Лабырыай

«13 Далбар Хотун» күрэс «Айыы Хотун» аат хаһаайката Маргарита Семенова  лабырыай диэн саха төрүт аһын астаан көрдөрбүтэ. Бу ас туһунан ССРС култууратын туйгуна, СӨ профтех үөрэхтээһинин туйгуна Мария Габышева суруйуутун ааҕарга ыҥырабыт.

“Лабырай”, “лабырыай”. Саха төрүт аһа — диэн этэр Гавриил Угаров (Эһээ Дьыл). Лабырыгы үөрүүлээх түгэн, бырааһынньык аһын быһыытынан астаан аһыахха, сиэргэ-туомҥа туттуохха, инньэ гынан төрүт аспыт көрүҥүн байытыахха диир.

Оттон саха бастакы этнограф ученайа Семен Иванович Николаев-Сомоготто “Пища якутов (в свете соседних культур)” диэн кинигэтигэр: “Былыргы сахалар астарын архаичнай бүлүүдэлэригэр бурдук биир да аһа суох этэ”, — диир. Кырдьык да түҥ былыргы, үйэлэри уҥуордаан кэлбит “Ньургун Боотур” олоҥхону ылан көрдөххө айыы бухатыырдара, абааһылар да аһылыктарыгар бурдук ас ончу суох: сыалаах эт, балык, үүт ас арааһа, ууллубут арыы баар. Ону сииллэрэ ойууланар. Кырдьык, биир да бурдук ас: хааһы, саламаат, лэппиэскэ, алаадьы о.д.а. олоҥхоҕо ахтыллыбатах.

Онон сахалар төрүт астарыгар бурдук астар кэлин, сүнньүнэн нууччалары кытта холбоһуу түмүгэр, сир оҥоһуутунан утумнаахтык дьарыгырыы кэнниттэн сайдыбыт бородуукта буолар курдук. Айанньыттар, көскө ыытыллыбыттар, араас атыыһыттар бурдугу эргиэҥҥэ (түүлээххэ) атастаһыылара эрдэттэн да баар эрээри, оччолорго бурдуктан аһы астааһын улаханнык тэнийбэтэх. Онон, Сомоҕотто быһаарыытынан аҕыйах арыыга буспут алаадьыны кыратын “лабырык”, улаханын “лабырыай”дииллэр эбит.

Сороҕор убаҕас тиэстэттэн бэрт кыра арыынан эбэтэр сыанан сотуллубут хобордооххо буспут лэппиэскэни эмиэ итинник “лабырык”, “лабырыай” дииллэр эбит. Хайдах эрэ блиныны санатар эрээри, тиэстэтэ хойуу, алаадьы киэнин курдук.

Билигин алаадьы ыал аайы оҥоһуллар, олус минньигэс, киһи сөбүлээн сиир бурдук аһа. Уруу, үбүлүөй, ыһыах онтон да атын араас бырааһынньыктар алаадьыта суох ааспаттар.  Сиэри-туому ыытыы алаадьыта суох табыллыбат.

Саха төрүт аһа- үөлэ олох сүтэн, умнуллан хаалбатаҕа. Сэбиэскэй былаас сылларыгар общественнай аһылыкка туһаныыта сыыйа аччаабыта эрээри, ордук тыа сиригэр ыал аайы ис миинэ, күөрчэх, лэппиэскэ, саламаат, алаадьы, үүт астар о.д.а. аһыыр аһылыкпыт этэ, бааллара, сүппэтэхтэрэ.

Билигин олох сайдыыта, уларыйыыта күүскэ бара турар. Хас биирдии киһи бэйэтин активнай, уһун үйэлэлэнии туһугар доруобуйатын, аһылыгын көрүнүөхтээх. Урукку курдук илии ыарахан үлэтэ суох, элбэх энергия ороскуоттаммат. Доруобуйаҕа буортулаах ас-үөл дэлэйдэ, айылҕа алдьанна. Сомоҕотто баҕата олоххо киириэхтээх: саха төрүт аһын үөрэтэн, бэрэбиэркэлээн, туһалааҕын, буортулааҕын арааран, уопсай нэһилиэнньэ туттуутугар таһаарыахха. Онон үөрэхтээхтэр этэллэринэн — хайдах айылҕалаах сиргэ олороргуттан, киһи бэйэтин доруобуйатын туругуттан, үлэтин-хамнаһын туһаайыытыттан олоҕо тутулуктанар диэн. Урукку курдук күүс-уох биэрэр олус сыалаах, арыылаах ас наадата аччаабыт кэмэ. Доруобуйан туругуттан ханнык битэмииннээх, минеральнай эттиктээх төрүт астары аһыырга анал үөрэхтээх дьон сүбэлэрин оруола улаатар. Киһи организма наадыйар төрүт аһын сиир, төрөөбүт айылҕатын харыстаан олорор сир оҥоһуннаҕына, эт-хаан өттүнэн дьарыктаах, общественнай активнай олоххо кыттар буоллаҕына үйэтэ уһуо, ыччата доруобай, инники кэскиллээх буолуо.

“Лабырык”,  “лабырыай” тиэстэтэ алаадьы тиэстэтиттэн туох да уратыта суох. Нууччалар кэлиэхтэриттэн “лабырыай” аата алаадьы (оладьи) диэн буолбут быһылаах. Ааттыын да арыылаах алаадьы дэнэр. Кэлин дьон тиэстэни минньитээри сымыыт, саахар, сүөгэй эбэн биэрэллэр. Онон, биир бэйэм лабырыайы алаадьы дии саныыбын уонна сүнньүнэн мааны түгэҥҥэ — бырааһынньыкка, сиэргэ-туомҥа тутуһабын.

 

 

Мария Габышева

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Модун санаалаахтар

Сэрии сылларыгар тыылга төһүү үлэһит күүһүнэн эр дьон оннугар дьахталлар хаалбыттара. Салайааччыттан саҕалаан дьиэ хаһаайкатыгар тиийэ бары ийэлэр, эдэр кыргыттар, оҕолор алдьархай ааҥнаабытын, дойду...

«ДАЛБАР ХОТУН» Төҥүлүгэ

Ахсынньы 12 күнүгэр "Далбар хотун" сурунаал Төҥүлү нэһилиэгин "Доруобуйа" түмсүү далбардарын кытта көрүстэ. Бу күн олохтоохтор сурунаал үлэһиттэрин "Сайдам" общественнай түмсүү дьиэтигэр үөрэ-көтө көрүстүлэр....

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...