«Былыттар» минньигэс ас

Сымыыт үрүҥүттэн астанар меренгэ диэн олус сымнаҕас уонна минньигэс ас баарын билэбит. Бу аһы астыырга элбэх ингредиент наадата суох. Сүрүн бородуукталарынан сымыыт үрүҥэ, саахар, күөрчэх буолаллар. Киһи айаҕар ууллан хаалар, былыты санатар аһы астаныҥ, күндү дьоҥҥутун күндүлээҥ.

Сымыыт үрүҥэ — 4 устуука

Мэлии саахар (сахарная пудра) — 220 г

Лимон кислотата — кымаах

Кукуруза крахмала — 1 улахан ньуоска

Биһилигэ:

Күөрчэх үүтэ (33%)  — 200 мл

Иэдьэгэй сыыр (творожнай сыыр) — 200 г

Мэлии саахар — 40 г

Туолбата:

Малина эбэтэр сөбүлүүр отонуҥ

Астааһына:

Сымыыт үрүҥүн үчүгэйдик миксерынан эрийтэрэбит, мэлии саахары, лмион кислотатын эбэбит. Үчүгэй, тура сылдьар кэлимсэ буолбутун кэннэ, меренганы  халыыпка тэлгэммит пергамент кумааҕы үрдүгэр кутан тэнитэбит уонна 150 кыраадыска диэри сылыйбыт духуопкаҕа 20-25 мүнүүтэ буһарабыт. Буһа турар кэмигэр крем бэлэмниибит. Холодильникка турбут күөрчэх үүтүн мэлии саахары кытта миксерынан кыратык ытыйабыт, ол кэннэ иэдьэгэй сыыры эбэн кыра күүскэ эрийтэрэбит. биир кэлимсэ буолбутун кэннэ меренгэ үрдүгэр ымньыыбыт уонна үрдүгэр малиналары уурабыт. Рулет гына суулуубут. Холодильникка уган аҕыйах чаас туруора түһэр ордук. Минньигэстик аһааҥ.

 

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...