Төһө даҕаны тымныы буоллар, сайын өҥүрүк куйааска уҥкучахтан тахсыбыт, киһи утаҕын ханнарар ымдаан диэн саха таптыыр утаҕын ахтан кэлэҕин. Ымдаан, умдаан — кымыс кэнниттэн турар сүрүн утах. Тарга эбэтэр хайах уутугар, ол суох буоллаҕына суорат үрдүгэр улахан аҥарынан оргуйбут уу кутан оһоххо ууруллар. Оргуйуор диэри муос ытыгынан ытыйаҕын. Куобахтаан барда даҕаны, ылан биир күн устата көөнньөрө уураҕын. Сотору-сотору ытыйан, хамсатан биэрэҕин. Кырылыыр буоллаҕына, тахсыбыт, сиппит. Уҥкучахха түһэрэн сойбут ымдааны иһиэх иннинэ ытыйаҕын, оччоҕо кымыс курдук кыынньыбыт буоллаҕына, иһэргэ бэлэм. Тотоойу, минньигэс «саха кваһын» ордук уолаттар, эр дьон таптаан иһэллэр.