Малы-салы, иһити-хомуоһу талах эҥин көрүҥүттэн өрөөһүн былыр-былыргыттан баарын билэбит. Оннооҕор Тутанхамон мэҥэтин арыйалларыгар икки өрүү олоппоһу булбуттара биллэр. Түҥ үйэлэртэн кэлбит ньыма билиҥҥи кэмҥэ олус суолталанна. Бу туһунан кумааҕынан эҥин эгнэни идэтийэн өрөр Розалия Новгородова кэпсиэҕэ.
— Мин илиибинэн ону-маны оҥорорбун оҕо эрдэхпиттэн сөбүлүүбүн. Открыткаттан саҕалаан, дьоммун үөрдээри, эҥин бэлэхтэри бэлэмниирим. Идэбинэн математика учуутала эрээрибин, биир сыл үлэлээн баран “миэнэ буолбатах” диэммин уонна көҥүлбүнэн үлэлиэхпин баҕараммын кумааҕынан оҥоһуктары өрүүнэн дьарыктанан саҕалаабытым. YouTube нөҥүө үөрэнэммин кыра-кыралаан ону-маны оҥорор буолбутум. Биирдэ Ийэ күнүгэр күөстэнэр хоско аналлаах малы-салы уонна улахан таҥас угар чарт иһит өрбүтүм. Ол кэннэ бастакы үлэхтэрим киирэн барбыттара. Кыра да оҥоһукка кыччаабыта биэс күн барар. Бастаан испииссэ сототун көмөтүнэн хаһыакка анаммыт ыраас кумааҕыттан уһун синньигэс көҥдөйдөрү оҥортуубун, морилканан кырааскалыыбын. Биир хонук устата сытан куурбуттарын кэннэ акрил лааҕынан сотобун. Ол кэннэ уунан сиигирдэн баран, эмиэ түүн устата хатарабын. Кумааҕы маннык таҥастааһын кэнниттэн кытаатар, дьиҥнээх талахтан (лозаттан) туох да уратыта суох буолар. Үлэлиир сэк төһөнөн бөҕө, оччонон оҥоһук көстүүтэ, туруга чиҥ буолар. Бэлэм оҥоһугу син-биир кырыстыыгын, лаахтыыгын. Оччоҕо эбии бөҕөргүүр. Аны, оҥоһук тупсаҕайдык көстөрүн туһугар, хас биирдии утах төбөтүн кырыйан иһэбин. Ол иһин биир оҥоһук олус элбэх бириэмэни ылар. Бу үлэ улахан тулууру уонна сыраҕын биэрэргин эрэйэр. Кумааҕыны эрийэргэ киһи тарбаҕа ыалдьар, көһүйүөн сөп. Саамай үлэтэ манна сытар. Оттон оҥоһугу өрөр судургу. Ким баҕарар үөрэниэн сөп дии саныыбын. Инниктин бэйэм айар-тутар студиябын арынан кэҥээн-улаатан иһиэхпин баҕарабын.
Юлия ПЕСТРЯКОВА