар тээбириннэри үлэһэр  буоллулар. Дизайнердары кытта эмиэ үлэлиибин.

Маннык дьиэ  тээбиринин  хатыҥ, бэс, дуб, тиит мастарынан  оҥоробун. Балартан  дьоҥҥо ордук тоҕоостооҕо   бэс уонна хатыҥ буолар. Сүрүнэ  бэстэн оҥоһуллар.  Маспын ый инниттэн  куурдан, хатаран бэлэмниибин.  Онтон быһыыта хайдах буолуохтааҕын   толкуйдаан   кумааҕыга түһэрэн ылабын уонна  оҥорбутунан барабын. Миэбэли  оҥорор олус интэриэһинэй эбит.

Кэргэмминээн Туйара Иннокентьевналыын ыал буолбуппут икки сыл буолла. Кэргэним  үлэ, черчения,  уруһуй учуутала идэлээх. Онон оҥоһуктарбар   өҥү-дьүһүнү  кини  талан  кырааскалыыр.  Уонна, дьахтар киһи өҥү дьүөрэлээн көрүүтэ   быдан уран  буоллаҕа дии. Аны иистэнньэҥ  буолан матырыйааллары эҥин эндэппэккэ билэр.  Бу курдук биир интэриэстээх, эйгэлээх  буоламмыт  тапсабыт, бэйэ-бэйэбитин кытта  сүбэлэһэн-амалаһан  бэккэ үлэлии  сылдьабыт.

Тус  бэйэм үлэбэр ирдэбиллээхпин, хаппырыыспын,  бириинчикпин да диэхпин сөп.  Үлэм тупсаҕай, кэрэ көстүүлээх буоларын туһугар бириэмэбин  кэрэйбэккэ түүннэри-күнүстэри  үлэлиир кыахтаахпын.  Холобур, миэбэл быһыытын-таһаатын барытын бэйэм толкуйдуубун. Миэхэ кээмэйэ  бачча буолуохтаах диэн этэллэр эрэ. Үлэм  ахсааныгар буолбакка хаачыстыбатыгар ордук болҕомтобун уурабын. Иэйиим киирдэҕинэ  оҥоһугум түмүгүн көрө охсоорубун  аһыыр аспын, утуйар уубун  умнан туран үлэлиибин. Ол иһин да буолуо, сорох үлэлэрим биир тыынынан оҥоһуллаллар.

Араас үлэх  киирэр буолан үлэлииргэ  олус  интэриэһинэй. Бииртэн биир сонуну  оҥорор астык.  Онтон мин дуоһуйууну ылабын,  үөрүйэхтэнэбин.   Бэйэбит мастарыскыайдаах  уонна иккиэ буоламмыт хааччаҕа суох   түүннэри-күнүстэри үлэлиибит.

 Иллэҥ кэммитигэр оҕолорбутун, доҕотторбутун кытта  айылҕаҕа тахсан сынньанабыт, сир астыыбыт, балыктыыбыт. Сахабыт сирин кэрэ  сирдэрин кэрийэн көрө сатыыбыт. Айар куттаах дьон буоларбыт быһыытынан,  айылҕаттан иитиллэбит, иэйии,  күүс-уох ылабыт. Ону таһынан,  быыстапкаларга, киинэҕэ сылдьарбытын, минньигэстик аһыырбытын сөбүлүүбүт.

Инникитин  дьиэ туттан, мастарыскыайбытын  кэҥэтэн өссө да таһаарыылаахтык  айыахпытын-тутуохпутун   баҕарабыт. Киэҥ эйгэҕэ тахсан кэҥиир, улаатар, баҕа санааларбытын олоххо киллэрэр былааннаахпыт.

 

 Венера Охлопкова

 

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Модун санаалаахтар

Сэрии сылларыгар тыылга төһүү үлэһит күүһүнэн эр дьон оннугар дьахталлар хаалбыттара. Салайааччыттан саҕалаан дьиэ хаһаайкатыгар тиийэ бары ийэлэр, эдэр кыргыттар, оҕолор алдьархай ааҥнаабытын, дойду...

«ДАЛБАР ХОТУН» Төҥүлүгэ

Ахсынньы 12 күнүгэр "Далбар хотун" сурунаал Төҥүлү нэһилиэгин "Доруобуйа" түмсүү далбардарын кытта көрүстэ. Бу күн олохтоохтор сурунаал үлэһиттэрин "Сайдам" общественнай түмсүү дьиэтигэр үөрэ-көтө көрүстүлэр....

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...