«Белый ангел» диэн үрүҥ өҥнөөх огурсу олордон боруобалаабыккыт дуо?
Олус чараас, сымнаҕас хахтаах, симэһиннээх, минньигэс амтаннаах, сыта дыргыйан олорор суорт диэн оҕуруоччуттар хайгыыллар эбит. Уута тиийбэтэҕинэ аһыы амтаннаммат. Бу огурсу суорда атыттардааҕар элбэх минеральнай веществолаах (калий, магний, цинк, медь, марганец, железо, хлор, фосфор, натрий, фолиевай кислота). Үрдүк үүнүүлээх, биир уктан 5-6 кг. аһы ылаллар.