Бу ураты быһыылаах, тупсаҕай көстүүлээх дьиэ куорат таһыгар дьэндэйэн турар. Хаһаайыттар Николай уонна Надежда Васильевтар “Muza дом” (Ымыы дьиэтэ) диэн ааттаан, куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар сынньанар эйгэни тэрийэллэр. Николай Амма улууһун Абаҕатыттан төрүттээх, инженер идэлээх. Оттон Надежда Мэҥэ Хаҥалас Хорообут бөһүөлэгиттэн сылдьар, урбаанньыт.
Васильевтар дьиэлэрин 2022 сыллаахха күһүн аналлаах биригээдэҕэ туттарбыттар. Бырайыагын Куйаар ситимигэр көрөн, дойдубут тыйыс айылҕатыгар сөп түбэһиннэрэн дьэндэппиттэр. Дьиэ күннээҕи түбүктэн дуоһуйа сынньанарга, бэлиэ күннэри атаарарга анаммыт буолан, ханна да суох ураты тутуулаах буоларыгар кыһаллыбыттар. Сыаната быһа холоон үс мөлүйүөнтэн тахса буолбут.
Дьиэ каркаастан турар, 44 кв м иэннээх, саамай үрдүгэ 5 м 60 см уонна 3х5-тээх верандалаах. Ис өттүнээҕи эпсиэйэ гипсокартон уонна буруус маһы үтүгүннэрэн оҥоһуллубут хаптаһыннарынан, үрдэ вагонка матырыйаалынан сааллыбыт. Оттон тас өттүн үс араас матырыйаалынан: фанеранан, уһун синньигэс бэс маһынан уонна кирпииччэҕэ майгынныыр матырыйаалынан оҥорбуттар. Кырыыһатын изоверынан, изоспанынан хаттыктаан баран кровельнай профлииһинэн бүрүйбүттэр. Тутуу кэмигэр кыараҕас буолсу диэннэр, муннуктарын 1,5 м үрдэтэн биэрбиттэр. Үлэ тэтимэ манна бытаарбыта диэн хаһаайыттар кэпсииллэр.
Утуйар сирэ иккис этээскэ баар. Биэс түннүктээх: икки улахан түннүк 1,5х2 м, ойоҕоһугар турар икки түннүк 1,5х70 м уонна 1,915*70 м, оттон кыра түннүк 1,332х70 м кээмэйдээхтэр.
Толору хааччыллыылаах, муостата сылыйар уонна күөх төлөн киирэн турар буолан кыһын кыстыахха сөп.
«Саха дьоно былыр-былыргыттан тутууга сыстаҕастар. Кэлиҥҥи сылларга бииртэн биир дьоһун тутуулаах, ураты көстүүлээх дьиэлэр элбээн иһэллэр. Сыана ыарыы турар кэмигэр туохтан да толлубакка, саллыбакка аныгы олох ирдэбилигэр эппиэттиир дьиэлэри туттан бэйэҕитин, бар дьоҥҥутун үөрдэ, тулалыыр эйгэни киэргэтэ туруҥ», – диэн хаһаайыттар баҕа санааларын тиэрдэллэр.