Ыарыыбын кытта “ыаллаһан” эрэбин

Быраас: Марианна, субу бүгүн куораттыы оҕус!

Марианна:  Эс, тугун түргэнэй, саатар өрөбүллэргэ барбаппын дуо?

Быраас: Суох, бүгүн айаннаа. Мин билигин  кэпсэтиэм, эйигин онно көрсүөхтэрэ.

Марианна: Ханнык балыыһаҕа тиийэбин?

Быраас:   Онкологияҕа… Баҕар биһиги сыыспыппыт буолуо, наһаа айманыма. Куоракка чопчу быһаарыахтара…

     Дьылҕа хаан оҥоһуута сороххо тыйыс да буолар эбит.  Дьоруойум оҕо эрдэҕиттэн олох ыараханын этинэн-хаанынан билэн улааппыт кыыс.  Уон үс саастааҕар аҕатын сүтэрбитэ, онтон ийэтин ийэ быраабыттан быспыттара. Бу кэмҥэ бииргэ төрөөбүт эдьиийдээх убайа куоракка олорор буоланнар,    дьиэ-уот түбүгэ, икки быраатын көрүү-харайыы барыта киниэхэ  сүктэриллибитэ.  Аны  оскуоланы  бүтэрээт да  ыал буолан утуу-субуу  оҕоломмута. Эдэр ыал бэйэлэрин кыахтарынан үлэлээн-хамсаан дьон тэҥэ быр-бааччы олоруохтарын, ыраас халлааҥҥа эмискэ  этиҥ эппитинии,  чуумпу олохторун ыарахан ыарыы аймаабыта.   Оччолорго Марианна баара-суоҕа 23 эрэ саастааҕа, өссө да үөрэниэх, үлэлиэх  саамай кэрэ кэмэ этэ. Ол эрэн, “этэ” диир сатаммат  курдук.  Тоҕо диэтэххэ,  кини сорох муус доруобай дьоннооҕор  толору, дьоллоох олоҕунан олорор. Сөбүлүүр үлэлээх, дьарыктаах, төһө да ыарахан ыарыыга   ыллардар, ону “мэтээл” оҥостон сылдьыбат. Олохтон туох баар кэрэтин, үчүгэйин сомсон ылар  үгэстээх. Кини  талыы- талба Таатта кыыһа – Марианна Боппосова.

 Хаһан да сүппэт ыарыы

2019 сыл, олунньу. Дьоруойум  төрөөбүт сиригэр Уолбаҕа, дьиэ кэргэнинээн эргэ дьиэни уларсан олорор кэмнэрэ. Сөбүлүүр идэтинэн  уһуйааҥҥа үлэ үөһүгэр умса түһэн сылдьара. Кини олус  оҕомсох буолан   кыра дьону кытта бодьуустаһарын наһаа сөбүлүүр. Бу сылдьан   эмискэ төбөтө ыалдьар, кыратык да хамсаннаҕына сэниэтэ эстэн хаалар  буолбута. Тыа сиригэр олорор эдэр ийэ дьиэ-уот бүппэт  түбүгэр,  оҕо-уруу  көрүүтүгэр баттатан кыайан көрдөрүммэккэ сылдьыбыта. Ол курдук, биир  ый ааспытын кэннэ  ыарыыта күүһүрдэр күүһүрэн,  ис туруга улам ыһыллан киирэн  барбыта.   Эрдэ улаханнык ыарытыйбат бэйэтэ  “тымныйдым дуу...”  дии санаан, туох да куһаҕаны сэрэйбэккэ  балыыһаҕа  көрдөрүнэ барбыта. Онно  олох да “хронический миелоидный лейкоз” диэн  хаан  ыарыытын булбуттара. Куһаҕана диэн бу ыарыы хайдах да сүтэн, оһон хаалбат эбит. Ыалдьыбыт киһи   олоҕун тухары  илдьэ сылдьарыгар тиийэр. Ону истээт  эдэркээн кыыс  төһөлөөх аймаммыта буолуой? Ол туһунан кылгастык  маннык кэпсиир:

