Уот садаҕа моҕой сыла

Үүнэр 2024 сыл — дракон бэлиэлээх. Бу айылҕаҕа суох кыыл биһиги олоҥхобутугар Уот Садаҕа моҕой диэн ааттанан киирбит. Кинини үөһээ уонна аллараа дойду  бухатыырдара көлө оҥостоллор. Уот Садаҕа Улуу Куйаар олохтооҕо. Көрүҥэ: 4-6 атахтаах, биир бастаах (алларааҥҥы хас да хос бастаах, кыната суох), көтөр кынаттаах, тимир килиэ. Ураты көрүҥнээх буолан күлүмүрдэс, дьэрэкээн, кыһыл өҥнөру сөбүлүүр буолуон сөп. Майгыта: тыйыс, араас кубулҕаттаах эрээри иччитигэр бэриниилээх. Холобур, Улуутуйар Улуу тойон үс дойдуга аатырбыт бухатыыр уола Уот Уһуму Тоҥ Буурай төрүүрүн кытта бу кыылы биэрэр. Төһө да бииргэ улаатталлар иччитэ көлөтүн уон саастааҕар эрэ кыайа тутан айааһыыр. Уот Садаҕа куйаартан түһэригэр, айылҕа күүстэрэ арыаллыыллар: аан холорук, сүллэр этиҥ, сааллар чаҕылҕан… Ол иһин кэлэр сыл күүтүллүбэтэх үчүгэй даҕаны, куһаҕан даҕаны быһыыларынан баай буолуон сөп. Остуоруйа, олоҥхо кыыла буолан бырааһынньыгы таптыыр. Баһын быстахха төттөрү үүнэ турар. Уот тыыннаах, онон уоттан сэрэх буолуҥ!

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...