Кылтан илин кэбиһэр

Сылтан-сыл аайы Аан дойду үрдүнэн таҥас-сап, киэргэл муодата хамсаан иһэрин курдук, сахалар национальнай таҥаспытыгар, киэргэллэрбитигэр эмиэ уларыйыылар киирэллэрин бэлиэтии көрөбүн. Хаһан эрэ туостан оҥоһуллубут киэргэллэр биллэ-көстө сылдьыбыт буоллахтарына, билигин кылынан өрүллүбүт симэхтэр инники күөҥҥэ таҕыстылар. Таатта улууһун Алдан нэһилиэгэр олорор айар куттаах Тарабукиннар дьиэ кэргэн күн күбэй ийэлэрэ Лена Тарабукина кылы, сиэли, оҕуруону уонна сэлии муоһун дьүөрэлээн тупсаҕай көстүүлээх киэргэллэри оҥорор.

Кэргэнэ Сергей өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр быһах ууһа. Лена маҥнай кэргэнигэр көмөлөһөн быһахха анаан араас быаны-туһаҕы өрөн саҕалаабыт. Онтон сиэттэрэн киэргэл оҥоһуктарынан дьарыктанан эрэр. Быйыл “Арчы дьиэтэ” духуобунай култуура киинэ куйаар ситимин нөҥүө тэрийбит “Сиэдэрэй симэҕим, кэрэ-мааны киэргэлим” диэн күрэҕэр үһүс үрдэл кыайыылааҕа буолла. Ленаҕа өссө үрдүк ситиһиилэри, айар үлэҥ сайда, кэҥии турарыгар баҕарабыт.

Бастаан күнүн уонна кылдьыытын (ыйын) оҥоробут. Кээмэйин бэйэҕитигэр табыгастаах буоларын курдук фетр матырыйаалга быһаҕыт.

Бу илин кэбиһэр күнэ сэлии муоһуттан кыһылынна.“Ойуу тыла” диэн суолталаах оһуор туттулунна. Кытыытын хаартыскаҕа көстөрүн курдук киэргэтэбит. Ыйа үрүҥ сылгы сиэлинэн уонна оҕуруо көмөтүнэн оҥолуһунна. Илин кэбиһэр сэттэ салбырҕастаах буолар, оҕуруолара эмиэ сэлии муоһуттан тыҥырах ойуутунан киэргэтиллэн кыһылыннылар. Муос оннугар табыгастаах оҕуруолары, тимирдэри туһаныаххытын сөп.

Салбырҕастарын 8 утаҕынан өрдүм. Хас биирдии утахха 12-лии кылы баайдым. 4 маҥан, 4 хара сүүмэҕи арыттаан уураммын өрдүм. Киистэтэ үрүҥ сылгы сиэлинэн оҥоһулунна.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...