Торт астыыртан салҕыбаппын

           От ыйын 20 күнэ олус минньигэс күн. Бу күҥҥэ Аан дойду үрдүнэн туорт бырааһынньыга бэлиэтэнэр. «I CAKE YOU» (мин эйиэхэ тортаах кэлиэм) диэн дьоро күн сүрүн этиитэ бэйэ икки ардыгар эйэлээх буолууну көҕүлүүр. Минньигэс уонна дириҥ ис хоһоонноох бырааһынньыгы көрсө торт арааһын уонна килиэп астыыр асчыкка Лена Петроваҕа @Lena_cake_ykt ыалдьыттаатыбыт. Лена минньигэс үлэтин, дьон билигин ханнык тортары сөбүлээн үлэһэрин, уруу тортарын хайдах астыырын туһунан үөрэ-көтө кэпсээтэ.

  • Дьиэтээҕи торт XXI үйэ дьонун тапталын баһылыан баһылаата. Оттон эн бу идэни хайдах баһылаатын?
  • Оҕолонон олорон тугу эрэ астыахпын баҕаран кэлбитим. Бастаан дьоммор анаан судургу бискибииттэри астыырга үөрэммитим. Түөрт муннук гына бысталааммын үрүт-үрдүгэр ууран араастаан сааһылыырым уонна ууллубут сакалааты кутаммын отоннорунан киэргэтэн кэбиһэрим. Кырачааммытын көрө кэлэр ыалдьыттары оннук тортаах көрсөрүм. Биирдэ кэргэним эдьиийдэрэ амсайан бараннар олус астыммыттара, букатын туох эрэ ускуустуба курдук көрбүттэрэ, хайҕаабыттара аҕай. Хайҕаммыт киһи эр санаам киирэн бу туорпун өссө тупсаран биэрбитим. Ол кэннэ дьүөгэбиттэн маҥнайгы үлэх киирбитэ. Барыта кыраттан бу курдук саҕаламмыта. Оччолорго билиҥҥи курдук элбэх асчыт суоҕа.
  • Туох идэлээххиний?
  • Идэбинэн англия тылын учуутала буолабын. Декрет кэнниттэн астыырбын тохтотоммун үлэбэр тахсыбытым. Өссө үс сыл үлэлээн бараммын “учуутал идэтэ миэнэ буолбатах” диэммин уурайан хаалбытым. Үһүс оҕобун 2019 сыллаахха төрөппүтүм. Бу кэмтэн дьиҥнээхтик бэйэбэр итэҕэйэммин, асчыт буоларбын бигэ быһаарыммытым. Кэргэним өйөөбүтэ, оттон төрөппүттэрим бастаан утаа сөбүлээбэтэхтэрэ. Үрдүк үөрэхтээх эрээри асчыт буоллун диэн. Билигин үлэбиттэн астынарбын көрө-билэ сылдьаллар.
  • Кондитер буолуон баҕалаах киһи туохтан саҕалыахтааҕый?
  • Бизнес-былааммын көмүскээммин икки сүүс биэс уон тыһыынча көмө харчы ылбытым. 2021 сыллаахха “самозанятай” буолбутум уонна биир сыл устата тигинэччи үлэлээбитим. 2022 сыллаахха туппут харчыбын сөпкө толору туһаммыппын оччуоттаабытым. Саҥа саҕалыыр киһиэхэ маннык көмө олус наада. Бу өйөбүл харчыга туттар малбын-салбын, астыыр оһохпун, иһит сууйар массыынаҕа тиийэ ылыммытым. Ону таһынан үөрэхпин төлөөбүтүм.
  • Туох үөрэҕэр үөрэммиккиний?
