Эр киһи уонна дьахтар сыһыаннарын туһунан биллэр дьон этиилэрэ

  • Эн аттыгар кэргэниҥ, оҕолоруҥ, дьонуҥ дьоло суох буоллахтарына, ол аата эн эр киһи аналын толоро илик эбиккин. Мандар Уус
  • Эр киһиэхэ дьахтар хайдах сыһыаннаһар да, хардата оннук буолар. Эр киһи дьахтары харыстыахтаах, дьиэ иһин кини тутан олорор.
  • Эр киһини атын эр киһиэхэ тэҥнээбэт куолу. Ханнык баҕарар ыал аҕата бэйэтэ туспа кэрэ, бэйэтэ туспа кыахтаах.
  • Дьиэ иһигэр эр киһи баар буоллаҕына — дьиэ иһэ сылаас, эркин бүтэй, эр киһи — туллар тутаах, иэгэйэр иэччэх, өһүө уонна акылаат диэн буолуохтаах. Аҕа баһылыкка оннук сыһыан, эрэмньи, тулааһын курдук көрүү баар буо­луохтаах.
  • Билиҥҥи эр киһи, дьиэ баһылыга бигэ тирэхтээх, үктэлэ, ыллыга, аартыга чиҥ уонна киэҥ буолар. Күннээҕинэн олороро табыллыбат, сарсыҥҥы баарын, кэлэр кэм күүтэрин сыаналыыр күүстээх ыра санаалаах. Хас биирдии омук таһымын бэлиэтэ — эр киһитэ, кини олоххо ирдэбилэ, олоҕу көрүүтэ, айылҕаны, эбэни кытта сибээһэ — ити барыта эр киһинэн, айылҕанан дьайыллар эбит. Эр киһинэн норуот сыаналанар: кини тубарсыйан, кэхтэн эрэрэ дуу, сайдыы таһымыгар тахсан эрэрэ дуу, эбэтэр кэлэр кэм буолар уларыйыыларга олук уурсара дуу, уурсубата дуу. Эр дьон нөҥүө, кини дьүһүнүнэн-бодотунан, саҥатынан- иҥэтинэн, үлэтинэн-хамнаһынан, бүппэт түбүгүнэн, салайар-такайар дьоҕурунан сылыктаан бүтүн норуокка сыана быһаллар эбит. Эдьиий Дора
  • Эр үтүөтэ ойоҕо, оҕото-уруута суох буоллаҕына, дьиэтэ-уота хобдохсуйар, кэскилэ кэрэгэй дьылҕаланар. Дапсы

 

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...