Биллэн турар, бастаан наһаа куттаммытым. Ытыы-ытыыбын суорҕаным анныгар лип сыппытым. Бачча  сааспар диэри бэтэрээҥкэлии да илик бэйэм, киһи  үөйбэтэх өттүттэн соһуччу  ыалдьаммын улахан оҕустарыыны ылбытым.  Оҕолорум барахсаттар  тулаайах хаалар буоллулар диэммин олус аймаммытым. Бэйэм даҕаны ийэ тапталын толору билбэтэх буоламмын, сүрэхпэр өтөрүнэн  оспот баастаах этим. Онтон ыла балыыһаҕа сытарым элбээбитэ, эм-том бөҕөтүн анаабыттара. Химиотерапия оннугар күн аайы аналлаах эми (химиопрепарат) иһэн саҕалаабытым. Онтубуттан аны  хотуолуур, мэйиим эргийэр, сэниэм эстэр буолбута.  Үс ый буола-буолабын үлэм курдук куоракка киирэн анаалыс туттарабын. Саатар ол түмүгэ тупсан испэт, ону сырыы аайы бастакытын истэр курдук ылынабын.  Ол иһин,   эмпин үсүһүн  уларыттылар, билигин этэҥҥэ курдукпун.   Хомойуох иһин, төрүүрүм  көҥүллэммэт. Ону билбит курдук эрдэ кыыстаах уол   оҕоломмутум да үчүгэй эбит. Билигин кыыһым тоҕустаах, уолум сэттэлээх. Дөрүн-дөрүн балыыһаҕа киирэн сытан тахсарбар үөрэнэн эрэллэр. Сынньана барар курдук саныыллар быһыылаах, куруук кэһии эрэйэллэр.   Хата, кэргэним    миигиннээҕэр ордук  кыһаллар, сотору-сотору «эмкин истиҥ дуо?» диэн хонтуруоллуур.  Иллэрээ сыл иккис группалаах инбэлииккэ таһаарбыттара. Бастаан наһаа кыбыстар этим.  Билигин син үөрэнэн      ыарыыбын кытта “доҕордоһон” эрэбин.

 Арай, аҕам киирэн кэллин…

2010 сыл, балаҕан ыйа.  Марианна ордук аҕатыгар чугас этэ. Аҕата саамай атаах, мааны кыысчаанын таптаан Марианна Куо диэн ыҥырара.  Эрэллээх эркин, дурда-хахха буолуохтаах күндү киһитин сүтэрбитэ номнуо уонтан тахса  сыл буолбут. Кини  таптыыр харахтарын, “Марианна Куо, сыллаан ылабын дуо?” диэн бүтэһигин эппит тылларын бу бэҕэһээ курдук өйдүүр.   Оччолорго кини 13  эрэ саастааҕа, көмүс күһүн курус илдьиттээх кэлбитин, ол күн аҕатын бүтэһигин көрбүтүн хантан сэрэйиэ баарай?!   – Аҕам дьаарай арыгыһыт буолбатах этэ  эрээри,  биирдэ эмэ иһэрэ.   Истэҕинэ хайдах да туруктаах буоллун,  сыыллан да дьиэтигэр  син биир кэлэрэ. Оттон ол күн тоҕо эрэ төннүбэтэҕэ…  Үһүс сылыгар биирдэ ууттан булбуппут. Мин олох аҕа оҕото этим. Ол иһин, аҕабын  күн бүгүнүгэр диэри  күүтэр курдукпун. Ийэм  ол кэнниттэн  аһыы утахха ылларан  барбыта,  кэлин ийэ быраабыттан быһыллыбыта. Кип-киэҥ, сып-сырдык, куруук минньигэс ас сыттаах, элбэх ыалдьыттаах дьиэбит улам арыгыһыттар мустар сирдэрэ буолбута. Ол кэмҥэ  оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕотторум  оһох  отторго, ас астыырга  көмөлөһөн, сорох ардыгар   доҕор буолан  хоно да хаалан,  мустубут арыгыһыттары үүрсэн абыраабыттара. Ол иһин, оскуолаттан дьиэбэр кэлиэхпин олох баҕарбат этим. Дьиэлээн  иһэн бастаан  оһохпут буруолуур дуу, суох дуу диэммин көрөрүм. Буруолаабат буоллаҕына ол аата ийэбит эмиэ испит диэн буолара. Оччолорго тоҕустаах быраатым сарсыарда эрдэ туран оһох отторо.  Оттон мин ас арааһын астаан, бырааттарбын  аччыктаппатах  буолуохтаахпын.    Оннук ийэлээх улааппыппыт. Билигин кини хоту олорор, улаханнык  билсибэппит. Кэлин  бэйэм ийэ буоламмын уонна араас уйулҕа куурустарыгар  үөрэнэммин    бырастыы гыммытым. Ону бырааттарбар эмиэ тиэрдиэхпин баҕарабын. Билигин бииргэ төрөөбүттэрим бары куоракка олороллор.  Оттон мин оҕо эрдэхпиттэн төрөөбүт Уолбабыттан,  дьиэбиттэн-уоппуттан олох тэйиэхпин баҕарбат этим. Ол иһин,  кэргэмминээн  дьонум дьиэтин  саҥардаммыт этэҥҥэ  олоробут.      

