Хара үлэни халлааҥҥа таһаарбыт хараҥаччылар

Былыр-былыргыттан сахалар олохпут биир төрүт дьарыгынан — дал, хотон тула үлэ буолар. Хараҥаттан хараҥаны холбоон киирии-тахсыы, тиритии-хорутуу, тохтообокко түбүгүрүү — ыанньыксыт буол, ньирэйи-бороону көр, барыта да чэпчэкитэ суох, дьахталлар намчы сарыннарыттан үйэлэр тухары түспэтэх сүгэһэрдэр. Сылаалаах, бүппэт түбүк туох эмэ уратылаах үлэнэн да ааҕыллыбат этэ — буолуохтаах, оҥоһуллуохтаах буоллаҕа дии! Ынах ыаныллыахтаах, сүөһү көрүллүөхтээх, саах күрдьэҕин туппакка, умса-төннө түспэккэ үрүҥ илгэ барахсан үрүлүйбэт, саламаатыҥ арыыламмат… Элбэх сүөһүлээх хотонтон быкпакка кыстаабыт барахсаттар биллэхтэрэ – сүөгэй-чөчөгөй төһөлөөх сыранан кэлэрин.

Туттуулаах түргэнэ, ыанньыксыт бастыҥа былыр да баар буоллаҕа, ол эрээри, аан бастаан бу хара үлэни Сэбиэскэй эрэ кэмҥэ үрүҥ күҥҥэ көрдөрөн өрө туппуттара, чулуулары аар-саарга аатырдыбыттара. Ити буолар ааспыт ХХ-с үйэ биир үрдүк ситиһиитэ – үлэни өрө тутуу, үлэһиттэринэн киэн туттуу уонна үлэнэн аатырыы.

Сабыс-саҥа тахсыбыт Саха сирин историятын үһүс кинигэтигэр Ирина Дмитриевна Олесова килбиэннээх ааттар быыстарыгар үлэ, сэрии геройдарынаан кэккэлэспитэ оруннаах. Кини 1936 сыллаахха саха дьахталларыттан бастакынан «Бочуот Знага» уордьанынан наҕараадаламмыта. Оччолорго ити норуот барыта сэргиир түгэнэ буолбута — сүүрбэччэлээх эрэ кыыс бу маннык билиниигэ, дойду үрдүкү государственнай бэлиэтигэр тугу ситиһэн тигистэ диэн.

 

Ирина Дмитриевна Олесова Уус Алдан сиригэр Бэрт Ууһун нэһилиэгэр төрөөбүтэ, оччотооҕу сиэринэн кыра эрдэҕиттэн туох баар ис-тас үлэҕэ барытыгар сыстан улааппыта. Холкуостар тэриллэн аны дьахтар аймах уопсай сүөһүнү көрүүгэ түһүммүтэ. Эдэркээн Өрүүнэ «Кыччама» холкуос ферматыгар биир бастыҥнар быыстарыгар сылдьан бүттүүн Саха сирин ыанньыксыттарыгар ыҥырыы таһаарбыта. Кини биирдии ынахтан 1000 киилэни ыырга көҕүлээн өрөспүүбүлүкэҕэ ыанньыксыттар кэккэлэригэр «тыһыынчалаахтар» хамсааһыннарын төрүттээбитэ. Ити билигин сэмэй курдук көһүннэр эрээри, өйдөөтөххө сөҕүмэр хардыы — ол сылларга ынахтан ортотунан 450-500 киилэ үүтү ыан куоһарбат кэм этэ, саха боруодата кырыымчык аһылыкка, ортоһуор көрүүгэ итинтэн элбэх үүтү биэрбэтэ.

Ирина Олесова икки бүк элбэх үүтү ыыртан ураты өссө саҥа төрөөбүт ньирэйи барытын тыыннаах хаалларарга сорук туруорбута, уонна ыҥырыытын тус бэйэтин сыллааҕы көрдөрүүтүнэн бигэргэппитэ. 1936 сыл олунньутугар кини Москва куоракка сүөһү иитэээччилэр Бүтүн Сойуустааҕы мунньахтарыгар кыттыбыта, онно дойду киинигэр киниэхэ уордьан туттарбыттара. 1937 сыллаахха И.Д. Олесова сүүрбэ биир сааһыгар Бүтүн Сойуустааҕы бастакы ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэт дьокутаатынан талыллыбыта.

