Кууруссаттан паштет
Бэйэ оҥорбут паштета олус минньигэс буолар. Сарсыардааҥҥы аһылыкка килиэпкэ биһэн сиир астык. Бу паштет — тотоойу, минньигэс уонна саамай сүрүнэ, туһалаах. Тускутугар туһаныҥ!
- Куурусса түөһэ — 500 г
- Куурусса буспут уута
- Эриэппэ луук — 1 устуука
- Моркуоп – 2 устуука
- Араҕас изюм — 100 г
- Туус, биэрэс сөбүлүүргүнэн
- Куурусса түөһүн ууга 30 мүнүүтэ буһарабыт. Буспут миинин сиидэлиибит.
- Куурусса этин, луугу, моркуобу кырбастыыбыт. Изюму ыстакаан аҥара куурусса миинигэр илитэбит.
- Луугу кыра арыыга саһарчы ыһаарылыыбыт, онно моркуобу сымныар диэри буһарабыт.
- Истээх миискэҕэ куурусса этин, ыһаарыламмыт луугу, моркуобу, изюму кутабыт. Онно кыратык куурусса мииниттэн эбэбит.
- Барытын биир кэлимсэ буолуор диэри блендерынан ньыһыйтарабыт.
- Бэлэм паштеты иһиттэргэ кутабыт, сойбутун кэннэ холодильникка угабыт.
Сүбэ: паштеты эрдэттэн бэлэмнээн, кыра иһиттэргэ кутаталаан морозильникка тоҥоруоххутун сөп. Кэмиттэн кэмигэр сиир курдук.
Кэриэйдии буспут убаһа этэ
Бу минньигэс бүлүүдэ кэриэй норуотун куукунатыттан силистээх. Омос көрдөххө астааһына уустук курдук эрээри, судургу уонна билиҥҥи кэмҥэ маҕаһыыннарга баар бородуукталартан астанар.
4 киһи аһыырыгар наада:
- Убаһа этэ — 400 г
- апельсин – 1 устуука (сүмэһинин туттабыт)
- Чеснок — 2 өлүүскэ
- Мүөт — 2 улахан ньуоска
- Соя соуһа — 5-6 улахан ньуоска
- Орто кобочуок — 250 г
- Моркуоп — 200 г
- Шампиньон — 200 г
- Сибиэһэй шпинат — 200-300 г
- Кунжут – киэргэтэргэ
- Рис – 1 ыстакаан
- Сымыыт 4 устуука (глазунья)
Астааһына:
- Маринад оҥорорго апельсин сүмэһинин, бытархай гына кырбастаммыт чесногу, мүөтү, соя соуһун холбуубут. Убаһа этин чараас эбэтэр уһун субуйа гына кырбыыбыт уонна чаас аҥара маринадка туруорабыт.
- Кобочуогу, моркуобу, шампиньону уһаты кырбастыыбыт. Бастаан кобочуогу, онтон моркуобу, салгыы шампиньону тус-туспа саһарчы ыһаарылыыбыт. Шпинат сэбирдэҕин 3-4 мүнүүтэ ууга буһаран баран сиидэлиибит уонна олива арыытын кутан булкуйабыт.
- Убаһа этин ыһаарылыыбыт.
- Рис буһарабыт.
- Сымыыты хобордооххо ыһаарылыыбыт.
- Остуолга уурарбытыгар миин иһэр иһиккэ: бастаан рис кутабыт, ол үрдүгэр эргиччи моркуоп, шпинат, эт, шампиньон, кобочуок уурабыт. Ортотугар ыһаарыламмыт сымыыт. Үрдүгэр кунжут таммалатыахха сөп. Сиэхпит иннинэ булкуйабыт.
Сүбэ: бу бүлүүдэҕэ нори (муора салахайа) эбии ууруохха сөп.
Татьяна Пестрякова