Мин Анисия Шестакова диэммин, социальнай ситимҥэ ордук Тупсууна диэн аатынан биллэбин. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хорообут нэһилиэгиттэн төрүттээхпин, 27 саастаахпын. 2017 сыллаахха Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үөрэтэр институту бүтэрэн, литературнай үлэһит идэтин баһылаабытым. Үөрэхпин бүтэрэн баран ыал буолбутум уонна үөрэммит оскуолабар Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интэринээккэ үлэлии киирбитим. Онтон кыыстаах уол оҕолонон үс сыл оҕолорбун көрөн олорбутум. Билигин төрөөбүт дойдубар тахсан саха литературатын уонна төрүт култуура учууталынан үлэлии сылдьабын.
Оҕолорбор олорор кэммэр күннээҕи олохпун сэргэхситээри, сөбүлүүр дьарыктаах буолаары, социальнай ситимҥэ судургу ас ырысыаптарын үллэстэн саҕалаабытым. Билигин үгүс сурутааччыларым мин ырысыаптарбын туһанан астаналлар, онтон олус үөрэбин уонна кынаттанабын.
Кобочуок алаадьыта
✅ Саҥа сиппит кобочуок – 1 устуука
✅ Сымыыт – 3 устуука
✅ Чеснок – 1-2 өлүүскэ
✅ Бурдук – 250-300 гр (ол эбэтэр 15 ост нь)
✅ Укроп, петрушка, тума (сөбүлүүргүнэн)
✅ Мас арыыта
✅ Туус – 1 ч нь
Астааһына:
Чесногу ыраастаан, укробу, петрушканы сууйан, куурдан баран кыра гына кырбаа. Дириҥ иһиккэ сымыыттары тумалаан баран буккуй. Онно кырбаныллыбыт укробу, петрушканы, чесногу кут. Кобочуогу сууйан баран бөдөҥ гына теркалаа. Сибиэһэй кобочуок буолбатах буоллаҕына, хаҕын уонна сиэмэтин ыраастыыр ордук. Онтон сымыыты кытта холбоон буккуй.
Ол кэнниттэн бурдугу кутан өссө үчүгэйдик буккуйан биэр. Сылыйбыт хобордооххо алаадьыны оҥорор курдук кутуталаа уонна ньуосканан баттыалаан төгүрүк быһыылаа. Орто уокка саһарыар диэри эргитэ сылдьан 1-2 мүнүүтэ ыһаарылаа. Алаадьылары арыытын оботторор курдук кумааҕы сотторго ууран ис. Итиилии сүөгэйи кытта остуолга уурар ордук.
Эриллибит эттээх, сүөгэйдээх запеканка
✅ Орто кобочуок – 2 устуука
✅ Эриллибит эт 800 гр – 1 кг
✅ Помидор – 3-4 устуука
✅ Сүөгэй (сметана) – 200 г
✅ Сымыыт – 1 устуука
✅ Сыыр – 150-200 гр
✅ Петрушка, укроп
✅ Чеснок – 2 өлүүскэ
✅ Туус, тума
Астааһына:
Кобочуогу теркалаан, туустаан баран буккуй уонна 5-10 мүнүүтэ уута тахсыар диэри туруора түс. Манна сөбүлүүр тумаҕын кутуоххун сөп. Холобур, мин хатарыллыбыт паприка кутарбын сөбүлүүбүн. Эриллибит эти кытта кырбаммыт петрушканы, укробу, теркаламмыт чесногу, туус,
биэрэс кутан үчүгэйдик буккуй. Кобочуок уутун тоҕон баран астыыр иһиккэ аҥаарын кутан тэнит. Бу үрдүгэр эриллибит эт аҥаарын кут. Онтон хаалбыт кобочуогу, ол кэнниттэн ордубут эти кутан тэнит. Ол үрдүгэр кырбаммыт помидордары, амсайан көрөн туус, биэрэс кутан биэр.
Начыыҥҥа:
Сүөгэйгэ сымыыт, туус, биэрэс кутан буккуй уонна кобочуоктаах эккэ кут. Духуопканы 180°C кыраадыска диэри сылытан баран 30-40 мүнүүтэ буһар. Ол кэнниттэн теркаламмыт сыыры, укробу кутан баран эмиэ 15-20 мүнүүтэ уган ыл.
Эттээх лэппиэскэ
Тиэстэтэ:
✅ Бурдук – 500 г
✅ Туус – 0,5 ч нь
✅ Оргуйбут уу – 250 мл
✅ Мас арыыта – 1-2 ост нь
Начыыҥҥа:
✅ Эриллибит эт – 800 г
✅ Эккэ кутуллар тума – 1 ч нь
✅ Туус – 0,5 ч нь
✅ Күөх луук
✅ Укроп
Астааһына:
Миискэҕэ 500 г бурдугу сиидэлээ уонна кыра ньуоска аҥаара туус кутан буккуй. Онтон 250 мл оргуйбут ууну кутан эмиэ үчүгэйдик буккуйан биэр. Ол кэнниттэн 1-2 ост нь мас арыытын кутан мэһий уонна салапааҥҥа суулаан баран 20-30 мүнүүтэ сынньат (холодильникка буолбатах). Ол кэмҥэ начыынын бэлэмнээ. Эриллибит эккэ туус, тума, күөх луук, укроп кутан буккуй. Начыын сүмэһиннээх буоларын туһугар ыстакаан чиэппэрин саҕа уута кут. Тиэстэ тура түспүтүн кэннэ 5-6 өлүүгэ араар, хас биирдиитин чараас гына тэнит уонна ортотугар начыынын уур. Тиэстэ кытыыларын ортотугар тутан холбоон баран ыскаалканан тэнитэн биэр. Эбэтэр илиигинэн хаптаччы баттаа. Хобордооҕу сылыт, сылаас арыынан сот уонна лэппиэскэлэри саһарыар диэри эргитэ сылдьан ыһаарылаа.
