Мин аҕабын «отоһут этэ» диэтэхпинэ, биир дойдулаахтара сүөргүлүөхтэрэ суоҕа. Кини эдэриттэн ыарыһах буолбута уонна ол ыар ыарыытын утары айылҕа отунан — маһынан охсуспута. Ол эмтэнэн 2-3 сыл эрэ барыа диэбит киһилэрэ, 15 сыл үйэтин уһаппыта. Быраастар, өлбүтүн кэннэ сөҕөн кэпсээбиттэрэ. Ити инники кини сүбэлэригэр бэйэм билиибин эбэн, баҕар туһаныаххыт диэн таһаартаабытым. Үксүн умнубуппун, кини олохтон барарыгар өйүм хойдо илик оҕочоос этим. Биирдэ маннык буолла. Мин тойон эрбэ5им «көрөр» диэн сүрдээх ыарыылаах ириҥэлээх баас буолан таҕыста. Араастаан эмтии сатаата даҕаны бэриммэтэ. Ити кэмҥэ сүөһү өлөрүү саҕаланна. Мин эрбэхпин өрө тутан сылдьабын. Биир киэһээ аҕам сүөһү таҥкычаҕын аҕалла. Өр-өр талан кыра лоскуйу быһан ылла. Сууйан баран мин ыалдьар эрбэхпин ыбылы суулаан кэбистэ: «Хас да күн көрүмэ, «көрөр» көрөрү сөбүлээбэт» диэтэ. Ол түүн дьэ утуйдум. Сарсыныгар ыарыым мүлүрүйбүт. Тыыппатым. Үс хонон баран сүөрдэ. Таҥкычах бааһым ириҥэтин кубарыччы оборон ылбыт. Онтон үтүөрэргэ барбытым.