Байанай маҥнай дьахтар эбит

Мин “Хаппаргар хатаа” кинигэбэр уонна “Аар тайҕа” хаһыаты таһаарар редактор Геннадий Бечеряков көрдөһүүтүнэн Байанай бастаан дьахтар эбит быһыылаах диэн сэрэйиини оҥорбутум. Маҥнай кинигэбэр киирбит кыра лоскуйу аҕалыам:

БАЙАНАЙ ДЬАХТАР ЭТЭ ДУО?

Эдуард Пекарскай тылдьытыгар Байанай диэн тылы ырытарыгар тэҥнээҥ: алтайдыы “Пайана” диэн суруйар. Ол аата биһиги Байанайбыт түүрдэр пай+ана эбэтэр бай+ана (суолтата баай+ийэ) диэн тылларыттан тахсыбыт.

Билигин биһиэхэ Байанай – эр киһи. Ол эрээри, быһыыта, хаһан эрэ кини эр киһи буолбакка, дьахтар эбит. Ону манныктартан көрөбүт: П.А.Ойуунускай “Ойуун үөскээбитин туһунан” ыстатыйатыгар саха дьахтар таҥаралаах омук: Иэйиэхсит (кини ону Ийэхсит, ол эбэтэр ийэ диэн тылтан таһаарар), Айыыһыт, Аан Алахчыт Хотун – диэн этэр. Аны олоҥхоҕо үксэ удаҕаттар ахтыллаллар диир. Дьэ, итилэргэ тирэҕирэн кини саха дьахтар таҥаралаах омук диэн санааҕа кэлбит.
Оттон, мин санаабар, итилэргэ Байанай (Баай+ийэ) эбиллиэн сөп. Ол эбэтэр бу сиргэ олоҕу, тыыннааҕы Ийэ эрэ үөскэтэр. Бука ол иһин буолуо, саха бултаары гыннаҕына хайаан да дьахтары түһүүр. Эбэҥкилэргэ булт таҥарата эмиэ кыыс – Сиҥкэн.

Оччоҕо хаһан Байанай эр киһи буолбутай диэн ыйытыаххытын сөп. Саха төрдө истиэптээх сиртэн тэйэн, ойуурдаах сиргэ олохсуйан баран, уот нөҥүө (уот сахаларга Хатан Тэмиэрийэ, эр киһи) Байанайы аһатарыгар эһэкээн диэн ааттыыр, эр киһи курдук саныыр буолбут. Итиниэхэ эбэҥки – кээн диэн аччатар сыһыарыыта үлүбээй эбиллибэтэҕэ буолуо. Өксөкүлээх Өлөксөй суруйарынан, Байанай тиит хайыһардаах, сыыдам сырыылаах, үөрүнньэҥ уонна хомойумтуо иччи. Дьэ, ону алы гынаары уоту аһатар, көрдөһөр идэлээх. Бултуйар буоллар, саха дьахтары түһүүр. Ити, бука, түбэспиччэ буолбатаҕа чахчы. Бу түгэҥҥэ саха түҥ былыргы өйдөбүлэ – Байанайы дьахтар курдук өйдүүрэ – көбөн тахсар быһыылаах. Онон Байанай маҥнай дьахтар, эр киһи буолбатах этэ диир кыахтаахпыт. Маны арыый кэҥэтэ түһэр сөп. Сахаларга улахан булт иннинэ дьахтары түһээһин, дьахтардыын эйэргэһии хайаан да Байанайга тиксиигэ, бултуйууга тиэрдэрин эр дьон үксэ билэр. Бу түбэлтэ Байанай баата дьахтарга тэҥнэнэ. Эбэҥкилэргэ да, эппиппит
курдук, эдэр кыыс, Сиҥкэн (Һиҥкэн) иччи буолар. Оттон Өксөкүлээх Өлөксөй Байанайы тоҥус курдук туут хайыһарынан сылдьар, үөрүнньэҥ эрээри, хомойоро эмиэ түргэн курдук ойуулуур. Түҥ былыргы төрүппүт истиэп аҥардаах сирдэргэ олорон, баҕар, Байанайы Баай ийэҕэ тэҥниирэ эбитэ буолуо. Дьэ ол иһин билиҥҥи Байанай эр киһи эрээри, дьиҥ баата дьахтар буолан эрдэҕэ. Ити – дьикти. Ол да иһин Ойуунускай “дьиҥ былыргы саха таҥарата – итэҕэлэ барыта, дьахтар “культунан”, Ийиэхсит сабыдыалынан төрүттэммит эбит,” – диэтэҕэ. Кини этэр Ийэхсит, Айыыһыт, АанАлахчын таҥараларыгар эбии Байанай (Баай ийэ) киирсиэн сөп буолбаат?

Түмүктээн эттэххэ, Байанай былыргыта дьахтар буолуон сөп диэн санаам, дьиҥэр, П.А.Ойуунускай көрүүтүн салгыытын курдук өйдөнөрүгэр баҕарыам этэ. Урукку уонна билиҥҥи Түүр тылларын тэҥнээн көрдөххө оннугар тахсар. Оттон түүрдэр төрүттэниилэрэ Алтай диэки буолбута биллэр. Байанай тыл быһыытынан алтаайдар пайаналарыттан тахсыбыта көстө сылдьар, Баай ийэ диэн суолтата бу таҥара эр киһи буолбакка, дьахтар эбитин чопчу ыйар. Онон манна оҥорон көрүү суохха дылы.

 

УРСУН, Россия суруйааччыта, П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, кыраайы үөрэтээччи, саха былыргытын түөһэр “Быралыйбат былыргы”, “Умнуллубат урукку”, “Хаппаргар хатаа” кинигэлэр ааптардар.

 

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...