Духуопкаҕа буһар түргэн бэрэски
✅ Суорат (кефир) – 300 мл
✅ Бурдук – 500-600 гр
✅ Туус – 1/2 ч нь
✅ Саахар – 1 ч нь
✅ Суода – 1/2 ч нь
✅ Сымыыт – 1 устуука
✅ Мас арыыта – 60 мл
✅ 1 сымыыт уоһаҕа
Астааһына:
Тиэстэтэ олус судургу. Ол курдук, сымыыкка туус, саахар кутан ытый. Ытыйа туран мас арыытын кут. Онтон суораты уонна кыратык суодалаан баран буккуй. Ол кэнниттэн кыра-кыралаан бурдугу кутан тиэстэни мэһий. Аһара элбэх бурдугу куттахха, тиэстэ наһаа кытаанах буолар. Салҕыы остуолга имитэн баран орто төгүрүктэри бысталаа уонна начыынын суулаа. Арыынан сотуллубут эбэтэр аналлаах кумааҕылаах оһох иһитигэр уурталаа. Үрдүлэрин сымыыт уоһаҕынан, саахар сиробунан эбэтэр сиир арыынан сотуохха сөп. Сылыйбыт духуопкаҕа 20-25 мүнүүтэ буһар.
«Нарын» салаат
✅ Хортуоска – 2-3 устуука
✅ Сымыыт – 3-4 устуука
✅ Крабовай палочкалар – 200 г
✅ Эриэппэ луук – 1 устуука
✅ Аһыы дьаабылыка – 1 устуука
✅ Майаныас
Маринада:
✅ 9 % уксуус –2 ч нь
✅ Уу – 50-70 мл
Астааһына:
Хортуоскалары хахтарын ыраастаабакка эрэ буһар. Сымыыттары эмиэ буһаран баран ыраастаа. Буспут хортуоскалары уонна ыраастаммыт дьаабылыканы бөдөҥ гына теркалаа. Крабовай палочкалары кыра эбэтэр уһун синньигэс гына кырбаа. Уксууһу ууну кытта холбоо уонна мээккэлэммит биэрэһи кутан маринад оҥор. Манна бытархай гына кырбаммыт луугу кутан 20 мүнүүтэ туруора түс. Ол кэнниттэн луугу маринадтан хостоон ылан ык. Буспут сымыыттар үрүҥнэрин уонна уоһахтарын тус-туһунан иһиттэргэ теркалаа. Маны барытын улахан тэрилкэҕэ сулуойунан уурталаан ис. Икки ардыларын майаныаһынан соторгун умнума. Ол курдук, хортуоска (кыратык туустаа) + майаныас + луук + дьаабылыка + майаныас + крабовай палочкалар + майаныас + сымыыт үрүҥэ + майаныас уонна теркаламмыт сымыыт уоһаҕын кут. Сымыыт үрүҥүттэн быһыллыбыт сибэккилэринэн, отунан-маһынан, крабовай палочкаларынан киэргэтиэххэ сөп. Салааты холодильникка хоннорон баран сиир ордук.
Дьаабылыкалаах шарлотка
✅ Дьаабылыка – 4-5 устуука
✅ Сымыыт – 4 устуука
✅ Бурдук – 170 г
✅ Саахар – 150 г
✅ Ванильнай саахар – 1 ч нь
✅ Үүт – 4 ост нь
✅ Мас арыыта – 3 ост нь
✅ Разрыхлитель – 1 ч нь
✅ Саахар пудрата
Астааһына:
Дьаабылыкалары сууй, хахтарын, сиэмэлэрин ыраастаа уонна кырбаа.
Сымыыттары ытый, саахар кутан баран эмиэ үчүгэйдик ытый (миксеринэн ытыйыахха эмиэ сөп). Бурдукка разрыхлитель кутан баран сиидэлээ уонна кыра-кыралаан сымыыкка кутан буккуй. Онтон ванильнай саахар, үүт, мас арыыта кут. Сүөгэй курдук хойуу тиэстэ буолан тахсыахтаах. Буһарар иһиккин сиир эбэтэр мас арыынан сот. Тиэстэни кутан баран үрдүгэр кырбаммыт дьаабылыкалары уурталаа. Дуохуопка 180°C диэри сылыйбытын кэннэ 30-40 мүнүүтэҕэ уган буһар. Буһан тахсыбытын кэннэ үрдүгэр саахар пудратын кутан киэргэт.
Минньигэстик аһааҥ !