 Дьүөгэм – кэргэним

Ол да буоллар Марианна оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммитэ. Туохха барытыгар  көхтөөх, элбэх доҕоттордоох  этэ. Тохсус, онус кылааска   оскуола президенэ буолбута.  Ол  сылдьан биир сыл кыра кылааска үөрэнэр Саша диэн уоллуун билсэн,  оҕотук, килбик тапталлара улаатан, оскуола кэнниттэн  ыал буолбуттара.

Оскуоланы ыарахан бүтэрбитим, токсикозтуу-токсикозтуу эксээмэннэрбин туттарбытым.  Оччолорго кэргэним онус кылааска үөрэнэр этэ. Оскуоланы бүтэрэригэр алта ыйдаах оҕолооҕо.  Аармыйаҕа барарыгар уолбар ыарахан хаалбытым. Кэлэригэр уолбут номнуо олорор этэ. Бастаан кэргэним ийэтин кытта Ытык-Күөлгэ  бииргэ олорбуппут. Мин оҕо эрдэхпиттэн кимтэн да тутулуга суох улааппыт буоламмын, соруйалларын эҥин  сөбүлээбэт этим. Ол иһин, хотуммун кытта бастаан соччо тапсыбатахпыт. Билигин сотору-сотору куоракка киирэн көрдөрүнэрбэр сиэннэрин көрөн наһаа абырыыр. Түгэнинэн туһанан киниэхэ улахан махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Оттон кэргэним  саамай күүс-көмө, өйөбүл буолар киһим. Ыалдьыбытым  туһунан бастаан киниэхэ эппитим. Ыһыктынар кэммэр сыллаан-уураан, эмирийэн-томоруйан, уоскутар тыллары эттэҕинэ начаас өрүттэбин. Бэргээри гыннахпына  буруо таһааран ыраастыыр идэлээх. Ону таһынан, көрдөрүнэ кэлэрбэр хайаан да арыаллыыр, араас сыаналаах куурустарга үөрэнэрбин  олох утарбат.  Сыл аайы ытык саастаах дьоҥҥо бултаабыт куһуттан бэрсэр үтүө үгэстээх. Уолбаҕа биир да дьүөгэм ээ, ол иһин  саамай чугас дьүөгэм кэргэним  диэммин күлэбин.

