Дуняша минньигэс астара

Евдокия Попованы билбэт кэрэ аҥаар арааһа ахсааннааҕа буолуо. Кини социальнай ситим нөҥүө  судургу эрээри  олус минньигэс рецептэри үллэстэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр буолбута диэтэхпинэ, бука, алҕаһаабат буолуохтаахпын.  Ол курдук, ис киирбэх дьүһүннээх, нап-нарын куоластаах кыыс ас астыырын, дьиэ-уот бүппэт түбүгүн хайдах үмүрүтэрин, кэргэнин, оҕолорун кытта истиҥ сыһыанын, туох да хабаатыннарыыта, үлүннэриитэ суох хайдах баарынан  кэпсиир, көрдөрөр. Евдокия  талыы талба Таатта улууһуттан төрүттээх, Петр диэн  тойон эрдээх, эмдэй-сэмдэй уоллаах кыыс оҕолордоох, “Уютно” иһит маҕаһыынын хаһаайката буолар.

Хортуоскалаах сибиинньэ ойоҕоһо

 

Сибиинньэ ойоҕоһо – 1 кг
Хортуоска – 1 кг
Минньигэс биэрэс – 2 устуука
Луук – 1 устуука

Маринада:
Соевай соус – 100 мл
Уу – 100 мл
Туус – 1 ч.нь.
Хара мэлиллибит биэрэс
Паприка – 1 ост.нь.
Хаппыт  укуруоп – 1 ст.нь.

Хортуоска тумата:
Мас арыыта  — 2-3 ст.нь.
Туус — 1 ч.нь.
Паприка – 1 ч.нь.

Астааһына:

Бастаан маринады оҥоробут.  Ирбит эти  кырбыыбыт, үрдүгэр соевай соус, туус, биэрэс, паприка,  укуруоп кутабыт уонна биэс мүнүүтэ үчүгэйдик буккуйабыт. Ол кэнниттэн  уу кутан баран   эмиэ үчүгэйдик имитэн биэрэбит.  Эппит 1-1,5 чаас устата маринадыгар сытыахтаах.
Хортуосканы, минньигэс биэрэһи, луугу   улахан гына кырбыыбыт.  Хортуосканы  оргуйа турар ууга 5-7 мүнүүтэ уган буһара түһэбит. Бу аата хортуоска духуопкаҕа  түргэнник буһарыгар көмөлөһөбүт. Биэрэһи,  луугу  туустуубут, паприка, мас арыытын кутан буккуйабыт.
Духуопканы  180 кыраадыска холбоон бэлэмниибит. Противеҥҥа пергамент кумааҕытын эбэтэр фольга тэлгиибит. Бастаан ойоҕоспутун, хортуоскабытын   тэниччи уурабыт уонна  фольганан бүрүйэбит. Сылыйбыт духуопкаҕа  20 мүнүүтэ буһарабыт, ол кэнниттэн  фольгатын ылан баран эмиэ   30 мүнүүтэҕэ угабыт. Ол аата уопсайа 45-50 мүнүүтэ буһар.  Буспутун кэннэ укуруобунан киэргэтэбит.

Оҕуруот астаах пельменнэр

Тиэстэтигэр:
Сымыыт – 1 устуука
Бурдук — 3 ыстакаан
Итии уу — 1 ыстакаан
Мас арыыта — 3 ост.нь.
Туус — 1 ч.нь.

Начыыҥҥа:
Эриллибит ынах этэ — 500-700 гр
Луук – 1 устуука
Укуруоп

Оҕуруот астара:
Моркуоп
Луук
Минньигэс биэрэс
Томатнай паста – 1 ост.нь.
Үүт – 150 мл
Туус

Сымыыты кытта тууһу буккуйабыт, мас арыытын  эбэбит. Онтон үс ыстакаан бурдук кутан буккуйабыт. Саамай сүрүнэ диэн,  барыта биир ыстакаанынан кээмэйдэниэхтээх.  Дьэ, онтон  оргуйбут итии ууну  бурдукка кутан буккуйабыт.  Тахсыбыт тиэстэни  остуолга илиибитинэн мэһийэбит. Сып-сымнаҕас тиэстэ буолан тахсыахтаах. Ону пакекка уган холодильникка сойута уурабыт.

Ол кэмҥэ начыынын бэлэмниибит. Луугу, укуруобу кыра гына   кырбыыбыт. Луугу блендердээтэххэ ордук үчүгэй буолар. Онтон  ирбит эриллибит эппитигэр   кутан туустуубут, буккуйабыт.

