Күүтүүлээх сайыммыт кэлэн оҕуруоппут аһа ситэрэ бу кэллэ, маҕаһыыннарга фрукта арааһа үксээтэ. Оҕолорбутун, сиэннэрбитин битэмииннээх аһынан күндүлүүбүт буоллаҕа. Ардыгар араас фруктаны хайдах сууйан-сотон сиирбитин мунаахсыйар түгэннэр бааллар. Ол туһуттан бу сайыҥҥы бэлэхтэри сөпкө ыраастанан сииргэ тэттик сүбэлэри биэрэбит.
ТУГУНАН СУУЙАБЫТ?
Үгүс исписэлиистэр мүлүгүр кран уутугар сууйун диэн сүбэлииллэр. Ол кэннэ кураанах тирээпкэнэн сотон ылабыт. Чараас хахтаах буоллаҕына губканан эбэтэр илиибитинэн сотобут. Хомойуох иһин маннык сууйуу 100% микробтартан харыстаабат эрээри, мыыланан, араас сууйар убаҕастары туттубуттааҕар ордук дииллэр. Оннук сууйуу буортута быдан күүстээх. Оттон пестицитдары аччатарга туустаах, суодалаах ууга уонча мүнүүтэ сытыарар үчүгэй . Оннук түгэҥҥэ пестицидтара 70% алдьанар диэн үөрэхтээхтэр дакаастаабыттар.
Микробу саамай үчүгэйдик икки мүнүүтэлээх оргутуу өлөрөрө биллэр эрээри, сибиэһэй ас үтүөтэ барыта алдьанара биллэр. Онон тугу хайдах сууйарбытын Роспотребнадзор сүбэтинэн биир-биир быһаарабыт.
ХАППЫЫСТА
Тас сэбирдэхтэрин ыраастыыбыт. Тымныы ууга аҕыйах мүнүүтэ сытыарабыт. Үөннэрэ ууга дагдайан тахсыахтара.
КҮӨХ ЛУУК, САЛААТ СЭБИРДЭҔЭ, ПЕТРУШКА…
1 л ууга 1 улахан ньуоска туус кутабыт уонна маннык суурадаһыҥҥа 30 мүнүүтэ сытыарабыт. Микробтар, паразиттар сымыыттара өлөллөр, буора, кирэ уу түгэҕэр түһэр. Ол кэннэ сайҕаан ылабыт.
БУОР АННЫГАР ҮҮНЭР ОҔУРУОТ АСТАРА:
15 мүнүүтэ мүлүгүр ууга сытыарабыт, ол кэннэ хаҕын ыраастыыбыт, үчүгэйдик сууйабыт.
ВИНОГРАД
Винограды сүүрэ турар уу анныгар сууйаллар. Виноград уга отоннорун микроорганимнартан харыстаан чугас-чугас ына үүнэр уратылаах. Сууйуллубут виноград төттөрүтүн түргэнник буорту буолар. Онон винограды сууйан баран түргэнник сии охсор ордук.
ВИШНЯ, ЧЕРЕШНЯ, МАЛИНА, МООННОҔОН…
Сиидэҕэ 1 араҥанан ууран баран сүүрэ турар уу анныгар 5 мүнүүтэ туруораҕыт. Оччотугар быыла, кирэ-хаҕа ууну кытта сүүрэн хаалыахтаах.
ДЬЭДЬЭН, КЛУБНИКА
10-15 мүнүүтэ мүлүгүр ууга сытыараҕыт, ол кэннэ сүүрэ турар уунан сайҕыыҕыт.
АПЕЛЬСИН, МАНДАРИН
Хахтаах фрукталары восканан ыстараллар, ол иһин бастаан оргуйбутунан уунан, ол кэннэ мүлүгүр уунан сууйун диэн сүбэлииллэр.
АРБУЗ, ДЫНЯ, ТЫКВА…
Итии ууга краҥҥа щетканан сууйабыт. Бастаан оргуйбутунан ууну кутуохпутун сөп. Арбуз пестицидка саамай үрдүк көрдөрүүлээх. Ол иһин арбуһу олус кичэйэн хаҕын маҕаныгар диэри сиэмэн диэн сүбэлииллэр. Пестицид тобоҕо хаҕар мустар.
ПЕСТИЦИД – үүнэ турар үүнээйи үөнүн-көйүүрүн, паразиттарын өлөрөр химическэй уонна биологическай препарат. Киһи доруобуйатыгар — дьаат. Төрүүр-ууһуур уоргаҥҥа охсор, искэҥ ыарыытын уһугуннарар, ньиэрбэ систематыгар, иммунитекка охсуулаах дьайыылаах. Үксүгэр тас дойдуттан кэлэр фруктаҕа, хортуоппуйга баар. Роспотребнадзор пестицид туттуллубут нуорматын көрүҥүттэн, бырыһыаныттан көрөн киһи доруобуйатыгар охсуутун быһаарар. Кыра дозалаах буоллаҕына ону Роспотребнадзор көҥүллүүр. Онон, норуот остуолугар оннук эттиктээх ас-үөл киһи доруобуйатыгар көҥүллэнэр дозата кэлэр диэн суруйаллар.