Үтүө күнүнэн күндү ааҕааччылар! Мин аатым Любовь Дмитриева. Кыыс Амма кытылыттан, Болугур нэһилиэгиттэн сылдьабын. Кэргэним Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх, икки кыталык кыргыттарбыт уһуйаан иитиллээчилэрэ. Билигин Дьокуускай куоракка олоробут. Былырыын кыһын саҥа дьиэ туттан киирбиппит. Дьиэбит ис-тас өттун киэргэтэрбитин олус сөбүлүүбүт. Мин арааһы барытын астаан дьоммун күндүлүүрбүн уонна шнуртан араас быһыылаах корзиналары тигэрбин ордоробун.
Куурусса эттээх салаат
Бу салаат бырааһынньыктааҕы остуолу олус киэргэтэр, астааһына да судургу. Ол курдук, биһиэхэ наада биир куурусса буута, биир сымыыт, помидор, сыыр, суухара (хатарыллыбыт килиэп), чеснок, майаныас уонна салаат сэбирдэҕэ. Куурусса буутун буһарабыт эбэтэр ыһаарылыыбыт, сымыыты эмиэ буһаран бэлэмниибит. Ол кэмҥэ чесногу кыра гына илдьиритэн баран майаныаһы кытта буккуйан соус оҥоробут. Кыратык туустуурбутун умнубаппыт. Барыта бэлэм буолбутун кэннэ тэриэлкэҕэ бастаан быһыллыбыт салаат сэбирдэҕин тэлгэтэбит. Ол үрдүгэр кууруссабыт этин, кырбаммыт помидору, сымыыты онтон суухараны уонна теркаламмыт сыыры кутабыт. Ол үрдүгэр соуспутун тамалатабыт. Олус минньигэс уонна тотоойу салаат буолар.
Кытай пельменэ
Оҕо сылдьан эбэбит Ылдьаана пельмень оҥорор кэмигэр, остуол тула олорон тутуһан-хабыһан, илии-атах буолан көмөлөһөрбүт. Билигин бэйэм дьиэ кэргэммэр куруук астыыбын. Ол курдук, тиэстэтин оҥорорго ыстакаан уу, 1 ч нь туус, биир сымыыт уонна бурдук наада. Начыыныгар эриллибит эт, хаппыыста, туус-тума, чеснок уонна луук туттуллар. Бастаан тиэстэбитин оҥоробут, ууга сымыыт, туус кутан буккуйабыт уонна төһө ыларынан бурдук кутан мэһийэбит. Дьэ, ол кэннэ начыыммытыгар киирэбит. Хаппыыстаны кыра гына кырбаан, чеснок, луук эбэбит уонна ыһаарылыыбыт. Онтон сиикэй эти кытта холбуубут, тууһун-туматын амсайан көрөн кутабыт. Ол кэннэ тиэстэбитин тэнитэн төгүрүктэри оҥоробут уонна начыыммытын кутан суулуубут. Бастаан хобордооххо кыра уокка ыһаарылыыбыт. Саһарбыттарын кэннэ уу кутан баран хаппахтаан туруора түһэбит. Уута уолуор диэри аргыый аҕай буһар.
Эбиэс куруппаттан бэчиэнньэ
Бу бэчиэнньэни оҕолор үүккэ уган астына сииллэр. Астааһына олус судургу. Биһиэхэ наада: 100 гр сиир арыы, 60 гр саахар пудрата, биир сымыыт, 1 гр ванилин, туус, 12 гр разрыхлитель, 100 гр эбиэс куруппата, 100 гр бурдук. Бастаан арыыга саахар пудратын, сымыыты кутан мэһийэбит онтон хаалбытын барытын кутан буккуйабыт. Духуопка илииһигэр төгүрүктэри оҥорон уурабыт. 180 кыраадыс сылыйбыт оһоххо 20-чэ мүнүүтэ уган ылабыт.
Куурусса эттээх, оҕуруот астаах шашлык
Ирдэнэр: 2 уст. куурусса түөһэ, 4 ост нь соевай соус, 2 ост нь мас арыыта, 2 уст. чеснок, сөбүлүүр оҕуруоккут аһа (минньигэс биэрэһи кытта луук ордук барсар). Куурусса этигэр соевай соус, мас арыыта, чеснок, туус-тума кутан буккуйабыт уонна кыратык туруора түһэбит. Онтон кыра гына кырбаан баран синньигэс маска шашлык курдук барытын анньабыт. Ол кэнниттэн духуопкаҕа чаас аҥаара уган ылабыт.
Минньигэс бэрэски
Хас биирдии хаһаайка бэрэскини ааһан иһэн астыыр буолуохтаах. Ол эрэн, бары тус-туһунан уратытык астыыр буоллахпыт дии. Мин бэйэм сөбүлээн астыыр рецеппын үллэстиэхпин баҕарабын. Ол курдук, тиэстэҕэ биирдии ыстакаан үүт, уу, 1 ч нь туус, 1 ост нь саахар, 1 пачка доруоһа, биир сымыыт, 3 ост нь мас арыыта уонна бурдук наада. Тиэстэни охсон баран иһигэр ириистээх эти кутан суулаан баран ыһаарылыыбыт. Бу тиэстэ рецебынан «ушки», пицца эмиэ оҥоруохха сөп.
Дьаабылыкалаах бискибиит
Соһуччу ыалдьыттар кэллэхтэринэ бу бискибиити оҥорон күндүлүөххэ сөп. Ол курдук, биир дьаабылыка, түөрт сымыыт, биирдии ыстакаан саахар, бурдук ирдэнэр. Бастаан сымыыты кытта саахары үчүгэйдик үллүөр диэри миксерынан эриттэрэбит. Ол кэннэ бурдук кутан буккуйабыт. Дьаабылыканы кыра гына кырбаан баран астыыр иһиппит түгэҕэр тэлгэтэбит уонна үрдүгэр саахар кутабыт. Онтон тиэстэни кутан баран 20-25 мунуутэ 180 кыраадыска уган буһарабыт.
Минньигэстик аһааҥ!