Тиэстэни холодильниктан хостоон баран икки өлүүгэ араарабыт. Чап-чараас буолуор диэри  тэнитэбит уонна үрдүгэр эппитин кутабыт. Онтон рулет курдук эрийэн баран, сап көмөтүнэн  бысталыыбыт. Аҥарын  эмиэ маннык гынабыт.

Ол кэнниттэн  оҕуруот аспытын  бэлэмниибит. Ханнык баҕар  оҕуруот аһа барсар. Барытын кырбаан баран  мас арыытыгар  ыһаарылыыбыт. Үрдүгэр 1 ост.нь. томатнай паста уонна үүт кутан оргута түһэбит. Онтон  пельменнэрбитин  уурабыт уонна сабар гына уу кутабыт. 30-ча мүнүүтэ бытаан уокка, хаппах анныгар буһарабыт. Уутун наһаа уоллара сатаамаҥ.

 Эттээх сылаас салаат

Ынах этэ – 300 гр
Араас дьүһүннээх минньигэс биэрэс – 2 устуука
Сибиэһэй оҕурсу – 2 устуука
Эриэппэ луук – 1 устуука
Салаакка кутуллар араас от-мас (салатный микс)
Соевай соус – 100 мл
Туус
Кунжут сиэмэ

Астааһына:

Бу салааты ынах этинэн эрэ буолбакка,  ханнык баҕар этинэн  оҥоруохха сөп. Бастаан  сиикэй эти чараас гына кырбыыбыт уонна үрдүгэр соевай соус кутан маринад оҥоробут. Бу курдук оҕуруот астарын кырбыыр кэммитигэр турар. Биэрэһи, луугу улахан гына кырбыыбыт. Оҕурсу сиэмэлээх сымнаҕас  өттүн ылабыт, кытаанаҕын эрэ кырбыыбыт. Салаат  сэбирдэхтэрин сууйан-сотон куурдабыт. Онтон хобордооххо кыратык мас арыыта кутан, орто уокка 8-10 мүнүүтэ хаппахтаабакка эрэ эппитин ыһаарылыыбыт. Оччоҕо   эрэ саһара буһар.  Ол кэнниттэн оҕуруот астарын  барытын кутабыт уонна сэттэ мүнүүтэ тэптэрэбит. Кыратык туустуургутун умнумаҥ.

Улахан нэлэгэр тэриэлкэҕэ бастаан  салаат сэбирдэхтэрин тэлгэтэбит. Ол үрдүгэр  сылаас салааппытын кутабыт уонна кунжут сиэмэнэн киэргэтэбит. Салааппыт бэлэм буолла.

Минньигэс панкейк

Үүт – 300 мл
Сымыыт – 2 устуука
Сахар – 50 гр
Разрыхлитель – 8 гр
Бурдук — 230-250 гр
Мас арыыта – 2 ост.нь.
Ванильнай сахар – 1 ост.нь. (ванилин 1 гр)

Астааһына:

Үүккэ сымыыт кутан ытыгынан эбэтэр венчигынан  буккуйабыт. Онтон сахар, ванильнай сахар кутабыт. Туспа иһиккэ бурдугу уонна разрыхлители холбуубут уонна аа-дьуо үүккэ кутан буккуйабыт. Саамай бүтэһик мас арыыта кутуллар. Тиэстэбит бэлэм буолла.

Хобордоохпутун эрдэттэн сылытабыт. Уоппут наһаа күүстээх буолуо суохтаах. Панкейк бэйэтэ халыҥ буолан, бытаан уокка буһара ордук. Алаадьы курдук  кутан буһарабыт.

Суоратынан оҥоһуллар бискибиит

 

Сымыыт – 4 устуука
Сахар — 1 ыстакаан
Суорат (кефир) – 1 ыстакаан
Бурдук — 1 ыстакаан
Сода – 1 ч.нь.
Разрыхлитель – 1 ч.нь.

Астааһына:

Бастаан духуопкабытын 180 кыраадыска  холбоон бэлэмниибит.
Сымыыттары  уонна сахары  миксеринэн  үллүөр диэри
эриттэрэбит. Онтон  суораты  кутан баран   буккуйабыт. Бурдукка соданы уонна разрыхлители кутан   сиидэлиибит. Ол кэнниттэн    тиэстэҕэ кутан мискеринэн эриттэрэбит. Формаҕыт  түгэҕэр  фольга эбэтэр пергамент кумааҕыны  тэлгииргитин умнумаҥ. 180 кыраадыска 40 мүнүүтэ буһарабыт.

 

Минньигэстик аһааҥ!

 

 

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...