Көбүөрдээх лэппиэскэ. Көннөрү, «көбүөр», «бөһүүккэ» диэн эмиэ ааттыыллар. Бу саха тапталлаах, минньигэс аһын ийэбиттэн үөрэнэн син астыыбын эрээри, киниэхэ тиийбэт. Бэрт кыратык сылыйбыт үүтү ытыгынан тохтоло суох биир тэҥник ытыйа туран, ньалҕаарыччы сымнаабыт ынах арыытын кыра-кыра өлүүнэн кутан биэрэн иһэҕин. Сотору хойдон, мөлбөйөн, маҥхайан тахсар. Оччоҕо араас аска туттуллар оттору, отоннору кутан минньитэҕин. Мин ийэм дьэдьэн эбэтэр саахардаах иэдьэгэй кутара. Салҕыы, оһоххо буһаран сойутуллубут лэппиэскэни бытархай гына тоһуталаан эбэтэр кырбаан кутаҕын. Үчүгэйдик буккуйан баран, томточчу иһиккэ кутан сойутаҕын. Саха минньигэс торда буоллаҕа ити. Минньигэстик аһааҥ.