Хотонтон, хара үлэттэн Москубаҕа бастакынан тиийбит саха кыыһын ситиһиитэ бар дьонугар аныгы, саҥа олоххо дьахтар тэҥ бырааптаммытын мэктиэтинэн буолбута. Дэлэҕэ Былатыан Ойуунусукай бэйэтинэн киниэхэ анаан айбыт хоһооно өр кэмнэргэ уостан түспэккэ сылдьыа дуо:

“Дорообо, Өрүүчэ, туйгун кыыс чулуута! Дорообо, Өрүүчэ, чиэстээх кыыс толуута! Мин ырыа ыллаары эйиэхэ турабын Мин итии эйэҕэс тойукпун туойабын… …Эҕэрдэ эйиэхэ, туйгун кыыс Өрүүчэ! Эн саха дьонуттан биир үрдүк аатаҕын. Эҕэрдэм эйиэхэ, уордьаннаах Өрүүчэ! Эн саха дьолугар, бу, чиэскэ тураҕын”.

Саха омугун олоҕун уйгутун оҥорон үрүҥ илгэни үксэтээччилэр барахсаттар хара үлэлэрэ үйэлэр тухары күннээҕи судургу дьарыгынан ааҕыллара, улаханнык сэҥээриллибэтэ. Сүүрбэһис үйэҕэ судаарыстыба холкуос-сопхуос фермаларыгар бастыҥ ыанньыксыты, сүөһү көрөөччүнү чиэстиир, өрө тутар бэлиитикэни олохтообута. Тэрийии бөҕөтүн, көҕүлээһин-күөттээһин түмүгэр Саха сирин барытын үрдүнэн ньиргиэрдээх куоталаһыылар тэриллэллэрэ. Үрдүк көрдөрүүлээх бастыҥ ыанньыксыт аатын сүгүү былдьаһык буолбута, аны фермалар уонна хаһаайыстыбалар бэйэлэрин икки ардыларыгар быстыбакка кэриэтэ күрэхтэһэллэрэ. Соҕотох биир киһи кыһалҕата буолбатах, бүтүн ферма, холкуос, сопхуос, нэһилиэк эбэтэр оройуон өйүүр-көмөлөһөр, киэн туттар хамсааһыннарыгар кубулуйбута. Тыа хаһаайыстыбатыгар, сүөһү иитиитигэр сылдьар кыргыттар-дьахталлар «Үлэ – чиэс, үлэ – киэн туттуу, албан аат эйгэтэ» диэн өйдөбүлгэ бигэтик киирбиттэрэ.

Дьиктитэ диэн баар, «туйгун кыыс Өрүүчэ” биир дойдулааҕа Елизавета Ивановна Бурцева кини кэннэ сүүрбэ сылынан эмиэ бүтүн Саха сирэ барыта билэр чулуу ыанньыксытынан аатырбыта. Кини сүүрбэттэн тахса сыл ынах ыан, государстваҕа соҕотох бэйэтэ мөлүйүөн чиэппэрэ киилэ үүтү туттарбыта. 1957 сыллаахха Елизавета Бурцева биирдии ынахтан 2357 киилэ үүтү ылан оччотооҕунан сөҕүмэр үрдүк көрдөрүүнү ситиспитэ. Ити сыл кини Социалистическай Үлэ Геройа диэн чиэстээх ааты сүкпүтэ, түөһүгэр Ленин уордьана килбэйбитэ.

Соруктар-сыаллар улаатан, далааһын да кэҥээн сүүһүнэн ыанньыксыт улэтин көрдөрүүтэ урдээбитэ. Билигин санаатахха, кыыска-дьахтарга сылаалаах түбүк – хойуккуга диэри үксүн илиинэн ыыллара, аны хотону ыраастыыллара, үүтү-ууну тасыһаллара. Ону ол диэбэккэ, ыанньыксыттар, ньирэй, сүөһү көрөөччүлэр хата сылтан сыл үлэлэригэр саҥаны, араас технологиялары киллэрэ, куоһарыылаах куоталаһыыны тэрийэ тураллара.

