Кыһыл кинигэҕэ киирбит эмтээх оттортон биир бастыҥнара Бөрө сиир ото (вздутоплодник сибирский) буолар. Бу өр сыллаах, суон, уһун силистээх от, кураанах, үрдүк сиргэ үүнэр. Ордук таас очуостарга, таас хайа дабааннарыгар булуохха сөп. Саха сирин соҕуруу өттүгэр, ордук өлгөмнүк Өлүөхүмэ улууһугар үүнэр. Бөрө сиир ото эмтэнэргэ бүтүннүү туттуллар, туохха туһалыырын ааҕан сиппэккин. Ол эрээри табан тутуннахха силиһэ «өлбөт мэҥэ» уутун курдук абыраллаах. Былыр бу отунан сэллик, проказа, бохооруу курдук ыар ыарыылары амыратар отоһуттар бааллара. Зоб, куртах, оһоҕос, сүрэх, тымыр, сүһүөх дьарҕата о. д. а. ыарыыларга суурадаһын, мэлиллии, көөнньөрүү, испииргэ туруоруу, саба ууруу ньымаларын тутталлар. Төһө даҕаны күндүтүк көрдөрбүт сэрэнэн туттарбытын умнуо суохтаахпыт, тоҕо диэтэххэ, өлүүтүн таппатахха күүстээх дьаакка кубулуйар. Аны, бөрө сиир отугар майгынныыр от элбэх, онтон эмиэ сэрэниҥ.