  • Торт астыырга асчыт Людмила Павловаҕа үөрэммитим. Ону таһынан куйаар ситимин нөҥүө Москубалар ыытар уруу туортарын астыыр үөрэхтэригэр үөрэммитим. Киһи биир кэм олорбокко эрэ сайдан, улаатан иһиэхтээх. Манна эбии торду киэргэтэр кууруһу эмиэ ааспытым. Холобура, билигин сиэниллэр чараас баахыла кумааҕыттан киэргэллэр олус биһирэнэллэр. Бу кумааҕыттан араас чэчиктэри кырыйан оҥоробун, ордук, торду пионунан киэргэтэрбин сөбүлүүбүн.
  • Киэргэл оҥорор бэйэтэ туспа бириэмэни ирдиир сыра буоллаҕа?
  • Оннук. Ол эрэн мин киэргэтэрбиттэн олус астынабын. Күнү-күннүктээн сүнньүм ыалдьыар диэри олоруохпун сөп. Бииртэн-биир кэрэни оҥорон таһаарар олус долгутуулаах. Мин бэйэм айар куттаах киһибин. Торт оҥоһуллан тахсарын туспа ускуустуба курдук көрөбүн. Ол иһин билигин биирдиилээн эрэ үлэхтэри ылабын. Маассаҕа астаабаппын. Дьону кытта кэпсэтэн, хайдах, туох торду оҥотторуохтарын баҕаралларын эрдэ кэпсэтэн, толкуйдаан таһаарарбын астынабын.
  • Маннык үлэлииргэ хамаандалааххын дуо?
  • Билигин соҕотохпун. “Самозанятай” буоламмын үлэһит ылар быраабым суох. Сотору “индивидуальнай предприниматель” буолуохтаахпын. Оччотугар кэҥээммин, соруктарбын үрдэтиэхтээхпин. Соторутааҕыта диэри дьиэбэр астыырым, билигин туспа квартираҕа астыыбын.
  • Дьиэҕэ уонна туспа анаан астыыр туох уратылааҕый?
  • Букатын атын. Дьиэҕэ астыыр уустук. Дьонум аһыы олордохторуна мин үлэх оҥоро сылдьар буолабын. Оҕолорбун аһатабын, оттон сүүрэн тиийэн салгыы торпун астыыбын. Киһи олус аралдьыйар, ыгыллар. Олус сылаалаах уонна үлэҕиттэн дуоһуйууну ылбаккын. Сарсыарда биэс чааска бары утуйа сыттахтарына туран үлэлээччибин.
  • Оттон билигин?
  • Мин билигин үлэлээн бараммын дьиэбэр ийэ буола барабын. Барытын умнабын уонна оҕолорбун, дьиэ кэргэммин кытта бииргэ буолабын. Кинилэргэ анаан ас астыыбын, элбэхтэ кэпсэтэбит. Бэйэбэр өрөбүл күннэрдээхпин. Нэдиэлэ маҥнайгы уонна иккис күннэригэр үлэх ылбаппын. Өрөбүлгэ эмиэ аҕыйаппытым. Оскуолаҕа үөрэнэр оҕолордоох буоламмын бу күнү оҕолорбор аныыбын. Маннык сааһыланар кэтэх үлэлээх дьоҥҥо олус туһалаах. Бастатан туран, үлэттэн салҕыбат буолаҕын. Билигин үөрэ-көтө үлэбэр барабын. Оннооҕор күннээҕи түбүктэртэн сынньанар курдукпун. Быйыл саас биир ый устата уоппуска оҥостубутум. Бэйэбэр үлэлиирбин олус сөбүлээтим. Күннээҕи соруктарбын тус баҕабынан, кыахпынан көрөн туруорунабын. Хаччахтаммаппын.

  • Төһө дохуоттанаҕын?
  • Төһөнү үлэлиирбинэн. Орто хамнас тахсар. Эрдэ суоттаммат буоллахпына билигин барытын ааҕабын, былаанныыбын. Бу ыйга баччаны оҥордум диэн кэргэммэр көрдөрдөпүнэ сөҕөр аҕай.