Ол курдук 1960-1970-с сылларга үлэҕэ бэриниилээх буолуу холобурун аны Анастасия Семеновна Копырина көрдөрбүтэ. Кини саҥаны сатабыллаахтык туһанан, холобур, сүөһү боруодатын тупсаран, кичэйэн көрүүну тэрийэн, сүөһү аһылыгар ураты болҕомто ууран хас биирдии ынахтан 2000 – 3000 киилэ үүт холкутук ыанарын дакаастаабыта.

Анастасия Копырина өр сылларга куруук инники кирбиигэ, үрдүк чыпчаалларга дьону көҕүлүү сылдьыбыта. Эдэр ынахтары ньирэйтэн арааран ыыр эксперимеҥҥэ биир бастакынан үлэлэспитэ. Эмиэ биир бастакынан сүөһү иитиитин салаатыгар холобур көрдөрөн турардаах – чулуу ферматтан саамай хаалынньаҥ, чиэски ыраах турар фермаҕа тылланан тиийэн, үлэни тэрийэн сотору туругурдан турардаах. Эмиэ И.Олесова, Е.Бурцева курдук саҥа төрөөбүт ньирэйи тыыннаах хаалларарга, көрөр сүөһүтэ быстарбакка кыстыырыгар улахан кыһамньытын уурара.

1972 сыллаахха Анастасия Семеновна Саха өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр Социалистическай куоталаһыы знамятын өрө көтөҕөргө диэн аһаҕас сурук суруйбута. Ити сурук улахан дуорааннаах буолбута – куоталаһыы араас көрүҥнэрэ сайдан тэнийэн барбыттара. Кини бу сылларга тус бэйэтэ өлгөм үүтү ыан, аны дьону күүрүүлээх үлэҕэ көҕүлээн норуот хаһаайыстыбатыгар улахан кылааты киллэрбитэ. Анастасия Копырина дьаныардаах үлэтэ, тахсыылаах саҕалааһыннара сыаналанан 1973 сыллаахха ыанньыксыт Социалистическай Үлэ Геройун үрдүк аатын сүкпүтэ.

Сахабыт сиригэр чэҥ муус үрдүгэр аҕыйах кэм сылаас күн тыктаҕына от-мас барыта көҕөрө чэлгийэр, тыынар тыыннаах бүттүүн үүнэр-тэнийэр. Ол кылгас кэми баттаһа дьон сэргэ бары үлэлээн-хамсаан хаалар, сайын барахсан аҕыйах сынньалаҥ хонугар сынньанаат, ыһыахтар кэннилэриттэн аны от үлэтигэр түсүһүү буолар. Күлүм гынан ааһар күннээх сайын саха омук баар суох баайа-дуола – сыспай сиэллээҕэ, хороҕор муостааҕа мэччирэҥҥэ көҥүллүк көччүйэр кэмэ. Ол эрээри, олус түргэнник кыстыкка киирэр кэм кэлиэ. Эмиэ унньуктаах уһун кыһын устата бааргын суоххун хараҥа хотоҥҥо харайыы, тыыннаах хаалларан быстарбакка аныгыс күөххэ үктэннэрии – барыта төһө оту оттообуккуттан, хайдах көрөн-истэн туруорбуккуттан тутулуктаах… Сүүһүнэн көлүөнэ сүүһүн көлөһүнэ түспүт үлэтэ баар – сүөһү көрүүтэ. Өрөбүл диэни билиммэт, сылаа диэни аахсыбат…

Бүгүн кэпсээбит кэрэ аҥардарбыт сүрэхтэрин сылааһын биэрэн туран күүстээхтик үлэлээн аатырбыттыра-сураҕырбыттара, өрөспүүбүлүкэ уонна бүтүн дойду таһымыгар бэлиэтэнэн биллибиттэрэ. Туруммут кирбиилэригэр хайаан да тиийэр дьүккүөрдэринэн, үрдүккэ тардыһар сырдык санааларынан бу саха дьахталлара кырдьык да хара үлэни халлааҥҥа таһаарбыт хараҥаччылар буоллахтара. Килбиэннээх ааттара өрүүтүн даҕаны кэрэхсэллээх кэпсээн буола сырыттын дуу…

 

 

Лилия ВИНОКУРОВА, Гуманитарнай чинчийиилэр уонна хотугу төрүт омуктар кыhалҕаларын үөрэтэр үнүстүүт наукаҕа сүрүннүүр үлэһитэ, СӨ Дьахталларын тэрилтэлэрин Сойууһун бүрүсүүдьүмүн чилиэнэ.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...