Иэдьэгэйтэн астыыбыт

“Далбар Хотун” истиҥ дьүөгэтэ Светлана Саргыдаева иэдьэгэйдээх тиэстэттэн астаммыт минньигэс ырысыаптарын  үллэстэр. Кини  аан бастаан бэчиэнньэ буһаран көрбүт. Ол кэннэ судургутун, түргэнник оҥоһулларын сэргээн араас аһы астаан боруобалаабыт. “Тиэстэҕэ саахары куппатахха бэрэски, пицца, оҕуруот астаах галета бэркэ табыллар”, — диэн кэпсиир.

Корицалаах эриллэҕэстэр

 

Тиэстэтэ:

  • Иэдьэгэй — 180 г
  • Саахар — 100 г
  • Ириэнэх ынах арыыта — 100 г
  • Сымыыт — 2 устуука
  • Кымаах туус
  • Суода — 0,5 кыра ньуоска
  • Бурдук — 2,5 ыстакаан

Туолбата:

  • Мэлиллибит корица — 3 улахан ньуоска
  • Саахар — 3 улахан ньуоска

Биһилигэ:

  • Сүөгэй эбэтэр үүт үрдэ — 1 ыстакаан
  • Саахар — 2 улахан ньуоска

Иэдьэгэйи бииккэнэн илдьирит, сымыыты, тууһу, суоданы, саахары, арыыны, бурдугу холбуу кут. Тиэстэ илиигэ сыстыа суохтаах. 0,5-1 см халыҥнаах, көнө түөрт муннук гына тэлгэт. Кори­цаны уонна саахары бииргэ буккуйан баран тиэстэ үрдүгэр кут. Онтон рулет курдук эрий уонна 3 см гына-гына бысталаа. Эриллэҕэстэри тимир лиискэ уурталаан 180 кыраадыска диэри сылыйбыт духуопкаҕа 20-25 мүнүүтэ буһар. Сүөгэйи сааха­ры кытта буккуйан баран сылаас эриллэҕэстэр үрдүлэригэр кут.

Икки устуука галета

Тиэстэ:

  • Иэдьэгэй — 180-200 г
  • Саахар — 100 г
  • Ынах арыыта — 100 г
  • Кымаах туус
  • Сымыыт — 1 устуука
  • Ванилин — быһах төбөтүгэр
  • Бурдук — 2-2,5 ыстакаан
  • Суода — 0,5 кыра ньуоска

Туолба:

  • Абрикос — 500 г
  • Кыра саахар
  • Биһэргэ сымыыт — 1 устуука

Сымыыты, иэдьэгэйи, саахары, ванили­ны холбоо. Ириэнэх ынах арыытын, бурдугу, суоданы эбэҥҥин тиэстэни мэһий. Тиэстэни икки галета тахсарын курдук аҥаардаа. Арыы­нан биһиллибит пергаментнай кумааҕыга, тиэстэни 1 см тиийбэт халыҥнаах  төкүнүк гына быһыылаан тэлгэт. Ортолоругар уҥуоҕуттан ыра­астаммыт абрикостары уурталаа, үрдүлэригэр саахары кут. Тиэстэлэр кытыыларын хомуйан, тупсаҕай гына быһыылаа уонна  сымыыт уоһаҕынан  сот. 200-220 кыраадыска диэри сылыйбыт духуопкаҕа 15-20 мүнүүтэ саһарыар диэри буһар.

Көмүс истээх рогаликтар

  • Иэдьэгэй (“Молочный дождик”) — 2 хаа
  • Сымыыт — 2 устуука
  • Саахар — 0,5 ыстакаан
  • Ууллубут ынах арыыта эбэтэр мас арыы­та — 0,5 ыстакаан
  • Кымаах туус
  • Суода — 1 кыра ньуоска
  • Бурдук — 3 ыстакаан
  • Абрикос джем — 1 бааҥка
  • Биһэргэ сымыыт — 1 устуука

Иэдьэгэйи бииккэнэн илдьирит, суоданы, тууһу эбэн бук­куй. Сымыыты, сахаары, арыыны, сиидэлэммит бурдугу кутан тиэстэни илиинэн мэһий. Онтон 3 мм халыҥнаах гына тэл­гэт. Улахан тэриэлкэ көмөтүнэн төкүнүк гына быс. Төкүнүгү аҕыс үс муннук буоларын курдук аҥаардаа. Үс муннук тиэстэ үрдүгэр кыра ньуосканан абрикос джемын кут уонна суулаа. Рогаликтары сымыытынан сотон баран, 180 кыраадыска диэри сылыйбыт духуопкаҕа 20-25 мүнүүтэ  саһарчы буһар. Сып-сымнаҕас, минньи­гэс рогаликтар бэлэмнэр.

Отонноох бөрүөк

  • Иэдьэгэй (“Молочный дождик”) — 180 г
  • Сымыыт — 2-3 устуука
  • Саахар — 0,5 ыстакаан
  • Мас арыыта — ¼ ыстакаан
  • Туус — 0,5 кыра ньуоска
  • Суода — 1 кыра ньуоска
  • Бурдук — тиэстэ төһөнү ыларынан
  • Ханнык баҕар хойуу барыанньа, повидло, джем.

Иэдьэгэйи бииккэнэн илдьирит, барытын бииргэ кутан ба­ран, тиэстэни илиигинэн мэһий. Илиигэ сыстыбат буолуохтаах. Халыыбы тоҥ ынах арыытынан сот, тиэстэ улахан аҥаарын тэлгэт, үрдүгэр хойуу барыанньаны тарҕат. Ордубут тиэстэнэн киэргэт. Бөрүөгү 180 кырадыска диэри сылыйбыт духуопкаҕа 15-25 мүнүүтэ буһар.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...