Үтүлүк тиктиэххэ

Мин Лариса Ордахова диэммин,   Уус Алдан улууһун Суотту орто оскуолатыгар производственнай үлэҕэ маастарынан үлэлиибин. Билигин оҕобун көрөн олоробун.

2012 сыллаахха Дьокуускайдааҕы индустриальнай -педагогическай  кэллиэһи бүтэрбитим. Оҕо эрдэхпиттэн иистэнэрбин олус  сөбүлүүбүн. Ол курдук, бастакы улахан ииһим диэн,  балтым  оскуоланы бүтэрэригэр банкетыгар кэппит былаачыйатын  тикпитим. Ордук сөбүлээн сахалыы таҥаһы тигэбин, дьон да үксүн ону үлэһэр.

Иис кистэлэҥэр миигин аҕа кэллиэгэлэрим Екатерина Семеновна Васильева уонна Мария Алексеевна Назарова үөрэппиттэрэ.  Умсугуйан туран иистэннэххэ ордук сатанар, табыллар курдук. Уонна,   оҕолору кытта үлэлиир буоламмыт өрүү сэргэх, интириэһинэй. Кинилэр  билбэттэрин билэн, сатаабаттарын сатыыр буолан үөрэн-көтөн бардахтарына,  өссө таһаарыылаахтык   үлэлиэхпин, айыахпын-тутуохпун баҕарабын.

Үтүлүк тигиигэ маастар-кылаас

Үлэҕэ кэтиллэр үтүлүгү чараас, халыҥ гына тигиэххэ сөп. Ордук бириһиэн, джинса курдук халыҥ таҥастар барсаллар. Эбэтэр эргэрбит, оҕолор аччаабыт  таҥастарын көтүрэн маннык үтүлүгү тигиннэххитинэ быдан барыстаах буолуоҕа.

Ирдэнэр: Үтүлүк тас таҥаһыгар 40 см, иһигэр эмиэ 40 см матырыйаал туттуллар. Ону таһынан, биир сап, калька кумааҕы, харандаас (ручка), ньэмиэти таҥаска түһэрэргэ миэл (мыыла). Бу үтүлүгү чараас бириһиэн уонна флис таҥаһынан тикпитим.

Бэриллибит ньэмиэти калька кумааҕыга түһэрэн ылан кырыйабыт. Ону  таҥаска көһөрөбүт, сиигэр 1см хаалларабыт. Үтүлүк айаҕын өттүнэн сиигэ 2 см буолуохтаах. Үтүлүкпүт иһин эмиэ бу халыыбынан быһабыт, дэтээллэрэ барыта иккилии  буолуохтаах.

Салгыы үс сиигинэн сүрдээх түргэнник тигиллэр албаһы көрдөрүөм. Бу албаска  кэллиэгэм  Екатерина Семеновна үөрэппитэ. Ол курдук,  бастаан ытыс өттүн холбуубут. Хаартыскаҕа  курдук ууран бэлэмниибит. Ис уонна тас өттүлэрин тэҥҥэ тутан тигэбит. Маннык  биир сиигинэн ытыһын холбоон кэбиһэбит.

Тарбаҕын тиэриэх иннинэ  сиигэр 1 мм тиийбэккэ эрэ кырыйталыыбыт. Оччоҕо тиэрэн таһаардахха тардыста сылдьыа суоҕа.  Маннык холбуур олус түргэн уонна  иһинэн-таһынан  сиигэ көстүбэт буолар.

Ытыс өттүн көхсүн кытта эмиэ биир сиигинэн холбуубут. Тиэрэн көрдөххө  эмиэ  сиик баара көстүбэт буолуохтаах. Үтүлүк айаҕын бүк тутан баран төгүрүччү тигэн кэбиһэбит.

Үтүлүкпүт бэлэм буолла!

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Модун санаалаахтар

Сэрии сылларыгар тыылга төһүү үлэһит күүһүнэн эр дьон оннугар дьахталлар хаалбыттара. Салайааччыттан саҕалаан дьиэ хаһаайкатыгар тиийэ бары ийэлэр, эдэр кыргыттар, оҕолор алдьархай ааҥнаабытын, дойду...

«ДАЛБАР ХОТУН» Төҥүлүгэ

Ахсынньы 12 күнүгэр "Далбар хотун" сурунаал Төҥүлү нэһилиэгин "Доруобуйа" түмсүү далбардарын кытта көрүстэ. Бу күн олохтоохтор сурунаал үлэһиттэрин "Сайдам" общественнай түмсүү дьиэтигэр үөрэ-көтө көрүстүлэр....

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...