  • Үлэх ордук ханнык кэмҥэ киирэрий?
  • Саҥа дьылга, дьахтар күнүгэр уонна сайыҥҥы кэмҥэ.
  • Сайыҥҥы кэмҥэ итиигэ торт үлэһэллэр дуо?
  • Былырыыҥҥыттан элбэх киилэлээх уруу тортарын астыыр буоллум. Олус эппиэтинэстээх уонна долгутуулаах. Тоҕо диэтэххэ, элбэх киһиэхэ, олоххо биирдэ буолар тэрээһиҥҥэ анаан астыыбын, ол иһин барытын эрдэттэн кэпсэтэбин. Тэрээһин киэргэтиитин, сүктэр кыыс былааччыйатын моһуонун, эдэрдэр баҕа санааларын учуоттуубун.
  • Урууга анаан астаабыт саамай улахан тордун төһө этэй?
  • Тоҕус киилэлээх этээстээх торду астаабытым. Ити өссө дьиэбэр астыыр эрдэхпинэ. Саамай долгутуулааҕа айана этэ. Мархаттан тиэйэн аҕалбыппыт. Суол хас биирдии хайаҕаһын ааҕан кэлбиппит. Кэргэммин кытта уу-чуумпутук, күүрэн баран айаннаабыппытын билигин күлэ саныыбын. Хата этэҥҥэ тиэрдибиппит.
  • Сөбүлээтин дуо улахан тортары астыыргын?
  • Олус астынабын. Ис-испиттэн иэйэн туран астыыбын, оҥоробун. Күүнэри-түүннэри хайдах буолуохтааҕын ойуулаан көрөбүн. Биллэн турар, үлэтэ элбэх. Ол эрэн ыарахантан самныбаппын, төттөрүтүн дуоһуйуу ылабын.
  • Билигин таҥаска-сапка, дьиэҕэ-уокка, бэл диэтэр косметикаҕа тиийэ “тренд”, муода диэн баар буолла. Торт эйгэтигэр оннук баар дуо?
  • Барытыгар баар. Былырыыҥҥыттан бу күҥҥэ диэри уоттаах “бомба” тортар киэҥник биллэллэр. Киэргэтиитин чааһыгар чараас баахыла кумааҕыттан сибэккилээх тортары үлэһэр буоллулар. Амтаныгар кытары “тренд” баар. Билигин кириэминэн эрэ муҥурдаммаккын. Иһигэр мусс, “конфи” араҥалаахтары сөбүлүүллэр. Ис туолбатын барытын бэйэм астыыбын. Минньигэһин, хойуутун хонтуруоллаан, амсайан эрэ баран киэн араҥаҕа таһаарабын. Бастатан туран бэйэм сөбүлүөхтээхпин.
  • Лена, эн курдук саҥа саҕалыыр дьоҥҥо тугу сүбэлиэн этэй?
  • Толлубакка иннигит, баҕа санааҕыт диэки хардыылаан иһэргитигэр. Талбыт идэҕитин таптыыр, үлэҕититтэн дуоһуйууну ылар буолуохтааххыт. Оттон саҥа саҥалыыр чугас дьонноох буоллаххытына кинилэри өйөөҥ, үтүө сүбэһит буолуҥ, күүстэригэр-күүстэ эбиҥ. Чугас дьон өйөбүлэ олус наада.

Биһиги бүгүҥҥү дьоруойбутугар үрдүк ситиһиилэри, элбэх махталлаах үлэһээччилэри баҕарыаҕыҥ! Ааҕааччыларбытыгар: “Мин эйиэхэ тортаах кэлиэм”, — диэн чугас дьоҥҥутун үөрдэҥҥит соһуччу минньигэс көрсүһүүтэ бэлэхтээҥ диэн сүбэ дуомун ыытабыт. Бары дьоллоох, эйэлээх буолуоххайыҥ.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...