Ыарыым аҕалбыт дьарыга

Дьоруойум    хара да үлэттэн толлубат үлэһит кыыс. Оннооҕор  уолугар ыарахан сылдьан хара төрүөҕэр  диэри  муоста сууйааччынан үлэлээбит.  Пицца астаан атыылыы да сылдьыбыт. Билигин  уһуйааныгар үлэлиирин таһынан кэтэхтэн иитээччи идэтигэр үөрэнэр. Куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы,  балыыһаҕа сытан  сөбүлүүр дьарыгын булбут. Ол  туһунан маннык кэпсиир:

Балыыһаҕа таах сытыахтааҕар  нумерологияҕа үөрэммитим. Бу  туһунан эрдэ тугу да  билбэт этим. Онон ыарыым аҕалбыт дьарыга диэхпин сөп.   Сыыппара кистэлэҥин үөрэппитим номнуо  үс сыл буолла. Бу сыллар тухары үгүс  дьоҥҥо көмөлөстүм. Ордук олохторугар бэйэлэрин суолларын була илик, муна-тэнэ сылдьар дьон  суруйаллар. Кинилэргэ төрөөбүт күннэринэн-дьылларынан  анаалыс оҥорон биэрэбин, сүбэлиибин-амалыыбын. Туһаммыт дьон элбэх. Бэйэбэр даҕаны көмөлөһөр дии саныыбын. Ону таһынан, аныгы үйэ сиэринэн социальнай ситимнэргэ эмиэ үлэлиибин. Сөбүлүүр үлэлээх, дьарыктаах буоламмын ыарыыбын умна быһыытыйдым. Ыалдьабын диэн сыппакка, ытаммакка-соҥоммокко  түүннэри-күнүстэри үлэлээччибин.   Сыал-сорук туруорунан дьиэбитин бэйэбит өрөмүөннээн, толору хааччыллыытын киллэрдибит,  гараж тутуннубут, массыына ылынныбыт.  Бу курдук сыаллары ситиһии киһини наһаа көҕүлүүр эбит. Биллэн турар, маннык ыарахан ыарыынан  ыалдьыам диэн санаабатах буоллаҕым. Дьылҕа хаан туохха эрэ үөрэтээри  тургутар курдук.   Биирдэ эмэ, нууччалыы эттэххэ, “выгорание” диэн  буолааччы. Оччоҕо  биир күн тугу да гыммакка сытан ыллахпына оннубун булабын. Кыратык да хайҕаатахтарына өссө өрө баран  үлэлиэхпин баҕарабын. Анаалыстарым түмүгэ төһө да соччото суох буоллаллар,  дьиэ кэргэним туһугар  санаабынан ыарыыбын кыайбытым  ыраатта. Олохпутун бэйэбит оҥостор буоллахпыт дии.  Оттон мин билиҥҥи олохпор дьоллоохпун”.

Үгүс дьон киэҥ байҕалы көрүөн, онно сөтүөлүөн баҕарар эбит буоллаҕына, Марианна ордук  хайаларга тардыһар эбит. Хас биирдии киһи халлааҥҥа харбыаласпыт аарыма хайалар курдук санаатынан күүстээх уонна  куруук сырдыкка, кэрэҕэ  эрэ талаһыахтаах  диэн этэр.   Кини    социальнай ситимҥэ   маннык суруйан таһаарбытын сэргии аахпытым: “Хас күн, ый, сыл санааҕа ылларан, бэйэбин аһына-аһына сытыахпыный?  Ойон туран ыарыыбын кытта “билсэн”, ылынан, эйэ-дэмнээхтик олоруохха диэн буолбута”. Кырдьык даҕаны, киһи санаа кулута, онон куруук үчүгэйи эрэ ырыҥалыы сылдьыахха.

Түмүккэ  дьоруойбуттан туох  ыра санаалааҕын туһунан ыйыталаспыппар: «Үтүөрүөхпүн,   өссө биир оҕолонуохпун  уонна бу тэтиммин ыһыктыбакка  үлэлии-хамсыы  сылдьыахпын  баҕарабын» диэбитэ.

Марианна, ыра санааларыҥ хайаатар да туоллуннар!  

 

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...