Ксения Говорова диэммин, Уус Алдан улууһун Тандатыттан төрүттээхпин. Оскуоланы Мэҥэ Хаҥалас Майатыгар бүтэрбитим. Идэбинэн математика учууталабын. Кэргэннээхпин, билигин оҕолорбун көрөн олоробун.
Үгүс кэрэ аҥаар дэкириэккэ олорор кэмигэр тугунан эмэ дьарыктаныан баҕарбыт буолуохтаах. Мин эмиэ оннук санааттан былырыыҥҥыттан чүмэчи оҥоруунан сөбүлээн дьарыктанабын. Социальнай ситимҥэ дьон араас суруктаах-бичиктээх, баҕа санаалаах чүмэчилэри оҥорорун көрөммүн олус сэҥээрбитим. Уонна, Саҥа Дьыл бырааһынньыгар чугас дьоммор бастакы чүмэчилэрбин оҥорон бэлэхтээбитим. Биллэн турар, маҕаһыыҥҥа чүмэчи арааһа элбэх. Парафинтан, дьиҥнээх буоскаттан да оҥоһуллубуттар бааллар. Оттон мин оҥорор чүмэчилэрим уратылара туохха сытарый диир буоллахха, сахалыы, нууччалыы суруктаах оҥоробун. Ол аата чүмэчи иһитин түгэҕэр сурук хаалларабын, чүмэчи умайан буоската уулуннаҕына ол сурук көстөн кэлэр. Ону таһынан, араас формалаах гынабын уонна аромасашелары эмиэ оҥоробун. Дьон үксүн бырааһынньыктарга үлэһэр, холобур, тапталлаахтар күннэригэр «Мин эйигин таптыыбын» эбэтэр «Төрөөбүт күҥҥүнэн» диэн суруктаах оҥоттороллор.
Матырыйаалбын Новосибирскай куораттан үлэһэн ылабын. Буоска, сыттаах арыы (аромамасло), фитиль арааһа элбэх. Хаачыстыбалара ханна оҥоһуллубуттарыттан эмиэ тутулуктаах. Тус бэйэм ордук соевай, кокосовай, пальмовай буоскаларынан туттабын. Минньигэс, үчүгэй сыттаах буолалларын туһугар сыттаах арыыны кутабын.
Билигин ханнык баҕар идиэйэни дьоҥҥо-сэргэҕэ таһаарарга социальнай ситимнэр көмөлөһөллөр. Онно нууччалыы эттэххэ «контент» оҥоруохха наада. Ону устарга, хаартыскаҕа түһэрэргэ иэйии, саҥалыы көрүү ирдэнэр. Миигин соҕуруу дойду маастардарын үлэлэрэ, кинилэр ураты, сонун «контеннара» көҕүлүүр диэхпин сөп. Онно бэйэм көрүүбүн киллэрэн уларытан-тэлэритэн биэрэбин. Социальнай ситимнэр нөҥүө үлэлиир көрдөххө судургу курдук эрээри, киһи бириэмэтин наһаа ылар. Ол иһин, сылайаары, уостаары гыннахпына, кыратык тэйэ түһэбин уонна араас дьаармаркаларга кыттан сэргэхсийэбин.
Инникитин өссө да сайдыахпын, саҥаны-сонуну киллэриэхпин баҕарабын. Атын айар-тутар бөлөхтөрү кытта холбоһон бырайыак оҥоруохтаахпыт уонна маастар-кылаас ыытары былаанныыбын. Бу курдук бэйэм туспа дьарыктаах буоларбыттан олус үөрэбин, күннээҕи түбүктэн сынньанабын, уоскуйабын.
Чүмэчи оҥорууга маастар-кылаас
Биһиэхэ ирдэнэр: ыстакаан (бааҥка) эбэтэр кыраһыабай иһит, 90 гр соевай буоска, сыттаах арыы (эфирнай арыы эмиэ барсар), мас эбэтэр хлопковай фитиль, буосканы уулларар иһит, ыйааһын, термометр уонна ньуоска.
Буосканы иһиккэ кутан кыра уокка уу паарыгар уулларабыт. Аргыый аҕайдык булкуйабыт уонна температуратын кэтиибит.
Ууллубут буоска 70-75 кыраадыска диэри итийбитин кэннэ 10 гр сыттаах арыыны кутабыт. Дьалкыппакка үчүгэйдик булкуйабыт, салгына суох буолуохтаах. Онтон сойута уурабыт.
Иһиппит түгэҕэр фитильбытын килиэйдиибит.
Буоска температуратын 38-40 кыраадыска диэри түһэрэн баран иһипппитигэр кутабыт.
Чумэчи тоҥо илигинэ араастаан киэргэтэбит.
Саҥа дьыллааҕы мааны сандалыны киэргэтэр чүмэчи бэлэм буолла!
Чүмэчини оҥоруу биир сүрүн кистэлэҥэ диэн, температуратын тутуһуохха наада. Ханнык баҕар буоска, сыттаах арыы ууллар, тоҥор температуралаах. Ону барытын сөпкө тутуһан оҥордоххо табыллар.
Венера Охлопкова